Көрбөтөх убайбар анабыл

Мин эйигин  уоттаах сэрии сиэмэх суоруната Белоруссия сиригэр мэҥиэстибитэ түөрт сыла ааспытын кэннэ эн сырдык тыыҥҥын толук ууран чэлгиппит эйэлээх олоххор үөскээн төрөөбүтүм. Эн оҕо сааһыҥ ойуолаан, эдэр сааһыҥ элэҥнээн ааспыт кырдалларын, хонууларын өйдөөбөппүн: түөрт саастаахпар   өбүгэлэрбит «һат-һай» диэн, оҕо-уруу төрөтөн, ууһаан-тэнийэн олорбут, эн биһикки төрөөбүт сирбититтэн оччотооҕу ыраах дэриэбинэлэри көһөрүү содулугар дьонум атын сиргэ, ийэм төрөөбүт сирин диэки, көһөн кэлбиттэрэ. Оҕо сааспар убай диэни билбэккэ кэриэтэ улааппытым, арай ол төрүт дойдубутуттан мин алталаахпар-сэттэлээхпэр Сэмэн диэн эдэр киһи аармыйаҕа ыҥырыллан ат көлөнөн айаннаан иһэн хонон ааспытын, «бу убайыҥ» диэбиттэрин өйдөөн хаалбытым. Оттон эн тускунан олох кэлин, улаатан баран, аҕабыттан истибитим. Оччолорго эйигин сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕа сылдьаллара. Ол иһин гынара дуу, туохтан эбитэ дуу, аҕам эн тускунан эрдэ тугу даҕаны кэпсээбитин өйдөөбөппүн, аны өйдөөтөххө, сураҕа суох сүппүт дьону, “аны таҥнарыахсыт буолбута буолуо” диэн, оччо ахсарбат кэмнэрэ этэ буоллаҕа…

Ким өй укпутун билбэтим, убайыҥ, мин аҕам Байбал, 70-с сылларга эйигин туоһулаһан, ирдэһэн, рядовой Григорьев Кирилл Семенович 1944 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр Белоруссия сиригэр Гомельскай уобалас Речица диэн куоратын госпиталыгар кыргыһыыга ылбыт баастарыттан өлбүт, бу куорат бырааттыы көмүллүүтүгэр сытар диэн биллэриини ылбыт этэ. Үөрэҕэ суох, үүтү-хайаҕаһы билбэт киһиэхэ ол улахан ситиһии, онтон салгыы билии-көрүү даҕаны, үп-харчы даҕаны кырыымчыгынан буолуо, чуолкайдаһыы буолбатах. Мин даҕаны, үөрэх ыралаах киһи, эн тускунан салгыы ирдэһэргэ өйүм тиийээхтээбэтэх эбит.

Эн тускунан аҕам кэлин кэпсээбититтэн эйигин бэргэнник ытар, от охсуутугар күҥҥэ биир гааттан ордугу түһэрэр бэрт кыайыылаах-хотуулаах, үлэһит киһи быһыытынан өйбөр оҥорон көрөбүн. Таһынан сомуоктаах икки уостаах тульскай сааны «убайыҥ киэнэ» диэн ууруна сылдьыбытын, биир дойдулааххыт уус киһиэхэ ыраастатан, улааппытым кэннэ туттарбыта. Эн ол саанан тугу даҕаны сыыспатыҥ, элбэхтик бултаан-алтаан дьоҥҥун аһаппыккын, сэриигэ бараары ол сааҕын сүгэн киирбиккин, өрүс кытыытыгар «перевоһу» кэтэһэн олорон, угуттаан турар эбэ үөһүнэн устан ааһар мас сыыстарын сыал гынан ытыалаан куоталаһыыга эн өрүс уҥуоргу эҥээриттэн хомуллан сэриигэ баран иһээччилэртэн барыларыттан чорбойон, кыра даҕаны сыыһы табан табыгыратарыҥ туһунан астына кэпсиирэ. Сааҕынан сиэн бырааттарыҥ, мин уолаттарым, эмиэ ытан, кэриэс гыммыт малбыт үһүс көлүөнэҕэ тиийбитин бэлиэтээбиттэрэ уонна эдэр дьон киэптэринэн, хайа эрэ хампаанньанан бултуур түгэҥҥэ табаарыстарыгар уларсан баран, устунан уччуппуттара. Онон эйигин санатар туох даҕаны мал хаалбата.

