Поэт, суруналыыс Павлов Василий Васильевич (Макар Мыла) (1943 – 2022сс) сэтинньи 7 күнүгэр төрөөбүтэ 80 сааһа буолла. Кини Саха араадьыйатыгар Бүлүү улууһун сонуннарын биэрэрин (1995 — 2009сс.) сахалыы саҥалаах Саха сирин олохтоохторо билигин да астына, үөрэ ахталлар.
2005 сыллаахха тахсыбыт “Үрдүк Сулустарга Айан” кинигэтигэр маннык эппитэ: “Киһиэхэ хоһоон кута киирбит буоллаҕына, ол тыыннааҕыҥ тухары Үрдүк Сулустарга ыҥыра, Ыраах Айаҥҥа тарда турар эбит. Ол иһин, кинигэбин “Үрдүк Сулустарга Айан” диэн ааттаатым. Олохпор ситиспэтэх үрдүк чыпчаалларбын өйүм-санаам күүрүүтүнэн, кут сүрүм түмүллүүтүнэн ситэринэр түгэннэрим – хоһооннорум буолаллар. Хоһоон хомуһун алыба киирдэҕинэ күүспэр күүс, санаабар санаа эбиллэргэ дылы, уонна, олоххо тардыһыым хос тыын ылар”.
***
ПОЭЗИЯ ТУҺУНАН
Уустугурдан,
Була сатаан,
Эридьиэстиир поэкка
Этиэм этэ:
«Кэбис, атаас –
Маарынныаҕыҥ нэс акка…»
Поэзия
Ахсым аттыы,
Тип-тигинэс айаннаах,
Өссө кини,
Килбик кыыстыы,
Тэп-тэтэркэй имнэрдээх.
Поэзия
Сүрэх ыллыыр
Саамай нарын иэйиитэ,
Аҕам киһи
Ахта саныыр
Эдэр сааһын кэриэтэ.
Поэзия
Ийэм өрбүт
Итии уулаах сылабаара,
Арыт эмиэ
Тымныы чүөмпэ…
Харах уута кытта баар.
Поэзия
Иирэр дьаҕа,
Көр-нар дьарык буолбатах,
Албан ааттыын
Сырсыһарга
Миинэр миҥэ буолбатах.
Поэзия
Өрүү сырдык
Баҕа санаа көтүүтэ.
Көтө дайар
Кус оҕотунуу,
Кэтэһиилээх көтүүтэ.
Үгүс үтүө
Чочуо тылы
Сүрэҕинэн нарылаан,
Поэт талыа
Хоһоон тылын,
Суобаһыгар ханыылаан.
САНААЛАР ДЬОРУОЛУУ ДАЙАЛЛАР…
Сылгылар тумарык быыһынан
Сыһыыга харааран көстөллөр,
Хаппыт от, хаар утах сыыһынан
Хаһыыга хатырҕаан кыстыыллар.
Тулуурдаах, кытаанах туйахтаах,
Сыл тахсар – күөх окко үктэнэр,
Тутарах, муҥураат ыйаахтаах
Сиэлинэн сыттанар, тэлгэнэр…
Айылҕа аһыммат анала,
Аахса да барбакка талыаҕа;
Арай, дьэ, сылгыһыт сатала
Аһааҕы өлүүттэн быыһыаҕа.
Хаһыыга кыстаабыт сылгыны
Харааста, аһына көрөбүн…
Суох, сыыһа! Үтүөкэн сылгыны
Суон Сэргэ күүтэрин билэбин.
…Киэҥ сиртэн – куйаартан төрүттээх
Маныыһыт удьуорум таайар дуу,
Эбэтэр сылгыттан төрүөттээн,
Мин санаам дьоруолуу дайар дуу?..
Хаһыыга хатырҕаан сылгылар
Айаны, дабааны кыайаллар –
Хатаннык дуорайар санаалар,
Ат буолан, ыраата дайаллар.
ИТЭҔЭЙЭБИН
Итэҕэйэбин эрдээх дьоммут
Иһирэх, ыраас санааларыгар,
Хара дьайдар хам тоҥмут
Кырыалара ууллан хааларыгар.
Итэҕэйэбин, Эрэл Сулуһа
Саҕахха ыҥыра кыыһыаҕар,
Кэскил кэрэ суһума,
Ымсыырда ыҥырыаҕар.
Итэҕэйэбин, Сахам Саргыта
Самныбат сандал ыйааҕар,
Дэбдир суоллар, олох харгыта
Тохтоппот модун кыахтааҕар.
Биллим олох үөрүүтүн
Ыйаах отой ыйыппатах,
Хаһан-ханна төрүүрбүн,
Ийэ-аҕа талларбатах,
Талларбатах омукпун.
Оттон бүгүн үөрдэ – тууйа,
Дьылҕам миэхэ бэлэхтээтэ
«Эһээ” дэтэр үрдүк ааты,
Утум салҕыыр сиэн кыыһы.
Махтал уолбар, кийииппэр,
Уонна хотун кэргэммэр,
Махтал дьоһун аналбар,
Уордаах тойон ыйаахпар!
Киһи буолан, оҕо төрөөн
Төннөрдөҕүм син иэспин –
Кэскил туһун үөрэ түстээн,
Чөкөттөҕүм кээһиибин.
Үрүҥ Айыы, Сырдык ыра
Үрүлүйэр күүрүүтүн
Биллим, доҕоор, биллим илэ,
Биллим Олох үөрүүтүн!
БҮЛҮҮМ СЭРГИИ ИҺИЙДЭ
Хаһан эрэ, хаһан эрэ
Маннык дьохсоот киэһэҕэ,
Мусталлара Бүлүүм дьоно
Хоһоон истэ, сэргэхсийэ.
Ыалдьытымсах, сайаҕас
Туора көрбөт, киэмсийбэт
Өрүү уран, эйэҕэс
Бүлүүм отой кырдьыбат.
Бу куоракка утуу-субуу
Ыалдьыт буолан ааспыттара
Сахам өркөн чулуулара —
Өксөкүлээх, Күндэ поэт.
Ол саҕана, үөрэ- көтө
Мусталлара үһү Бүлүүм дьоно
Илбис тылы иҥэринэ,
Көмүлүөк имэҥ суоһугар.
Оттон бүгүн киэҥ саалаҕа,
Сандаарыйбыт сарыал сыдьаайыгар,
Муһуннулар Бүлүүм дьоно
Ырыа – хоһоон киэһэтигэр.
Уран тылбыт, Айыы иэйиибит
Ыҥырыылаах ыһыаҕар
Кэрэ ыра сатыылаатын,
Нарын иэйии налыйдын…
Хоһоон куттаах, сырдык ыралаах
Кырдьыыга бэриммэт аналлаах –
Илбис иэйии тылын сэргии,
Бүлүүм чуордук иһийдэ.