Кыылга тирии сыстыганнаах ыарыылара

Микроспория, трихофития (модьуун, төбүрүөн) – саамай сыстыганнаах ыарыылартан биирдэстэрэ буолар. Кыылтан-сүөһүттэн киһиэхэ бэриллэр, эбэтэр ыалдьыбыт киһи тулатынааҕы дьонуттан эмиэ сыстар.

Модьуун — сүрүннээн ынах сүөһү, сылгы уонна сэдэхтик куоска, ыт, оннооҕор сэдэхтик сүөһү атын көрүҥнэрэ ыалдьаллар. Ордук кэбэҕэстик ыччат сүөһү ыалдьааччы. Ынах сүөһүгэ ыарыыны көбүтээччинэн трихофитон (Trichophyton ectothrix megasporon), кыра кыылларга (кутуйах, күтэр, кролик, куоска) — Tr. mentagraphytes (var. gypseum), сылгыга — микроспорум (Microsporum: M. equinum, M. gypseum) диэн ааттанар түүнүк тэллэйин (грибок) бииһин уустара буолаллар.

Ыарыы олохсуйуута уонна тарҕаныыта

Модьуунунан ыалдьыбыт сүөһүлэр, сутуллубут сүөһү турар тутуулара, тэллэх от, көлүнэр уонна сүөһүнү көрөргө-аһатарга туттуллар тээбирин барыта — модьуун көбүтээччитин олохсуйар эйгэтэ. Доруобай сүөһү ыалдьыбыты кытта бииргэ тутуллуутуттан, ону таһынан, тас эйгэ араас эттиктэриттэн сыстыһар. Модьууннаах сүөһүттэн ыарыы дьоҥҥо эмиэ сыстыан сөп.

Ыарыы көстүүтэ

Кистэлэҥ кэмэ ортотунан 30-ча хонук. Ынах сүөһүгэ сүрүннээн төбөтүн, моонньун, кутуругун төрдүн тириитэ, ыччат сүөһүгэ төбөтүгэр араас кээмэйдээх тимэх курдук абсеска маарынныыр хохтуйуулара көстөөччү. Сибиинньэ көхсүн, түөһүн, буутун уонна арҕаһын тириитэ, оттон ыт төбөтүн, моонньун уонна атахтарын тириилэрэ хохтуйаллар. Куоска модьууна, син эмиэ ыт киэнин курдук, ол гынан баран киһиэхэ сыстар кутталлаах.

Ыарыыны сүрүн тарҕатааччылар:

Микроспорияны мээнэ сылдьар куоскалар, куоска оҕолоро, ардыгар ыттар уонна ыалдьыбыт киһи тарҕатыахтарын сөп.

Трихофитияны ыарыылаах ынах сүөһү, тарбыйах, ардыгар сылгы уонна ыалдьыбыт киһи тарҕатыахтарын сөп. Микроспорияҕа эбэтэр трихофитияҕа ыалдьыбыт кыыл түүтэ, тириитэ, тэллэйдээх хоһоҕото сиргэ түстэҕинэ, 1-3 ый устата ыарыыны тарҕатар кыахтаах. Бу сыстыганнаах тирии ыарыыларыгар сыстарга киһи ыарыыны утары охсуһар күүһэ (иммунитета) мөлтөөһүнэ, оҕо тириитэ ситэри сайда илигэ, олус көлөһүннүрүү, тириигэ баар хайа тардыы эмиэ оруоллаахтар.

Ыарыыны утары охсуһуу уонна сэрэтии дьаһаллара

Сэрэтии дьаһал быһыытынан ЛТФ-130 вакцинаны 10—14 хонук арыттаан иккитэ сүөһү буутугар биир сиринэн укуолланар: ньирэйгэ 1—4 ыйыгар диэри—5 мл, 5-тэн 8 ыйыгар диэри — 8 мл, аҕыс ыйыттан өрө саастаах сүөһүлэргэ — 10 мл. Тиһэх укуол кэнниттэн биир ый буолан баран сүөһүгэ 4 сыл устата дьайар иммунитет үөскүүр. Укуол анньыллыбыт сиригэр 10—15 хонон баран 2 см диаметрдаах хохтуйуу (хаҕырыы) үөскүүр, маны тыытар, эмтиир сатаммат. Эмтэммит сүөһүлэри кичэйэн түүлэрин-өҥнөрүн кэтээн көрүллэр. Онуоха модьуунунан ыалдьан барбыттары эбэтэр саарбаҕаланааччылары арааран, туспа сиргэ тутан туран эмтэниллэр.

Дьиэ кыыла кэмиттэн кэмигэр бэтэринээргэ көрдөрүллүөхтээх.

Өскөтүн дьиэ кыыла (ыт, куоска) ыалдьыбыт сибикитэ билиннэҕинэ, бэтэринээргэ көрдөрөн эмтэтиллэр. Онон микроспория (төбүрүөн), трихофития (модьуун) олус сыстыганнаах ыарыылар буолалларын умнумаҥ.

Ол гынан баран баран дьиэ кыыллара бааһырдылар даҕаны барыта сыстыганнаах ыарыы  буолбатах.  Билиҥҥи кэмнэ аллергическай дерматиттар  олус элбэхтэр тириини бааһырдыылара микроспорияҕа уонна трихофитияҕа олус маарынныыллар. Онон дьиэ кыыллара ыалдьар түбэлтэлэригэр ветеринарнай специалистарга илдьэн көрдөрбүт ордук.

Бүлүү улууһун ветеринарнай сулууспата