Убайыҥ киэн тутта кэпсиирэ эн киэҥ хоннохтоох, ыраас киириилээх-тахсыылаах суоллаах от охсооччу буоларыҥ туһунан, доҕотторгун кытта көҕүтүһэн, үүнүүлээх ходуһа ортотуттан хотуур суолун таһааран, төгүрүччү тэлгэтэн, төһөлөөх даҕаны киэҥ ходуһаны тулуппакка охсон бүтэрэргитин. Сэрэйдэххэ, ол иһин даҕаны эйиэхэ «Оччут» диэн ааты иҥэрдэхтэрэ… Ол күннээн-күөнэхтээн, эдэр саас эрчиминэн эбии тэбиэриһэн, сайыҥҥы быйаҥы сомсорго түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлээн-хамсаан, «стахановец» диэн оччотооҕуга бастыҥтан бастыҥ үлэһиттэргэ иҥэриллэр ааты сүгэн, көлөһүҥҥүтүн тохпут алаастаргыт-уолбаларгыт аны иччитэхсийэн, эһигини ахта-саныы, хотуургут-кыраабылгыт ырыатын суохтуу, сылтан сыл кур отунан бүрүллэн, буор лаҥха буолан хараара өһөн сыттахтара, бурдук үүннэрэн долгуһуппут солооһуннаргытын төттөрү ойуур былдьаан, бааһыналаргыт омоонноро даҕаны көстүбэт буолаахтаатахтара…

Сири-уоту хара буорунан тибилийэр, тайҕа маһын-лааҥкытын үлтү барчалыыр модун техниканан сэбилэммит совхозтар эһиги саҕанааҕыттан оччо элбээбэтэх ынах-сылгы сүөһүлэригэр оту кыайан оттообокко, онно көмөҕө куорат сир тэрилтэлэрин үлэһиттэриттэн таҥыллан тэриллибит мобильнай этэрээт диэн ааттаммыт оттуур биригээдэни салайсан, биир сайын төрүт сирбит чугаһыгар оттуу сыппыттаахпын. Күһүн үлэбитин үмүрүтэн, төттөрү киирэрбит саҕана сылгыһыттары кытта кэпсэтэн, ол диэки эҥээргэ анды оҕолуу бара сылдьыбыттаахпыт. Тракторынан унньуктаах айан кэмигэр суолгун, айылҕаны өйдөөн-сыныйан көрөр бириэмэ баар бөҕө. Онно дойдубут хайдах эрэ ураты сирдээх-уоттаах, оттоох-мастаах курдук көстүбүтэ, бэл, салгынныын атыҥҥа дылыта. «Ол иһин даҕаны өбүгэлэрбит уутуйан олорон, сүөһү-сылгы иитэн, бурдугу кытта үүннэрэн аастахтара» дии санаабытым, харахпар эһиги үлэлээн бурҕатаргытын, аҕам биригэдьиирдээн ходуһаны-бааһынаны кэрийэ сылдьарын оҥорон көрбүтүм.

