КЫАЙЫЫ КҮНЭ
«День Победы» (слова В.Харитонова, музыка Д.Тухманова) көҥүл тылбаас.
Бу Кыайыы күнэ, кыаллыбат курдуга
Кутаа уот симирик төлөн уотунуу,
Аат айаҕар, кылыстыы хатарыллан,
Бу күнү чугаһаттахпыт кыах баарынан.
Кыайыыбыт күнэ,
Тэргэн ыар сыттаах,
Бу өрөгөй күн
Кыырыктыйбыт чанчыктаах
Бу өрөгөй
уостубат харах уулаах.
Кыайыы күнэ!
Кыайыы күнэ!
Өрөгөй күнэ!
Холумтан уотун тула сомоҕолоһон
Утуйар уутун умнубута Дойдубут,
Күн — түүн уоттаах сэриигэ киирэрбит,
Кыайыыны, кыах баарынан чугаһаттахпыт.
Ийэкээм, сорохтор төннүбэтилэр…
Бииргэ сииккэ сиэлэ сырсыах этибит,
Арҕаа сир аҥаарын сатыы түһүнэммит
Бу күнү туруулаһан аҕаллахпыт.
КӨМҮЛҮӨК СЫРДЫГАР
Алдьархай ааҥнаабыт кэмигэр
Кырачаан сэрии оҕолоро
Сордоох олоҕу билбиттэрэ,
Эрэйи-муҥу тэлбиттэрэ.
Сэрии ыарахан сылларыгар
Кыстык саха балаҕаныгар
Көмүлүөк сырдыгар таҥас тиксэн,
Фроҥҥа ыыталлара дьаныһан.
Сиэрдийэ устун дайбатахтара
Дьоҥҥо илии-атах буоланнар,
Адьас туора турбатахтара
Сэрии нолуогун төлөһөннөр.
Кыһын-сайын тоҥон-хатан
Эйэ иһин туруулаһаннар,
Сыра-сылба да баранара
Кэтэһиилээх кыайыы туһугар.
КЫАЙЫЫГА БИГЭ ЭРЭЛЛЭЭХТЭР
Дойдуларыгар бэриниилээхтэр,
Кыайыыга бигэ эрэллээхтэр,
Хамандыыр бирикээһин ылаат,
Сидьиҥ өстөөххө кимэн киирэллэр.
Кырыктаах охсуһуу хонуутугар
Снаряд эстэр, ыйылыыр,
Кырдал үллэх гына соһутан,
Саллаат уйулҕатын хамсатар.
Үгүс күлүк суордуу барыҥныыр:
Бааһырбыт ыһыыта-хаһыыта,
Өй-мэйдээх тулуйбат ыарыыта…
Ыарахан да кэрдиис кэм ааҥныыр.
Буомба эстэр, буор бурҕаҥныыр,
Буурҕа буолан, өстөөҕү тибэр,
Саараабат саалаахтар түстүлэр
Сиэхситтэри атаакалааннар.
Андаҕар биэрбит эр бэртэрэ
Хамаанданы тута толордулар,
Сир ийэбитин көмүскээннэр
Хаанымсах өстөөҕү кыайдылар.
Елена Протопопова.