Ламинария Макарова: страховой усунуос сорҕотун төнүннэриэххэ сөп, биэнсийэлээхтэр бырайыастарын төлөбүрүн ирдэбиллэрэ

Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи отделениетын Бүлүү улууһунааҕы килийиэнискэй сулууспатын салайааччы Ламинария Макарова соторутааҕыта буолан ааспыт улуус муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын сүбэ-мунньахтарыгар тэрилтэлэр үлэһиттэрин страховой усунуостарын сорҕотун төнүннэрэр кыахтаахтарын уонна үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр улуус иһинээҕи бырайыастарын төлөбүрүгэр ирдэбиллэри билиһиннэрбитэ.

Биһиги килийиэнискэй сулууспа салайааччытын көрсөн ити боппуруостары чуолкайдаабыппытыгар, Ламинария Федотовна маннык быһааран биэрдэ:

— Социальнай пуондаҕа бэйэтин үлэһиттэрин страховой усунуостарын кэмигэр төлүүр ханнык баҕарар тэрилтэ биир сылтан үс сылга диэри аһардыбыт үбүттэн 30% тиийэ харчытын төнүннэриэн сөп. Төннөрүллэр үп үлэ харыстабылын эйгэтигэр туһаайыллыахтаах, ол эбэтэр, үлэ таҥаһын атыылаһыыга, үлэһиттэр санаторнай-куротнай эмтэниилэригэр уо.д.а. туһаныллыахтаах.

Ааһан эрэр 2023 сылга ЯТЭК, оройуоннааҕы киин балыыһа, «I Күүлэт» ПК, Г.И.Чиряев аатынан 1 №-дээх оскуола холбоон, уопсайа, 1 мөл. солк тахса сууманы төнүннэрдилэр. «I Күүлэт» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ 3 сыллааҕы усунуоһун харчытын мунньан, барыта 236 тыһ. солк сууманы төннөрдө.

Пуондаҕа үлэһиттэрин усунуостарын кэмигэр аһардыбыт ханнык баҕарар тэрилтэ 2024 сылга докумуоннары аҕалан туттардаҕына, үбүн эмиэ итинник төнүннэрэр кыахтаах.

Тэрилтэ ирдэнэр докумуоннары хомуйан түһэрдэҕинэ, биһиги Социальнай Пуонда Саха сиринээҕи отделениетыгар ыытабыт. Дьокуускайга докумуоннары үөрэтэн көрөн баран тэрилтэ докумуоннарын сөп диэтэхтэринэ, нолуоктарын барытын сөпкө төлөөбүт буоллаҕына, 30 % тиийэ харчытын төнүннэриэн сөп.

2024 сылга үптэрин төнүннэриэн баҕалаах тэрилтэлэри биһиги ирдэнэр докумуоннаргытын бэс ыйын 30 күнүгэр диэри аҕалыҥ диэн болдьохтуубут. Тоҕо диэтэргин, докумуоннар атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри бэлэм буолалларын курдук арыый эрдэ көрдүүбүт, үптэрин төнүннэрээччилэри кытары от ыйыгар, атырдьах ыйыгар үлэлэһэбит.

Бүгүҥҥү күҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын салаатын ыллахха, «Бөтүҥ», «Кыргыдай» ПК-лар, «Орто Бүлүү» СПО, «Сыа Бүлүү» кэпэрэтиип усунуостарын кэмигэр, үчүгэйдик аһардан иһэллэр. Кинилэр кэлэр сылга төлөөбүт үптэрин сорҕотун төнүннэриэхтэрин сөп. Бүддьүөт тэрилтэлэрэ үбү эмиэ итинник төнүннэриигэ төһө баҕарар үлэлэһиэхтэрин сөп.

Страховой усунуос үбүн төнүннэриигэ ирдэнэр докумуон элбэх, онон, тэрилтэлэр 42-4-49 телефоҥҥа эрийэн испэсэлиистэри кытта билсиэхтэрин сөп.

Аны бырайыас докумуоннарын туһунан. Социальнай пуонда үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ икки сылга биирдэ босхо айаннаан Арассыыйа хайа баҕарар муннугар тиийэллэригэр, тас дойдуга тахсалларыгар дойду бүтэһик туочукатыгар тиийэ төлөбүр оҥорор. Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр итинник өҥөнөн үлэлээбэт эрэ кэмнэригэр туһаналларын, бырайыастарын докумуоннарын туттарар кэмнэригэр эмиэ үлэлээбэт буолуохтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтиибин.

Бүлүү куората федеральнай суолга сыттана сытар буолан чэпчэки сырыылаахтарга киирсэр. Ол иһин Дьокуускайга диэри таксинан айанныыр биэнсийэлээхтэртэн булгуччу каасса чиэгэ ирдэнэр. Чахчы баран кэллэ, төлөөбүт докумуона бу баар диэн өйдөбүллээх.

Онтон ыраах сытар нэһилиэктэр суоллара-иистэрэ мөлтөхтөргө киирсэллэр, онон, тыаттан таксинан киирэр биэнсийэлээхтэртэн приходнай ордер ирдэнэр. Таксилаах урбаанньыт маннык киһи айаныгар бачча сууманы төлөөтө диэн ордер суруйан биэриэхтээх.

Биһиги бырайыас докумуоннарын хомуйан Дьокуускайга ыытабыт, сорохторго күн бүгүнүгэр диэри каасса чиэгэ суох диэн төлөбүргэ аккаас кэлэ турар. Сорохтор ыраах тыаттан үргүлдьү Дьокуускайга барбыппыт дииллэр уонна приходнай ордер аҕалан биэрэллэр, оччоҕо эмиэ бырайыас төлөбүрүгэр аккаас кэлэр.

Ыраах нэһилиэктэртэн Бүлүүгэ диэри киирэр биэнсийэлээхтэр бырайыастарын төлөбүрүгэр приходнай ордер, онтон Дьокуускайга диэри айаннарын төлөбүрүгэр каасса чиэгин биһиэхэ биэриэхтээхтэр. Итинник эрэ түгэҥҥэ бырайыас төлөнөр.

Биэнсийэлээхтэр итини үчүгэйдик өйдүөхтэрин наада, бэйэбит өттүбүтүттэн өйдөтүү үлэтин төһө кыалларынан ыыта сатыыбыт. Ол иһин, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын сүбэ-мунньахтарыгар ити туһунан толору быһааран биэрбитим.

Николай Куприянов.