Кыргыдайдар СВО-ҕа көмө тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабыт

Кыргыдай нэһилиэгин тэрилтэлэрэ,түмсүүлэрэ  СВО-ҕа сылдьар байыастарга, блиндажнай чүмэчи оҥоруутугар Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит акцияҕа кыттыһан, 114 устууканы оҥорон бэлэмнээтилэр.

Ол иһигэр «Туйаара» үҥкүү-ырыа бөлөҕө 20 устууканы, аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ, «Туску» норуот айымньытын Дьиэтин кэлэктиибэ, эдэр хаһаайкалар  86 устууканы, биирдиилээн дьоннортон Е.С. Наумова — 6 устууканы, С.Д. Колтовская — 2 устууканы оҥордулар.

Нэһилиэк олохтоохторо  чүмэчи, кэнсиэрбэ бааҥкатын, А.В. Кырбасова салайааччылаах «Илин» бааһынай хаһаайыстыба 100 устуука чүмэчини  аҕалан, улаханнык көмөлөспүттэрин тоһоҕолоон бэлиэтиир наадалаах. Ону таһынан «Дайыы» үҥкүү бөлөҕө 9 миэтирэ усталаах, 1,70 миэтирэ кэтиттээх маскировочнай сетка баайдылар.

Бу курдук  Кыргыдай нэһилиэгин  олохтоохторо бары биир санаанан кыайыы туһугар, СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбыт эйэлээх олоххо этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр баҕаран туран, көмө тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт.

Павлина Кырбасова.

Читайте дальше