Дойдубут туһугар биир санаанан. Улуустааҕы көмө оҥорор пуун СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар баһыылкалары бэлэмнээн Дьокуускайга илдьэн туттарда.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Бүлүү улууһун көмө оҥорор пуунун үлэһиттэрэ, улуус дьаһалтата массыына биэрэн, 15 уолга аадырыстаммыт баһыылкалары, госпитальга анаан тикпит, оҥорбут малларбытын, Саха сириттэн сулууспалыыр байыастарга түмсүү ийэлэрэ илиилэрин сылааһынан тикпит ардахтан харыстанар пончаларын, харыстанар сиэккэлэри, блендажнай чүмэчилэри, барыта холбоон 300 киилэни Дьокуускайга “Якутия с тобой” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көмө оҥорор пууҥҥа илдьэн туттардыбыт.
Уолаттар бэйэлэрэ тугу сакаастаабыттарын тепловизортан, “прицелы ночного видения” диэнтэн уратытын туох кыалларынан барытын булан, тигэн, оҥорон ыыта сатыыбыт. Бу сырыыга хас биирдии уолга күн-күбэй ийэлэр, амарах эбэлэр, иистэнньэҥ уолан уолаттар илиилэрин сылааһынан тикпит байыаннай көстүүмнэри, ардахтан харыстанар понча, кээнчэ, флисовай бэргэһэ, флисовай снуд, саа уоһугар кэтэрдиллэр чехол, улууспут гиэрбэтин, эр киһи харысхалын Семен Афанасьев быысабайынан оҥорбут нашивкатын, дронтан хаххаланар сиэккэ, иһигэр пенафоллаах, таһа плащевай 2м х 60 см кээмэйдээх коврик, сахалыы кээнчэ, сиэлтэн угунньа, олбох, вещмешок, оҥорбут харысхалларбытын, блиндажнай чүмэчи, ону таһынан улуус дьаһалтата 70000 солк. үбүнэн, 116500 солк. түмсүү чилиэннэриттэн, Лөкөчөөн, Тааһаҕар нэһилиэктэрин олохтоохторуттан хомуйан атыыласпыт таҥастарбытын, малларбытын-термобелье, наскы, ис таҥас, влажнай салфетка икки арааһын, ыстааннаах халыҥ куурка, биир уол пауэр бан аккумулятор сакааһын, халыҥ сибиитэрэ, хаһаайыстыбаннай, туалетнай мыыла, тиис суунар пааста, щетка наборун, армейскай душ, бытык хорунар бириитибэ, кэмпиэт, бэчиэнньэ, “Сыа Бүлүү” успуонсардаабыт сиробун, барыанньатын уонна уолаттар чугас дьонноро көмө оҥорор пууҥҥа аҕалан биэрбит кэһиилэрин баһыылкабытыгар холбоон ыыттыбыт. Дьокуускай куоракка харыстанар сиэккэ өрөр «ДоброVoльцы» волонтерскай хамсааһын салайааччыта Архипченко Светлана Ильинична Елена Сивцеваҕа буор-босхо сиэккэ уонна өрөр лента биэрэн ыыппытынан, 5х3 кээмэйдээх 15 улахан сиэккэни көмө оҥорор пуун, куорат тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, үрүҥ көмүс волонтердар, устудьуоннар, оскуола, гимназия оҕолоро көмөлөөн өрө охсоннор хас биирдии уолга ыытылынна.
Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолан тыылга көмөлөһөр дьоммутугар улуустааҕы көмө оҥорор пуун үлэһиттэрин уонна тус бэйэм ааппыттан улахан махталбын тириэрдэбин: улуус дьаһалтатыгар, мобилизация саҕаланыаҕыттан көмөлөһөр “Сыа Бүлүү” СХПК коллективыгар, салайааччы Алексей Алексеевич Кондратьевка, Лөкөчөөн, Тааһаҕар нэһилиэктэрин олохтоохторугар, улуус уопсастыбаннай түмсүүлэригэр, тэрилтэлэригэр, психологическай киин үлэһиттэригэр, Дьокуускай куоракка харыстанар сиэккэ өрөр «ДоброVoльцы» волонтерскай хамсааһын салайааччытыгар Архипченко Светлана Ильиничнаҕа, үрүҥ көмүс волонтердарга уонна көмө оҥорор пуун үлэһиттэригэр. Эһиэхэ, амарах санаалаах күндү дьоммутугар, өрүү күннээх ыраас халлааны баҕарабыт, сайаҕас санааҕыт хаһан да саппаҕырбатын, ыарыы ыалласпатын, дьаҥ –дьаһах халты хаамтын, үтүө баҕаҕыт туолан, санаабыккыт ситэн истин диэн үтүө санаабытын тириэрдэбит. Айыы киһитин сирдээҕи олоҕун сирдиир үтүө санаалаах Айыыларбыт, Иэйиэхситтэрбит бука барыгытын араҥаччылыы, харыстыы сырыттыннар .
Уолаттарбыт барахсаттар бары этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэллэрин туһугар улуустааҕы көмө оҥорор пуун, уопсастыбаннай түмсүүлэр, олохтоохтор, тэрилтэлэр, урбаанньыттар көмөлөһө сылдьабыт, инникитин даҕаны бары бииргэ түмсэн биир сомоҕо буоламмыт уолаттарбытыгар туох кыахпыт баарынан маннык көмөлөһө туруоххайыҥ.
Мария Томская, Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин уонна СВО-ҕа көмө оҥорор пуун салайааччыта.