Кырдьаҕас быһыйбыт ситиһиитэ

Өрүү буоларыныы, от ыйын 27 күнүгэр долгуйар Дьокуускай куоракка “Дьулуур” кулууп тэрийиитинэн 43 үбүлүөйдээх сүүрүүтүгэр элбэх киһи сүүрэр суолга турунна.

Манна бааллар эдэр да, кырдьаҕас да сүүрүктэр, уопсайа, 113 киһи араас кээмэйдээх сиргэ сырыстылар. Ол курдук 5-10-21 км саастарынан арахсан, сырсыы киэнэ кытаанаҕа буолла. Ким хайдах туруктааҕа дьэ биллэн таҕыста.

Биһиги улууспутуттан 86 сааһыгар сылдьар Киргиэлэй Мосов 5 км сири 43 мүн. түмүктээн, доҕорун, Тааттаттан сылдьар Филипп Гуляевы кытта утуу-субуу кэллилэр. Урут бу сааска син балай эмэ кыттар этилэр, ону баара саас обургу бэйэтин ирээтин ылан эрдэҕэ, айылҕа сокуона буоллаҕа.

Дьэ, ити курдук биһиги Киргиэлэйбит өр сылларга улууһун дьонун үөрдэ- көтүтэ сылдьара хайҕаллаах, инникитин да бу сөбүлүүр дьарыгынан дьонун үөрдэ сырыттын диэн алгыыбыт.

Биһиги корр.

Читайте дальше