Көлүйэ (кэпсээн)

Сайыҥҥы куйаас күннэр сатыылааннар, салгын ибир да хамсаабакка, күөх тумарык буолан дьиримнии турдаҕына, улар оҕолоро тиит төргүү мутугар айахтарын атан аҕылыы олордохторуна, тайах кыыл куйаастан, күлүмэнтэн куотан кута­лаах көлүйэ ортотугар түһэн, даллаҕар кулгаахтарынан сапсына сыттаҕына, биһиги дэриэбинэ кыра уолаттара кыракый көлүйэбитигэр сөтүөлээн сөрүүкүүр буоларбыт.
Көлүйэбит барахсан дэриэбинэттэн балтараа килэмиэтир курдук сиргэ, самолет түһэр былаһааккатын бүтэр уһугар, дьиэ оннун саҕа сиргэ, дулҕалар быыс­тарыгар, икки арбаҕар үөтүнэн хаххаланан, ‘’уолаттарым бүгүн тоҕо биллибэтилэр’’ диэбиттии, күн уотугар долгуннарын оонньотон кылабачыйа сытар. Уолаттар буоллаҕына дэриэбинэ иһигэр сэриилэһэ оонньоон, буһа-хата тиритэн боролуйа сылдьан, «сөтүөлүү барыаҕыҥ» диэн ыҥырыыны истээт, бары биир киһи курдук буут быс­тарынан көлүйэбит диэки сүүрүүнэн түһүнэн кэбиһэрбит. Ким инники тиийбит ыраас ууга умсаах­тыырын билэр буолан куоталаһыы кытаанаҕа буолара.
Ортобутугар биир быһый уоллаахпыт, үксүгэр инники тиийэн бэскилээх төбөтө ууттан быган күлэн ырбайа олорооччу. Кини түргэнник сүүрдэҕинэ чаачар курдук өҕүллэн, кэтэҕэ чынайан, атахтарын ылара көстүбэт биир кэм көлөһө эргийэрин курдуга. Иннибитигэр түһэн көхсүн эрэ көрдөрөрө. Онон кинини эккирэтэр туһата суоҕун билэн, бэйэбит куоталаһан, тыҥабыт күүгэнэ баранан, көлүччэбитин нэһиилэ буларбыт. Ыксалбытыгар, таҥаспыт дуомун аара сүүрэн иһэн туора-маары тамныырбыт уонна көлүйэбитигэр кэлээт да, кус сыгынньах ууга оройбутунан түһэрбит.
Кыра көлүйэбитин аты­йах­таах уу курдук ытыйан, ыһыы-хаһыы доҕуһуоллаах уунан чалбааттанан күр­гүөм­нээх сөтүөлээһин саҕаланара. Биһиги үөрэр-көтөр айдааммыт Эбэбит киэҥ ньууругар симэли­йэн сүтэрэ. Баҕабыт ханыар диэри уһуннук сөтүөлээн, ууттан тахсан бэрт ыксалынан таҥаспытын булан таҥнар буоларбыт. Өскөтө, бытаардыҥ да күлүмэн обур­гу сытыы тиистэрэ эккин быһыта ыстаан аһытан куттууллара.
Онтон тыын ыла түһэн, «түҥ дэһии» диэн атын оонньуу­ну уһун оттоох дулҕалар быыстарынан сыыл­ла сылдьан оонньуур­бут. Бу мөккүөрдээх, этиһиилээх оонньуу буолара. Ким «өстөөҕүн» инники көрөн ыппыта куруутун кэриэтэ мөккүөрдээх этэ. Бу сылдьан ким эмэ илиитин дуу, атаҕын дуу сытыы кылыс окко хаан оҕуолуор диэри быһан биир мучумаан буолара. Аччыктаан куртах курулуйан, сылайан дьиэҕэ барыы буолара. Ол баран иһэн булгуччу чыычаах уйатын булан, кыһыл айахтарын муҥунан аппыт оҕолорун кумаарынан тото аһатан, ийэлэрэ көҥөнөн чырыптыы тула көтөрүн иһин түргэнник хомунан салгыы барарбыт. Аара ходуһаҕа кииһилэ элбэхтик үүнэрэ. Сымнаҕас сэбирдэхтэрин хомуйан аһыырҕата-аһыырҕата балайда сиирбит. Ол, арааската, куртахпытын албынныыр буоллахпыт. Аттыбыттан улахан аһыыҥка көтөн тирилээн тэйиччи баран түһэрин көрөн эккирэтэн тутан ылан, утары-таары охсуһуннара оонньуурбут.
Ити курдук уһун күн устата аһыырбытын умнан, Эбэбит барахсан киэҥ нэлэмэн, араас эгэлгэ сибэккинэн симэммит күөх ньаассын ходуһатыгар сылдьарбыт- бу санаатахха, айылҕа үөрэҕэр үөрэниибит буолар эбит. Тугу хараххынан көрөрүҥ, кулгааххынан истэриҥ, илии­ги­нэн тутарыҥ, айаххынан амсайарыҥ-барыта үөрэх буолан өйгөр хатанар. Ол курдук уҥуоргута тумарык буолан көстөр күөлбүт ньуу­рун үрдүнэн тыыраахылар, хоптолор ас көрдөөн айманар саҥалара, чөкчөҥөлөр туора-маары көтүүлэрэ, соро­ҕор үөрүнэн көтөр дьиэрэҥнэр, кураҕаччылар, аһыыҥкалаан сии сылдьар тураахтар, аттыбытыгар мэччийэ сылдьар ынахтар, сылгылар-барыта сонун, барыта сэргэх. Отчуттар отуу­ларыттан буруо тыргыйан оттооһун үлэтэ күүскэ бара турарын туоһута.
Кэлин улаатан баран, атын сирдэринэн тэлэһийэ сылдьан сөтүөлээн көччүйэр кыракый көлүйэбин түүлбэр көрөрүм. Биир кэмҥэ дойдубар тахса сылдьан, оҕо саас­пар сөтүөлээбит көлүйэбин көрө тиийбитим, көлүйэбит барахсан онно да суох буо­лан соһуппута. Оннооҕор дэриэбинэ чугаһыгар баар «Суор көлүйэтэ» диэн ааттаах обургу, күһүн-саас кус­танар көлүйэ эмиэ сүтэн, дулҕа саба үүммүт этэ.
Дьэ онон, олох уларыйа турдаҕа, айылҕа эмиэ кыралаан уларыйар диэххэ. Арай биир көстүү уларыйбат урут да, билигин да, Эбэбит киэҥ ходуһатыгар күһүөрү кэмҥэ бугул курдук элбэх кэбиһиилээх оттор лагларыһан тураллара хараҕы үөрдэр. Аҕам этэр буолара, «от быйаҥ, от баар буоллаҕына, бары барыта баар буолуо» диэн. Оннук да эбит. Тыа киһитэ быйаҥнаах сайынтан сөп буолар отун оттоон, кыстыкка бигэтик үктэнэн көхсө кэҥиир, сүргэтэ көтөҕүллэр. Онтон кырачаан уолаттар төрөппүттэрин солбуйан эмиэ буһа-хата оттоон, ынах-сылгы иитэн, түбүктээх буолан баран, нус-хас олохторо иннин диэки аа-дьуо устан иһиэ буоллаҕа.
Суруйда Кучан.

Читайте дальше