Лөкөчөөҥҥө сыыр оҥорор «Туйгун-Ас» кэпэрэтиип сүөһүтүн элбэтээри саҥа хотон туттар

Лөкөчөөҥҥө Максим Харлампьев салайааччылаах «Туйгун-Ас» кэпэрэтиип ынах сүөһүтүн ахсаанын, оҥорор үрүҥ аһын кээмэйин элбэтээри оборудование атыыласта уонна саҥа хотон туттар.

Лөкөчөөҥҥө Афанасий Кузьмич Харлампьев өссө 2000 сыллар саҥаларыгар «Тускул»  бааһынай хаһаайыстыба тэриммитэ. Хаһаайыстыба атаҕар турарыгар, элбэх ынах сүөһүнү тутарыгар, үрүҥ аһы астыырыгар Афанасий Кузьмичка кэргэнэ Марианна Егоровна, уолаттара Кузьма, Максим, Гаврил күүс-көмө, бигэ тирэх буолбуттара. Төрөппүттэрэ уолаттарын кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран үлэни кыайар, сүрэхтээх, хоһуун үлэһит дьон буола иитэлээн таһаартаабыттараа, билигин аҕалара саҕалаабыт дьыалатын уолаттар ситиһиилээхтик салгыыллар.

Афанасий Кузьмич Харлампьев оттуур Улуҥнааҕар тэриллибит отчуттар улуустааҕы күүлэйдэригэр ыал ийэтэ Марианна Егоровна кылгас кэмҥэ элбэх сири охсон миэстэлэспитин ахтыахха сөп.

«Тускул» бааһынай хаһаайыстыба Бүлүү улууһугар биир бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыбалар ахсаннарыгар киирэри ситиспитэ, улууска бастакынан сыыр оҥоруутун баһылаабыта.

2011 сыллаахха хаһаайыстыба хотонугар сүөһүлэрин көрүүгэ туруорбут уонна кэлин эһээри гыммыт дьонтон хороҕор муостаахтарын атыыласпыта уонна ити сыл «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» гранынан хотон туттубута.

Дьокуускайдааҕы үп-экономика колледжын бүтэрбит, кэлин үрдэтиммит экономист үөрэхтээх Максим үрүҥ аһы астыыр сыаҕы салайан, суот-учуот, докумуон өттүн ыытан, Кузьма уонна Гаврил тиэхиньикэни көрөн-истэн, оттоон, үүнээйи олордон үлэлэппиттэрэ.

2014 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба евро сыаната кыра эрдэҕинэ сыыр оҥорор итальянскай оборудование атыыласпыта. Максим Москубаҕа баран сыыр оҥорорго анаан үөрэммитэ уонна 2015 сылтан «Качотта», «Моццарелла», «Рикотто» сыырдары оҥорон барбыта. Кини билигин дьон сөбүлээн ылар «Качотта» сыыры сылга 1,5 т ордугу оҥорор.

2020 сыллаахха бары сүбэлэһэн үрүҥ аһы астыырга анаан «Тускул» хаһаайыстыба олоҕор «Туйгун-Ас» кэпэрэтииби тэрийбиттэрэ, салайааччытынан Максим Харлампьевы талбыттара. Тэрийээччилэринэн бэйэлэрэ уонна үүт туттарар хаһаайыстыбалар буолбуттара.

«Туйгун-Ас» кэпэрэтиип бэйэтин ынахтарын уонна Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтоохторун хаһаайыстыбаларыттан туппут үүттэриттэн үрүҥ аһы астыыр сыаҕар: үүтү, суораты, сүөгэйи, ынах арыытын, иэдьэгэйи, сыыры астыыр.

Билигин хаһаайыстыбаҕа 70-ча ыанар ынахтаах, төбөнөн аахтахха 180 тахса ынах сүөһүнү туталлар. Күһүөрү 60-ча сүөһүнү идэһэҕэ тутталлар. Былырыыҥҥы угут дьылга 15 сүөһү сүппүтүн кыайан булбатахтара. Мэччирэҥэ суох, ойуур, бадараан дойду буолан сүөһү сүтэрин кэпсииллэр.

Хаһаайыстыба 2014 сылтан Дьокуускай Тулаҕытын таһыгар сүрүн отун – 300 т оту бэлэмниир, Лөкөчөөн таһыгар 150 т оттууллар. Былырыын сирдэрэ ууга бараннар Лөкөчөөн таһыгар оттооботохтор. Билигин Кузьма уонна Гаврил Тулагы таһыгар от күүстээх үлэтигэр сылдьаллар.

— Оттуур ходуһабыт үчүгэйэ буоллар дойдубутугар оттуо, ыраах Тулаҕыга барыа суоҕа этибит. Оппутун кыһын таһабыт. Кузьма тиэхиньикэ өттүн дьаһайар, Гаврил үүнээйи үүннэриитинэн дьарыктанар. Лөкөчөөҥҥө эбиэс, горох ыһааччыбыт, олордор, хомуйар тэриллээхпит. Күһүн хомуйан сиилэстиибит. Быйыл сирбит кыра аҥарыгар ыстыбыт, кута буолан, сирбит алдьанан тиэхиньикэ сылдьар кыаҕа суох, — диэн Максим Харлампьев үлэни билиһиннэрдэ.

