Тааһаҕар нэһилиэгин килбэйэр киинигэр сабыс-саҥа тутуллубут “Эйгэ” норуот айымньытын Киинин киэҥ, сырдык саалатыгар“Күбэйэ” түмсүү тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ тохсунньу 7 күнүгэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Тэрээһин киэһэ 5 чаастан “Күбэйэ” түмсүү кыттыылаахтара уон сыллаах айар үлэлэрин быыстапкатын көрүүнэн саҕаланна, кэлбит ыалдьыттар быыстапканы кэрэхсээн, сөҕө-махтайа көрдүбүт. Салгыы “Эйгэ” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Клавдия Васильевна Петрова түмсүү кыттыылаахтарын биирдиилэрин билиһиннэрэн ыҥыртаабытыгар түмсүү Далбар хотуттара уһун көрүдүөр устун бииртэн-биир үчүгэй сахалыы сонноох, бэргэһэлээх, үтүлүктээх сахалыы сиэринэн толору симэхтэрин кэтэн салбайдьыйан дохсун ытыс тыаһынан киирэн кэлбиттэрэ көрөргө үчүгэйиэн, кэлбит дьон биһирэбилин, сэҥээриитин ылла.
Түмсүү үлэтин билиһиннэрии
Акулина Кирилловна Поскачина “Күбэйэ” түмсүү салайааччыта:
— Биһиги “Күбэйэ” түмсүүлэр 2013 сылтан түмсэн, 10 сыл биир санаанан салайтаран, көхтөөхтүк тигинэччи үлэлээн кэллибит. Түмсүүбүтүгэр араас үлэҕэ үтүө суобастаахтык үлэлээбит, нэһилиэккэ убаастанар ыал Далбар хотуннара, эбээлэрэ бааллар. Түмсүүбүт сүрүн соруга сахабыт норуотун умнуллан эрэр үтүө үгэстэрин сөргүтэн, илиинэн уус-уран оҥоһуктарын дьарыктанан оҥорон дьон көрүүтүгэр уонна киэҥ билиитигэр таһаарыы. Ииһинэн эрэ муҥурдаммакка, сааһырдыбыт диэн олорон хаалбакка, нэһилиэкпитигэр, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Россияҕа тиийэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга, күрэхтэргэ кыттабыт. Иис араас көрүҥүнэн дьарыктанабыт, кыбытыктаах тигиинэн, сиэлинэн, кылынан, туоһунан, оҕуруонан уо.д.а. Бастакы үлэбит сылгы сиэлинэн дьөһөгөй оҕотун толору симэҕин оҥорон, оҥоһукпут улууска бастаан нэһилиэкпит УАЗ массыына ыларыгар сэмэй кылааппытын киллэрбиппит.
Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн санаанан салайтаран, кыһалҕалаах, элбэх оҕолоох ыалларга, баһаартан, уу халааныгар эмсэҕэлээбиттэргэ, былырыыҥҥыттан СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар бэйэбит кыахпытынан көмө оҥоробут. 2013 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрэбит. Тэриллэн үлэлиэхпититтэн олохтоох нэһилиэкпит баһылыга Семен Самуилович Каратаев, “Эйгэ” сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Клавдия Васильевна Петрова уонна салайааччыбыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская куруук өйүүллэр, күүс-көмө буолаллар. Түгэнинэн туһанан, күндү дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит.
Үөрүүлээх чааһа
Түмсүү Далбар хотуттарын үрдүк сыанаҕа ыҥыртаан таһааран бочуоттаан-чиэстээн олортулар. Оройуон Сэбиэтин депутата Егор Ревович Константинов эҕэрдэлээтэ, “За вклад в социально-экономическое развитие Вилюйского улуса” бэлиэни Зоя Васильевна Шамаеваҕа, улуус баһылыгын Бочуотунай грамотатын, Эҕэрдэ суругун түмсүү салайаачытыгар Акулина Кирилловнаҕа, улуус махтал суругун Полина Михайловна Харлампьеваҕа, Мария Егоровна Харлампьеваҕа, Мария Егоровна Павловаҕа туттарда. Акулина Кирилловнаҕа бэйэтин эҕэрдэ суругун уонна сэмэй бэлэҕин туттарда.
