Нэһилиэкпит салалтата аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомтотун уурарыттан олус үөрэбит, астынабыт. Ол курдук Чочу нэһилиэгэр алтынньы 12 күнүгэр кырдьаӄастар декадаларын түмүктүүр «Киһи үрдүк дьоло – сааһа» диэн бэртээхэй тэрээһин «Үрүҥ Уолан» сынньалаӊ киинигэр буолла.
Кэлбит ыалдьыттары кулууп үлэһиттэрэ сылаас алаадьынан айах тутан, онтон киэн саалаҕа нэһилиэкпит тэрилтэлэрэ тэрийбит толору астаах остуоллара тардыллыбыта. Нэһилиэк баһылыга Догоюсов Петр Александрович ыалдьыттары эҕэрдэлээн баран, «Почетный ветеран Чочунского наслега» диэн знактары туттартаан кырдьаҕастары үөртэ. Тэрээһин иккис чааһыгар нэһилиэк, улуус киэн туттар киһитэ, Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт Россия пенсионердарын 8-с спартакиадатыгар буулдьанан ытыыга 2 миэстэни ылбыт, Саха сирин спордун маастара, Россия спордун маастарыгар кандидат Догоюсова Мария Семеновнаны чиэстээһин буолла. Элбэх эҕэрдэ тыл этилиннэ, бэлэх, Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан 35 тыһ. солк. суумалаах, Чочу нэһилиэгин дьаһалтатыттан 20 тыһ. солк. суумалаах сертификаттар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарылыннылар. Киэӊ, сырдык саала биир өттүгэр «Чочу нэһилиэгин киэн туттуута» диэн Мария Семеновна ситиспит ситиһиилэрин туоһулуур элбэх мэтээл, грамота, диплом, кубок быыстапката тэриллибит, эчи элбэҕин, көрөн сөҕүөхпүтүн сөхтүбүт. Бу барыта сыралаах дьарыктан, күүстээх санааттан, дьаныардаах үлэттэн кэлбит бар дьоӊӊо үтүө холобур буолар. Мария Семеновнаӄа өссө да инники өттүгэр этэӊӊэ сылдьан, эдэр ыччаттары уһуйаргар баӄарабыт, өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар.
Саала аны биир өттүгэр Чочулар тустарынан кинигэ быыстапкатын библиотекарь Гелена Александровна Степанова туруорбута дьон сэҥээриитин ылла. Ону таһынан, Николаев Илья Егорович сахалыы остуол оонньуутун, хабылыгы, хаамысканы оонньотто, оҕо сылдьан хайдахтаах курдук оонньуурбутун санастыбыт, ирэ-хоро кэпсэттибит, бэйэ икки ардыгар кыратык күрэхтэһэн да ыллыбыт.
Толору астаах, итии чэйдээх остуолга нам-нум олорон, Чочу, Кыадаҥда талааннаах ыччаттарын ырыаларын иһиттибит, үҥкүүлэрин дуоһуйа көрдүбүт. Бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Гоголева Галина Алексеевна ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ, үбүлүөйдээх аҕам саастаах дьоммутугар бэлэх биэртэлээтэ. Саамай кырдьаҕас ыалдьыттарга бэйэтэ тэтиҥ мастан оӊорбут массажердарын бэлэх уунна, урут ыытыллыбатах саҥа сүүрээни киллэрдэ, ол курдук дэриэбинэҕэ араас өҥөнү оӊорор дьоннор бириистэрин туруоран лотерея оонньоппута сэнээриини ылла. Ол курдук, баартаах тарбахтар босхо буочука уу, массаж, баттах кырыттарыы, тыҥырах онорторуу, минньигэс торт, Бүлүүгэ диэри таксинан босхо сырыы курдук араас өҥөнү соһуччу сүүйэн үөрдүлэр-астыннылар. Кыадаҥда бэтэрээннэрин түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Протопопов Сергей Викторович эҕэрдэ тыл эттэ.
Сандалы остуол тула олорон ырыа бөӄө ыллаатыбыт, үөлээннээхтэрбитин көрсөн истиҥник кэпсэттибит, хаартыскаӄа түстүбүт. Кыадаҥдаттан айар куттаах Альбина Васильевна Томская, сэрии кэмин оҕото, бэйэтин айбыт хоһооннорун дьоҥҥо-сэргэҕэ ааҕан иһитиннэрдэ.
Эдэр сааспытын санаан, тэбэнэттээх урукку кэминээҕи ырыаларга үҥкүүлээн тэйдибит. Бу киэһэ нэһилиэккэ саҥа талааннаах эдэр үлэһиттэр кэлбиттэрин, «Далбар» үӊкүү ансаамбыла саҥа үӊкүүлэрин сэргии көрдүбүт. Тэрийээччилэр араас көрдөөх оонньуулары ыытан бириэмэбитин билбэккэ да хааллыбыт.
Манна даҕатан эттэххэ, аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах декада чэрчитинэн кырдьаҕастары Бүлүү кинотеатрыгар киллэрэн «Лоокуут уонна Ньургуһун» киинэӄэ сылдьыы тэрилиннэ, «Үтүө санаа оҥоойуга» акциянан дьиэҕэ олорор кырдьаҕастарга отон түӊэтилиннэ, кырдьаҕастарга тэрилтэлэрбит субуотунньуктаатылар.
Декаданы тэрийбит дьоҥҥо барыгытыгар барҕа махтал, инники да өттүгэр санаабыккыт сатанан, толкуйдаабыккыт туолан истин диэн алгыспытын этэбит. Бу курдук үйэлээх өйдөбүллээх тэрээһини тэрийэ сылдьыӊ, этэннэ эрэ буолуоҕуҥ бука бары.
Федора Николаева
Чочу нэһилиэгин бочуоттаах бэтэрээнэ.
Фото Александра Лаврентьева.