Аҕам бэйэтэ төһөнү охсорун туһунан кэпсээбэтэ, арааһа, эйигиттэн хаалара эбитэ дуу, миигин от охсо үөрэтэригэр өйдөөн хаалбыппынан, ыраас, киэҥ суоллаах быһыылааҕа. Миигин саамай такайбыта — охсооччу киһи суола ыраас,  хадьымала тэҥ буолуохтаах диэн. Оччо холо суох охсооччу буолар сибикилээхпиттэн  санаата түһэр быһыылааҕа, эн курдук киэн тутта кэпсиир иккис «Оччуттаныан» баҕараахтаабыта буолуо… Мин кэннэ аҕам иккис кэргэниттэн эмиэ уол оҕолооҕо, мин түөрт оҕобуттан иккитэ уол, үс уолаттардаахтар, быраатым эмиэ уоллаах,  уол сиэннээх, онон биһиги, Киргиэлэйэптэр аҕа ууспут, оҕолор этэҥҥэ сырыттахтарына, быстыбат турукка киирдэ диэн сэмээр испэр үөрэбин. Аны эдьиийдэриҥ оҕолоро, төһө даҕаны атын аҕа уустар ааттарын сүктэллэр, хаан — уруу дьоммут буоллахтара, онон аймаҕы эмиэ хаҥата сылдьаллар. Оттон эн, сэрии сиэбэтэҕэ буоллар, кэргэннэнэн, оҕолонон-урууланан, биһиги аймах өссө халыҥ буолуо этибит буоллаҕа. Ол бэйэҥ таптал олоҕу кэрэһэлиир кэрэтин, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан аймах биир салаатын тэнитэр дьолу билбэккэ, дьоҥҥор-сэргэҕэр туһалыах иэскин ситэ толорбокко, букатын чиэски сиргэ тиийэн эдэр-чэгиэн бэйэҥ сэймэктэнэн, ааттаан туспа даҕаны уҥуоҕуҥ көтөҕүллүбэккэ, эн курдук быстах дьылҕаламмыт доҕотторгун кытта биир ииҥҥэ көмүллэн сытаахтаатаҕыҥ…

Киһи үөрэрэ: ол дойду дьоно, сэрии алдьархайын, ыар кыһарҕанын эттэринэн-хааннарынан билбит буоланнар, кинилэр көҥүллэрин иһин охтубут дьону олус ытыгылыыллар, кинилэр уҥуохтарын көрө-истэ олороллор эбит. Ону бэйэм уу харахпынан көрөн итэҕэйбитим. Эн көмүс уҥуоххар баран сүгүрүйэр түгэн үтүө дьон көмөлөрүнэн көстүбүтэ. Урукку үлэбинэн Москваҕа салайар тэрилтэбит баарыгар Белоруссия диэки туох эмэ барыы баар буоллаҕына, миигин кыалларынан барааччылар истэригэр киллэрэ сатыылларыгар көрдөспүтүм, сэриигэ охтубут убайым уҥуоҕун көрдүөхпүн баҕарарым туһунан быһаарбытым. Киһи кыһалҕатын өйдүүр дьон мин көрдөһүүбүн умнубакка, Белоруссияҕа норуоттар икки ардыларынааҕы семинар буолбутугар Россия делегациятын састаабыгар киллэрэн ыыппыттара. Онон кинилэргэ махталым улахан.

