Соторутааҕыта М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университекка ыытыллыбыт Саха сиригэр физическэй култуура хамсааһынын 100 сылыгар аналлаах IX норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конгресска Бүлүттэн уонтан тахса делегат: Н.Г.Чернышевскай аатынан БППК-тан педагогическай үлэ, спорт бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар Учууталлара, физкультура преподавателэ Матвей Евсеев, МКУ “Спорткомитет” бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Семен Григорьев, Бүлүү к. дьаһалтатын УФКиС начальнига Степан Федоров уонна Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх оскуола, В.Г.Румянцев аатынан ДЮСШ, Халбаакы, Тоҕус, I Күүлэт оскуолаларын физкультураҕа учууталлара, исписэлиистэр кытыннылар. Тэрилтэбит салайааччыларын өйөбүллэрин ылан, биһиги элбэх саҥаны билэн-көрөн кэллибит.
Конгреска үс күн устата физкультура үөрэҕин араас кыһалҕаларын уонна сайдыытын тула кыттыбыт лектордар кэпсээтилэр, маастар-кылаастары ыыттылар, төгүрүк остуолга санааларын үллэһиннилэр.Пленарнай кэпсэтиигэ физкультура үөрэҕэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолортон саҕалаан үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр устудьуоннарга тиийэ чэбдигирдэр хайысхалары барытын таарыйдылар. Саамай улахан болҕомтону национальнай көрүҥнэр сайдыыларыгар, үөрэнээччилэр доруобуйаларын тупсарыыга, чэбдик олоххо тардыһыыларыгар уурдулар.
Бастакы күҥҥэ Саха сиригэр физкультура хамсааһынын 100 сылыгар анаан быыстапка тэрилиннэ, төгүрүк остуол, кинезиологическай чинчийэр-научнай киин уонна ХИФУ чэбдигирдэр технологиятын аһыллыыта буолла. Иккис күн түөрт секция үстүү хайысхаларынан үлэлээтэ.
Үһүс күн төгүрүк остуолга физкультура үөрэҕэр тыл терминнэрин тула ырытыы ыытылынна. Түмүккэ физкультура үөрэҕэр чинчийиилэри ыытыыны салҕыырга, үөрэх программатыгар региональнай уратылары учуоттуурга, цифровой технологияны, иитии боппуруоһугар допины утары технологиялары киллэрэргэ эттилэр уонна физкультура үөрэҕэр терминология сүрүн оруоллааҕын бэлиэтээтилэр. Аныгыскы Х норуоттар икки ардыларынааҕы конгресс эһиил ыам ыйыгар Калининград куоратыгар баар Иммануил Кант аатынан Балтийскай федеральнай университекка буолара быһаарылынна.
Анна Николаева,
ДЮСШ методиһа.