Кырылас тыастаах кырыымпа тыаһа сахалыы ырыаны сыыйа тардан тыаһаттаҕына хайа киһи сүрэҕэ долгуйбат буолуой? Баппаҕаайы орто оскуолатын иһинэн «Кылыһах» диэн ааттанан саха төрүт тыаһыыр үнүстүрүмүөннэригэр оҕолору эрчийэн саҕалаабыппыт иккис сыла буолла.
Быйыл сайыҥҥы оскуолаҕа программа сурунан бэс ыйын 1-14 күннэригэр дьарыктанан, искусство араас көрүҥнэрин оҕолорго билиһиннэрдибит — сахалыы тыаска-ууска, театр гримыгар, “органическое молчание”, сүөһү маҥырыырын, ыт үрэрин үтүктэргэ. Лепка диэн дьарыкка эбии дьарыктааһын учуутала Екатерина Васильевна Данилова маастар-кылаас көрдөрөн, оҕолор опилканан тэллэй оҥорон көрдүлэр. Уруһуй дьарыгар уруһуй учуутала Анна Ивановна Матвеева гуаһынан хатыҥы уруһуйдаан сүрдээх үчүгэй хартыынаны оҥорон таһаардылар. Библиотека үлэһитэ Айталина Михайловнаны кытта библиотеканы билсэн, Пушкин төрөөбүт күнүгэр анаан викториналары таайан бириис ылан үөрдүлэр. Араас хамсаныылаах оонньуулары, оонньоон сарсыардабытын хамсаныыттан саҕалаан, күрэхтэри, викториналары,квест оонньууну ыыттыбыт, төрөөбүт күн ыллыбыт. Айылҕаҕа олорон уруһуйдаан да көрдүбүт уонна сүрүн дьарыкпыт — кырыымпаҕа, хомуска эрчиллии, оһуохайдаан эрчилиннибит,баян, аккордеон, синтезатор, нууччалыы ложкаҕа кытта эрчилиннибит, ксилофону, бубенчигы, колокольчик тыастарын тыаһатан да көрдүбүт. 14 күммүт биллибэккэ элэс гынна.
Онтон сүрүн былааммыт ыһыахтарга кыттыы. Нэһилиэк ыһыаҕар концерка кырыымпабытын, хомуспутун оонньоон көрдөрдүбүт, Антонова Наташа оһуохай тыла таһаарда. Бүлүү ыһыаҕар олохтоох дьаһалта көмөтүнэн босхо айаннатан тиийэн, «Саха төрүт дорҕооно» күрэххэ кыттан, оҕолорго, иккис үрдэли ылан 5тыһ. солк. бириискэ тигистибит. Наташа Антонова «Оһуохай — ыһыах алгыстаах үҥкүүтэ» үҥкүү тылын этээччилэр аһаҕас күөн күрэстэригэр оҕолорго оһуохайга кыттан, иккис үрдэли ылан 3 тыһ.солк. бириискэ тиксэн үөрүүбүт үрдээтэ. Бэйэм саастаах дьоҥҥо оһуохай күрэҕэр үһүс үрдэли ылан, 4 тыһ.солк. бириис ыллым. Ол быыһыгар үөрэҕирии управлениета тэрийбит «Ойор күннээх оҕо саас» оҕолорго аналлаах барыл чэрчитинэн ыытыллыбыт «Саха талба таҥаһа» көрүү күрэҕэр кыттан, үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн, бириис ыллыбыт.Инньэ гынан кырылас кумахтаах Бүлүүбүт сирэ үтүө хараҕынан көрөн, оҕолор үөрэн-көтөн, ырыа-тойук аргыстаах Бүлүү ыһыаҕыттан төнүннүбүт.
Уонна саамай сыалбыт чыпчаала, өйүүнүгэр, бэс ыйын 19 күнүгэр «Фестиваль на Ленских столбах» диэн күрэх-фестивальга Дьокуускай куоракка кытта айаннаатыбыт. Эрдэ тиийбиппит быһыытынан паркаҕа сылдьан оҕолору «Вальс», «Дракон» хачыалга, аттракционнарга сырытыннаран үөрүү үрдэ суох буолла. Киэһэтигэр “Михаил Светлов” теплоходка олорсон Өлүөнэ очуостарыгар айаннаатыбыт. Ресторан остолобуойдарын аһа дэлэйэ, сонуна оҕолор олох сөҕүү-махтайыы, киэһэтигэр дискотекалаан, утуйан баран сарсыардааҥы аһылык кэнниттэн көрүү-фестиваль саҕаланна.
«Кылыһах»фольклорнай түмсүүм бэйэтин саастарыгар 1 лауреат буолла. Алиса Иванова флейтаҕа оонньоон бэйэтин саастаахтарыгар эмиэ 1 лауреат, Арылхан Барашков баяҥҥа оонньоон саастаахтарыгар эмиэ 1 лауреат буоллубут, Наташа оһуохай таһааран иккис лаурет буолла. Онон үлэбит таһаарыылаах буолан астынныбыт. Өлүөнэ очуостарыгар ытта сырыттыбыт, оҕолор барыны бары интэриэһиргээн көрдүлэр, иһиттилэр.
Уонна бүтэһигэр оскуолам директорыгар Макаров Виталий Владиславовичка, дьаһалта баһылыгар Егор Афанасьевич Николаевка, оскуола суоппарыгар Алексей Васильевич Дьячковскайга, төрөппүттэрбэр улахан махталбын хаһыат нөҥүө тиэрдэбин. Дьоллоох буолуҥ, доруобай буолуҥ, ситиһии сиэттистин, дьол тосхойдун, үөрүү үөрдүстүн, баай-талым олохтонуҥ, оҕолоргут үөрэхтээх үтүө-мааны, дьоһун дьон буола улааттыннар!
Матрена Кириллина,
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто үөрэхтээһин оскуолатын музыкаҕа учуутала.