Хаһаайыстыбаҕа сайын арыы астыыллар, суораты, иэдьэгэйи сакааһынан эрэ оҥороллор. Хаһаайыстыбаҕа ынах сүөһү ахсаанын элбэтээри саҥа хотон тутта сылдьаллар, ылбыт граннарын үбүн барытын оборудованиеҕа, хотон тутуутугар ыыппыттар.

Соторутааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Лөкөчөөҥҥө таарыйан Максим Харлампьевы көрсөн, хаһаайыстыба үлэтин билсэн барбыта. Кэпэрэтиип салайаччыта саҥа хотон тутталларыгар үбүнэн көмө көрдөспүтэ. Лөкөчөөннөр саҥа хотон тутуутугар көмө көрүллүө диэн эрэллээхтэр…

— Хас биирдии нэһилиэккэ үрүҥ аһы астыыр сыах баар буолуохтаах дии саныыбын. Ынах сүөһү аҕыйыы турарынан, үрүҥ аһы астааһын тэрилиннэҕинэ эрэ сүөһү ахсаана наһаа түһүө суоҕа. Тыа сиригэр сүөһүтэ суох хайдах олоруохпутуй? Үрүҥ аска дьон үөрэннилэр, Бүлүү куоратыгар үчүгэйдик ылаллар, Хампаҕа, Кыһыл Сыырга атыылыы сылдьыбытым, кыһын Дьокуускай маҕаһыыннарыгар үрүҥ аспытын туттарабыт, — диэн кэпсиир Максим Харлампьев.

Кэпэрэтиип эдэр салайааччыта этэрэ оруннаах. Хас биирдии нэһилиэккэ үүтү астааһын тэрилиннэҕинэ, үрүҥ ас кээмэйин элбэтэргэ, дьон дохуот аахсар буоллаҕына сүөһү ахсаанын аҕыйаппат туһугар үлэ барыа.

Билигин «Туйгун-Ас» кэпэрэтиип сылга 240 т үүттэн 5 т арыыны астыыр, 1,5-2 т кэриҥэ сыыр, 15-18 т суорат, 10 т иэдьэгэй, 6-7 т сүөгэй, эбитин чохоон, күөрчэх оҥорор.

Сыыр оҥоруутун туһунан билиһиннэрдэххэ, кытаанах аҥардаах биир киилэ сыыры оҥорорго 12 лиитэрэ үүт туттуллар, сымнаҕас сыыр 13, кытаанах сыыр 9 лиитэрэ үүттэн тахсар. Кытаанах сыыр сыл аҥарынан ситэр, онон сыаната үрдээн биэрэр, үрдүк сыанаҕа дьон ыла сатаабаттар эбит, ол иһин, хаһаайыстыбаҕа «Качотта» сыыры атыыга үчүгэйдик барарынан оҥороллор.

Сыыр оҥорорго урут импортнай оборудованиены туһанар буоллахтарына, быйыл элбэх үрүҥ аһы астыырга, сыыр оҥорорго Арассыыйа оборудованиетын атыыласпыттар.

Билигин кэпэрэтиип 100 төбөлөөх сүөһүгэ аналлаах хотону тутта сылдьар. 2021 сыллаахха ылбыт 13 мөл. солк суумалаах грант суотугар, бэйэлэрэ 6 мөл. солк. сойуом ылан хотон оборудованиетын: транспортер, уулатар, ас түҥэтэр оборудование атыыласпыттар, сорҕотун хотон тутуутугар туһаммыттар. Хаһаайыстыба салайааччыта этэринэн, эбии харчы эрэ көрүлүннэҕинэ хотон тутуута силигин ситэр кыахтаах. Хотоҥҥо эбии тутуу сыччах каркаһын туруоруу 2 мөл. солк. тэҥнэһэрин суоттаабыттар. Хотон иһин сырдатар уот, ынаҕы ыыр оборудование ылыллыахтаах. Хотон сэндвич панелларынан тутуллар, үүт блога эмиэ итинник панелларынан таҥыллыахтаах.

— Саҥа хотон үлэҕэ киирдэҕинэ сүөһү ахсаана элбиэхтээх, боруода ыанар ынах атыылаһыахпытын баҕарабын, кэлэр өттүгэр оҥорор бородууксуйабытын элбэтэ сатыыр былааннаахпыт, үүт элбээтэҕинэ үрүҥ аспыт да кээмэйэ элбиэ. Билигин кэтэх хаһаайыстыбалар үүттэрин элбэтэ сатаабаттар, ол иһин, бэйэбит сүөһүбүт ахсаанын элбэттэхпитинэ эрэ үүт оҥоһукпут элбиир кыахтаах, — диир Максим Харлампьев.

Кэпэрэтиип билигин Дьөккөҥҥө баар «Уйгу» кэпэрэтиипкэ үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа кыттыһар.

«Туйгун-Ас» Бүлүү куоратын киинигэр – Мир уулуссаҕа Николай Расторгуев аатынан Бааһынай рыногар баар маҕаһыыннарыгар куруук уочараттаах буолар. Дьон лөкөчөөннөр сибиэһэй суораттара, үүттэрэ, сүөгэйдэрэ, иэдьэгэйдэрэ, ынахтарын этэ, сыырдара киирэрин кэтэһэллэр, хамаҕатык атыылаһаллар…

Николай Куприянов.