Иван Митясов: Дьиэ кэргэни өрө тутар миэрэлэри олус сэргээтибит

Биһиги дойду бэрэсидьиэнэ Федеральнай Мунньахха туһаайыытыгар дьиэ кэргэни өйүүр саҥа дьаһаллар тустарынан олус астынан иһиттибит.

Биһиги икки оҕолоохпут, улаханым 4 кылааска үөрэнэр, кырам 2 ыйдаах, кэргэним оҕотун көрөн олорор. Мин оскуолаҕа дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлиибин.

Бэрэсидьиэн Дьиэ кэргэн ипотекатын бырагырааматын 2030 сылга диэри уһатарын, үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ипотека кредитин сабыытыгар 450 тыһ.солк. көрүллэрин эттэ. Бу олус дьоһун көмө. Эдэр ыаллар инникилэригэр эрэллээх, бигэ тирэхтээх буолалларыгар туһуланар. Судаарыстыба өттүттэн маннык өйөбүл баар буоллаҕына, элбэх оҕолоох эдэр ыал ахсаана элбиэҕэ диэн сабаҕалыыбын. Биир бэйэм кэргэммин кытта үһүс оҕо туһунан толкуйданан эрэбит.

Маны сэргэ оскуолаҕа үлэлиирим быһыытынан, Биир кэлим эксээмэҥҥэ уларытыылары киллэрэрин туһунан олус чугастык ылынным. Холобура, иккистээн туттарыы баар буолара олус үчүгэй, оҕолор баҕарбыт үөрэхтэригэр киирэллэригэр көмөлөһүөҕэ дии саныыбын.

Читайте дальше