Дойдубутуттан буор ылларан, тэринэн барбытым. Поеһынан айаннаан иһэн, бириэмэ булкуллуутуттан дуу, долгуйуубуттан дуу, сатаан утуйбакка сарсыарда эрдэ баҕайы купеттан тахсан түннүгүнэн элэҥнээн ааһар айылҕаны көрө турбутум. Белоруссия сирэ-дойдута, дэриэбинэлэрэ, Россияҕа холоотоххо, ыраастарын, бэрээдэктээхтэрин сөҕө саныы турдахпына, баран иһэр сирбит диэкиттэн утары туруйаны майгынныыр көтөр (аистара быһыылаах дии санаатым) аа-дьуо сапсынан ааста. Атаара көрөн тураммын эмискэ эйигин санаан кэллим, «убайым дууһата, киһилии хараллыбакка,  көтөр буолан, мин кэлбиппин эҕэрдэлии, эрэнэ көрсөр курдук» дии санаатым. Семинар тэрийбит дьоҥҥо сорукпун эппиппэр, түргэн үлүгэрдик  билиэт ылан, Речицалары кытта кэпсэтэн, сиһилии быһааран, автобуска атааран биэрдилэр. Речицаҕа тиийбитим, автобус тохтобулугар бүтүн үс киһилээх делегация көрүстэ: военкомат үлэһитэ уонна икки ветеран. Дьонум туох эрэ үрдүк сололоох киһи кэлбитин курдук үөрэ-көтө ытыстарын үөһэ түһэрэн ыллылар, массыынаҕа олордон Кыайыыларын Пааркатыгар илдьэн сүрдээх тупсаҕай оҥоһуулаах мемориалларын көрдөрдүлэр. Долгутуулаах түгэн көмүллэ сытар сүүһүнэн киһи аата суруллубут плиткаларыттан эн ааккын булан ылыыга буолла: бэйэм харахпынан көрө иликпинэ эн дойдугуттан  бачча ыраах сиргэ кэлэн, дойдуҥ сиэринэн дьаһаллыбакка уопсай ииҥҥэ көмүллэ сытаргын итэҕэйиэ суох курдук этим. Хара мрамор тааска хаһан суруллубут ааккын көрөн, дьэ, итэҕэйдим, ол плитка кэннигэр төрөөбүт буоргун кутан, дьонуҥ ытык сорудахтарын толорбут курдук сананным: убайыҥ, эдьиийдэриҥ эн көмүс уҥуоххун көрүөхтэрин, сүгүрүйүөхтэрин төһө баҕарбыттара, санаа ымыыта оҥостубуттара буолуой?!  Оннук эппиэттээх миссия миэхэ тиксибититтэн дьоллоннум, сибэкки ууруу, хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн сорукпун сиппит киһи быһыытынан уоскуйан хааллым. Аргыстарым кинилэр сирдэрин мин босхолоспутум курдук миэхэ махтал бөҕөнү эттилэр, аны оройуоннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин аатыттан мин ааппар рестораҥҥа эбиэт сакаастаан аһаттылар. Ол кэнниттэн куораттарын устун кылгас экскурсия оҥордулар, музейдарыгар сырытыннаран,  эн аатыҥ киирэ сылдьар өйдөбүнньүк кинигэлэрин бэлэхтээтилэр. Онтон өссө саппаас полковнига Ф.Ф.Коваленко дьиэтигэр илдьэн ыалдьыттатта, сиһилии ыйыталаһан, ирэ-хоро кэпсэттибит. Ол тухары дьоммутун кэриэстиирбитин сэргииллэр, хайгыыллар. Мин кинилэргэ махтаныахтааҕым оннугар, хата, бэйэм хайҕанан, ветераннар үтүө алгыстарын ыллым. Ынырыктаах сэрии иэдээннэрин бииргэ, сарын сарынтан өйөһөн ааспыт норуоттар үйэлэргэ бииргэ буолуохтаахпыт диэн биир санаалаахпытын бигэргэттибит. Федор Филиппович, уоттаах сэрии ветерана, төһө даҕаны сылайдар, миигин поездка атааран биэрдэ. Бу дьон истиҥ сыһыаннарыттан, убайым уҥуоҕун булбуппуттан олус долгуйан, поезд тамбурыгар өр туран, хараҥаран эрэр халлааҥҥа эмиэ били көтөрүм көстөөрөй диэн көрө сатаатым даҕаны, бу сырыыга көстүбэтэ. Онуоха санаатым: «Убайым дууһата, төрөөбүт төрүт дойдутун буоругар бигэнэн, дьэ, нус-хас буоллаҕа, уоскуйдаҕа». Эрэнним: бу дойду дьоно-сэргэтэ сэрии историятын хайдах дьиҥнээхтик буолбутунан кичэллээхтик харыстыылларын, сэрии иэдээнин эдэр көлүөнэлэрин сүрэҕэр тиийэр гына өйдөппүттэрин, онон кинилэр биһиги буойуннарбыт кэриэстэрин киртитиэ суохтарын.