Информационнай-методическай отдел сэбиэдиссэйэ Никита Вячеславович Додутов эҕэрдэлээтэ, түмсүү салайааччытыгар Акулина Кирилловнаҕа “За заслуги в сфере культуры и духовности Вилюйского улуса РС (Я)” бэлиэни туттарда. Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская Общественнай палата Почетнай грамотатын Акулина Кирилловна Поскачинаҕа, Светлана Афанасьевна Андрееваҕа сэмэй бэлэҕи кытта туттарда, “Бүлүү улууһун Бочуоттаах бэтэрээнэ” диэн бэлиэни, лиэнтэни Людмила Егоровна Ивановаҕа кэтэртэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, норуот депутата Мария Николаевна Христофорова ыыппыт Бочуотунай грамотатын уонна бэрэссэдээтэл, дириэктэр илии баттааһыннаах Эҕэрдэ суругу, сэмэй бэлэҕи түмсүү кыттыылаахтарыгар хас биирдиилэригэр туттарда.
Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Семен Самуилович эҕэрдэлээтэ, наһаа үчүгэйдик түмсүү туһунан кэпсээтэ, нэһилиэктэригэр биир саамай күүстээх түмсүү буолалларын эттэ, түмсүү салайааччытыгар “Ткани” маҕаһыын 10000 сертификатын туттарда, Бүлүү улууһун “Күн Күбэй Ийэтэ” диэн бэлиэни Тимофеева Надежда Прокопьевнаҕа, “Почетный гражданин Тасагарского наслега” диэн улахан бэлиэни Семенова Мария Иннокентьевнаҕа, Семенова Наталья Семеновнаҕа, Тимофеева Надежда Прокопьевнаҕа, Бочуотунай грамотаны Григорьева Наталья Дмитриевнаҕа, хас биирдиилэригэр сэмэй бэлэхтэрин туттартаата. “Эйгэ” норуот айымньытын киинин коллектива, дириэктэр Клавдия Васильевна эҕэрдэлээтэ, “Ткани” маҕаһыын 10000 сертификатын туттарда, Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ Хотун” уонна “Сайдыына”, Хампаттан “Далбар”, Бөтүҥтэн “Көлүкэчээн”, Бүлүүттэн “Алаһа” түмсүүлэр, Бүлүүттэн Ефросинья Дмитриевна Петрова, “Мичээр” оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Наталия Алексеевна Семенова, аймахтара эҕэрдэлээн бэйэлэрин сэмэй бэлэхтэрин туттардылар.
Кэнсиэрт кэнниттэн “Күбэйэ”, “Сайдыына”, “Күбэйэ Хотун” түмсүүлэр Далбардара саха балаҕаныгар, бэйэлэрин курдук, наһаа да үчүгэй, остуол хотойорунан ас бэлэмнээбиттэр. Өссө наһаа минньигэс үбүлүөйүнэй 3 туорду оҥорбуттар, дохсун ытыс тыаһынан туорду быһан, кэлбит ыалдьыттары күндүлээтилэр. Толору астаах сандалы тула олорон эҕэрдэ эриэккэһэ этилиннэ, хомоҕой хоһоон ааҕылынна, ырыа-тойук ылланна, оонньуу-битии оройуттан тутулунна.10 сыл устата Акулина Кирилловна айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, хотуулаахтык түмсүүтүн дьонун биир санааҕа түмэн салайан үлэлии сылдьар. Түмсүү сыралаах үлэлэрин сыаналаан нэһилиэктэрин баһылыгын, бырабыыталыстыба, министиэристибэлэр, улуус дьаһалтатын элбэх Бочуотунай грамоталара, Махтал суруктара, анал бэлиэлэрэ, дипломнара туттарыллыбыттара туоһулууллар.
