Соторутааҕыта “Дьулуур” кулууп сүүрүүнү таптааччылара — 50-тан тахса араас саастаах дьон кырдьаҕастыын — эдэрдиин сүүрэр суолга таҕыстылар.
Сүүрэр күннэригэр халлаан тыалланан, эбиитин тымныйан ылла. Аны туран куорат пааркатыгар сүүрэр суоллара хаары кытта итиннэ уу, манна уу, ону сорохтор тумналлар. Сорохтор ортотунан сүүрдүлэр, халтарыйан охтуу бу сырыыга элбээтэ. Онтон атахха тымныы уу киириитэ ааҕыллыбат даҕаны.
Онон сүүрэр суоллара куһаҕан, ким да үчүгэй бириэмэни көрдөрбөтө. Ол курдук, өрүү буоларыныы, биһиги улууспутуттан Григорий Мосов 85 саастаахтарга сүүрдэ. Эппиппит курдук, үчүгэй бириэмэни итинник суолга ким көрдөрүөй. Ол да буоллар, биһиги кырдьаҕаспыт, бэйэтэ этэринэн, чааһы кыайбатынан хайаан да кэлиэхтээхпин диэбитин толордо. Кини 50 мүнүүтэнэн кэлбит уонна чемпион үрдүк аатын ылыан ылла.
Кини хаҥаластар бириистэрин – халыҥ кинигэни кытта Чороон, грамота, мэтээл тутта. Онон Григорий Яковлевич тиһигин быспакка, күн-дьыл уустугун аахсыбакка куруутун сүүрэр, эрчиллэр сыралаах үлэтэ ситиһиилээхтик түмүктэммититтэн улаханнык үөрэр. Улуус олохтоохторун ааттарыттан кинини сүүрүү суолугар улахан ситиһиитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит, куруутун буоларын курдук, төрөөбүт Бүлүүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ ити курдук ааттата туруохтун, этэҥҥэ буоллун.
Биһиги общ. корр.
Николай Федоров хаартыскаҕа түһэриитэ.