Ол эрэлбин киртитэ сыспыта Белоруссияттан, ону ааһан эн көмүллэ сытар куораккыттан, төрүттээх, манна биһиэхэ кэлэн үрдүк дуоһунастаммыт, байбыт-топпут киһини кытта көрсүүм. Кини төрөөбүт куоратын босхолуур иһин олохторун биэрбит саха буойуннарын дойдуларын, дьоннорун-сэргэлэрин, биир дойдулаахтарын, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, культураларын билиһиннэрэр, сибээс олохтуур туох эрэ тэрээһиннэ ыытыахха диэн этинэн көрбүппүн, киһим «кумаардаан даҕаны көрбөтө», эппиэтэ: «Мин оннук дьыаланан дьарыктаммаппын, сылга Речицаҕа иккитэ-үстэ баран ийэлээх аҕабар күүлэйдээн кэлэбин, онтон атын тугу даҕаны билбэппин»,-диэн буолла. Акаары санаабар эн уҥуоххун булбутум, миигин кини биир дойдулаахтара, дьонун үөлээннээхтэрэ ветераннар хайдах көрсүбүттэрин туһунан нуучча тылынан тахсар республика хаһыатыгар бэчээттэппит матырыйаалбын көрдөрө сатаатым даҕаны, киһим онно эрэ наадыйбат киһи буолан биэрдэ. Кэлэйдим даҕаны, хомойдум даҕаны, эн кэриэскин тэбистэрбит, сирэйгэ оҕустарбыт курдук сананным. Онтон, кэҥээн баран, бэйэм даҕаны кэнэммиттэн кэмсинним: бу орто дойдуга эһиги даҕаны саҕана буолуо, билигин даҕаны «тот дохсун, баай бардам». Бу бэйэтин төрүт сириттэн халыҥ харчыны сырсан, ону амтаһыйан тэйбит, ускул-тэскил кэриэтэ сылдьар, байартан атыны баардылаабат буолбут  киһини ааһа баран аһынным даҕаны, аһынным кини ийэлээх аҕатын, аһынным кини ыччаттарын. Эн бойобуой доҕотторгун кытта тыыҥҥытын толук ууран босхолоспут куоратыҥ олохтоохторо, миигин илдьэ сылдьыбыт ветераннар туох дии саныахтара, ол тойон төрөппүттэригэр хайдах сыһыаннаһыахтара эбитэ буолла, өскөтүн мин кинилэргэ ити курдук кэпсиирим буоллар. Бу киһи ыччаттара туох өйдөөх-санаалаах, быһыылаах-таһаалаах буола улаатыахтарай, өскө аҕалара төрөөбүт дойдутун историятын биир саамай умнуллубат түгэнигэр итинник сыһыаннаах буоллаҕына? Нууччаларга «быһан ылан быраҕыллыбыт тоорохой» диэх курдук өйдөбүл баар, ону санааммын бу киһинэн бүтүн норуот, бэйэм сирэй көрсүбүт-билсибит дьонум туһунан сырдык өйдөбүлү киртиппэккэ, кинилэргэ эрэлбин сүтэрбэппин.

Дойдубар кэлэн, биир дойдулаахтарбытын кытта сүбэлэһэн, эһиилгитигэр эһиги холкуоскутуттан сэриигэ барбыт дьон ааттара суруллубут өйдөбүнньүк бэлиэни холкуоскут оннугар тиийэн туруорбуппут. Эн көмүллэ сытар сиргиттэн буор аҕалбыппын ол өтөххүтүгэр ыспытым. Халыҥ хаарга баттата сытар, хаһан эрэ эһиги көхтөөх үлэҕитинэн киэн тутта, көрдөөх сынньалаҥҥытыттан сылаанньыйа дьолломмут, эһигини алгыы-атаара хаалбыт, элбэх киһи саҥатын истибэтэҕэ ырааппыт, хаарыаннаах уолаттарын сэрии холоруга сири-дойдуну биир гына ыһан, таһы-быһа ытыс соттон, кураанаҕы кууһан хаалбыт, иччитэхсийбит өтөххүт сааскы салгынтан, үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата истибэтэх эһиги күндү ааттаргытын истэн, илэ бэйэҕитинэн тиийэн кэлбиккит курдук иилии үүммүт тэҥкэ тииттэрин суугунатан сэргэхсийбиккэ, ылааҥыран эрэр күн уотуттан ирбит талах мастарын лабааларынан далбаатанан эҕэрдэлээбиккэ дылы гыммыта.