Убаастабыллаах Акулина Кирилловна уонна “Күбэйэ” түмсүү Далбар хотуттара! Эһигини түмсүүгүт 10 сыллаах үбүлүөйүнэн, элбэх ситиһиилэргитинэн, улахан наҕараадаларгытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! “Күбэйэ” түмсүү ыксаллаах түгэҥҥэ биир бастакынан ылсар. Ыарахан түгэҥҥэ түбэһээччигэ, дурдата-хаххата суох хаалааччыга, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ барар, сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар халыҥ таҥастан, астан-үөлтэн саҕалаан, ымпыгар-чымпыгар тиийэ көмө оҥороҕут. Бу 10 сыл устата ыытыллыбыт үлэ хайысхатын киһи ааҕан сиппэт. Ханнык да уопсастыбаҕа, тэрилтэҕэ, аймахха, дьиэ кэргэҥҥэ үтүөнү түстээччи, олоҕу оһуордааччы-ийэ. Ол сиэринэн, “Күбэйэ” түмсүү кыттыылаахтара бүтүн улуус туһугар туруулаһаллар, кини аатын-суолун харыстыыллар, кини үлэтин ханна даҕаны чиэстээхтик, сиэрдээхтик көрдөрөллөр. Эһигинэн киэн туттан тураммын, күндү дьоммор маҥнайгы хаар кыырпаҕын курдук ыраас санааны, алмаас таас курдук кытаанах доруобуйаны, тус олоххутугар уйгуну-быйаҥы, дьолу- соргуну баҕарабын.
Ефросинья Петрова-Айыы Далбар эһиэхэ анаан хоһоон суруйбутунан түмүктүүбүн.
Кэрэ-бэлиэ киэһэнэн
Күлүмнүүр күн уота
Күөрэйэ тахсар алаастардаах,
Көтөр-сүүрэр уйа туттар
Көнө сыһыы хонуулардаах,
Талбыт курдук талба талаан
Тайаммыт сиригэр —
Тааһаҕардыыр эбэҕэ
Таалалаахтаан үөскээбит
Табаарыстар, доҕоттор
Ыҥырыыларын ылынан,
Муһуннубут бүгүн манна
Тарбахтарыгар талааннаах
Эбэлэр, ийэлэр, кыргыттар,
Салайааччылара Кирилловна
Сатабыллаахтык дьаһайан-такайан,
Саҕалаабыт үлэлэрэ
Үгүһүн, элбэҕин сөхтүбүт,
Уоннуур сыллаах үлэлэрин түмэннэр,
Дьикти кэрэ түгэни бэлэхтээн,
Үлэлэрин кэтэн
тахсан көрдөрдүлэр.
Араас талаан элбэҕин
Көрөн-истэн астынныбыт,
Дьоллоннубут бу киэһэ,
Чаппараахтар, кычымнар
Талбыт курдук дэлэйдэр.
Өбүгэлэр үгэстэрэ өр кэмҥэ
Сүтэн-иҥэн хаалбытын
Сөргүппүттэр дьиҥ чахчы.
Эһигини салҕаан
Ыччаттар ылсыһан,
Күрэхтэргэ кыттыһан,
Маастар бастыҥа буоланнар
Улуустарын дьоннорун
Үөрдүөх ыччат элбээбит.
Эһиэхэ анааммын
Кэхтибэт кэрэҕэ кыттыһан,
Кэскили түстээммин,
Кэрэни саныыбын.
Эһигини үөһэттэн Үрдүк айыылар
Арчылыы, алгыы, үөрэ-көтө
Харыстыы, харыһыйа,
Аанньал буола турдуннар!
Дом! Дом! Дом!
10.01.2024 сыл,
Бүлүү к.
Мария Томская,
өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ
Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта.