Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Саха народнай суруйааччыта Иван Гоголев — Кындыл «Хара кыталык» романынан «Кындыл кыталыктаах кырдалынан» скульптураҕа аһаҕас күрэхтэһии түмүгэ Чочуга Иван Гоголев түмэлигэр буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 10 кыттааччы, 11 үлэ кыттыыны ылла. Манна Хаҥаластан, Намтан, Уус-Алдантан, Тааттаттан уонна Бүлүү улууһуттан кытыннылар.
Муҥутуур кыайыылаах Иванов Афанасий Егорович — «Хабырыыс уонна Хобороос» скульптурата буолла, 2 миэстэни Слепцов Алексей Алексеевич оҥорбут «Кыһалҕа ойуун» үлэтэ, 3 миэстэни Мичил Романович Корякин хоһуйбут «Хараанай» үлэтэ буолла.
Маны таһынан анал ааттар иҥэриллиннилэр. Ол курдук, «Дебют» анал аат ыраах Хаҥалас улууһуттан Кузьмина Варвара Валериевна оҥорбут «Бэдэр харах» үлэтэ, «Творческое вдохновение» — олус талааннаах Сивцев Эдуард Иннокентьевич оҥорбут «Тойон киһи» скульптурата, «За креативность и оригинальность» — «Хара кыталык» скульптура ураты көрүүлээх Петров Казимир Николаевич оҥоһуга. Ону тэҥэ куйаар ситиминэн ыытыллыбыт куоластааһыҥҥа кыайан «Көрөөччү биһирэбилэ» анал аат кыайыылааҕа Петров Родион Иннокентьевич, 5 саастаах саамай кыра кыттааччы ылыан ылла.
Кэлбит ыалдьыттар түмэли көрөн, наҕаарадалааһын кэннэ төгүрүк остуол тула олорон сэһэргэһэн бардылар.
Мария Лыткина.