«Хойутаан баран хобо тиктэр» идэбитинэн бу хойут эн тускунан дьонтон ыйыталаһан көрдүм даҕаны, үчүгэйдик өйдүүр киһи хаалаахтаабатах.  Хаартыскаҕа түспүтүҥ дуу, суоҕа дуу – аймахтаргар кимиэхэ даҕаны суох. Арай улахан эдьиийиҥ Балбаара улахан уола Болуодьа кыра сааһыгар эйигин көрөн ааспыттаах эбит.  Эдьиийиҥ түгэх түбэ киһитигэр кэргэн тахсан, оҕолордонон олордоҕуна эн уонунан көстөөх сири атынан айаннаан көрсө, билсэ тиийэр эбиккин. Оҕолорго куруук минньигэс кэмпиэт, бирээнньик кэһиилээх буоларыҥ үһү. Онон бэрт аламаҕай, аймаҕымсах, оҕомсох эбитиҥ буолуо. Сэриигэ ыҥырыллан бараргар бырастыылаһа тиийэ сылдьыбыккын өйдүүр эбит сиэн быраатыҥ, оччолорго биэстээх-алталаах киһи. «Хара бараан синньигэс сирэйдээх, ортону үрдүнэн синньигэс көнө уҥуохтаах, күлбүт-үөрбүт эдэр киһи этэ. Барыбытын сыллаан-уураан, быраһаайдаспыта. Саатын таһырдьа аан кытыытыгар ыйаан кэбиспитин аҕам: «Кэлиэххэр диэри манна хааллар»,- диэбитин, сөбүлэммэтэҕэ. Аҕам Кирилэни хайгыыра, сытыы-хотуу, үлэһит диэн. Ийэм куруук ахтара»,- диэн кэпсиир кини.  Бииргэ төрөөбүт кыра эдьиийиҥ Маарыйа Толя диэн эрдэ суорума суолламмыт орто уолун эйиэхэ майгынныыр диирэ үһү.   Онон эйигин «маннык көрүҥнээх киһи этэ» диэн оҥорон эрэ көрөр кыахтаахпыт. Бу орто дойдуга үөскээн-төрөөн, үлэлээн-хамсаан, үлүгэрдээх иэдээнтэн дойдутун көмүскэлигэр тыынын биэрбит киһи хайдах биир даҕаны суола-ииһэ суох симэлийэн хаалыай дии санааттан сиэн бырааттарыҥ хаартыскаларыттан түмэн, дьон кэпсээннэринэн сирдэтэн художникка сакаастаан, дьүһүҥҥүн портрет гына оҥорторбутум уонна “төрөөбүт сиригэр бэйэтин оннугар саатар кыраасканан уруһуйдаммыт көрүҥэ төнүннүн” диэн, төрөөбүт дэриэбинэбит көһөн кэлбит сиригэр музейга бэлэхтээбитим. Бу портреттан саҕалаан, манна көһөрүллэн кэлбит нэһилиэктэртэн сэриигэ кыттыбыт дьон дьүһүннэрэ үйэтитиллиэ диэн эрэлбин сүтэрбэппин.

Эн тускунан билэрбит, эн тускар дьулуйбуппут итинэн бүттэ. Бу  олорон санаатахха,  ааспыт сэрии алдьархайа, содула өссө даҕаны ситэ сыаналаммакка, кини ордук аҕыйах ахсааннаах омуктарга үйэлэргэ оспот сырҕан бааһы хаалларбыта, сорохтору омук быһыытынан эстэр даҕаны суолга аспыта иҥэн-тоҥон, баарынан, кырдьыгынан үөрэтиллибэккэ сылдьара мэлдьэх буолбатах. Сэриигэ дьон киэнэ талыыта, норуот сүмэтэ бардаҕа, олортон үгүстэрэ дьиэ кэргэн тэриммэккэ, оҕо төрөтөн ууһаабакка сэрии уот кутаатыгар умайдахтара. Ол дьон, сэрии буолбатаҕа буоллар, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан дойдуларын төһөлөөх сайыннарыа этилэрэ буолуой! Ол иһигэр эн, убайым, кырыыстаах сэрии буолбатаҕа буоллар, төһөлөөх биһиэхэ тирэх, өй-санаа угааччы буолуоҥ этэй! Эн тускар бачча тухары биир туһуламмыт тыл этиллибэтэҕин бу анабылынан толоро сатаатым. Эн аатыҥ букатын симэлийэн хаалбатын, эн тускунан, сатаатар,  кыракый даҕаны өйдөбүл баар буоларын туһугар күүһүм, өйүм кыайарынан үлэлэһиэм, көрбөтөх күндү убайым, Хаҕын Ээдьээнин сиригэр төрөөбүт, Микоян аатынан холкуоска үлэлии сылдьан 1943 сыллаахха сэриигэр ыҥырыллан барбыт Кирилл Григорьев.

Святослав Григорьев — Тыаһыт Сэмэн сиэнэ.

Читайте дальше