Балаҕан ыйын 1 күнүгэр кэрэ сибэкки тутуурдаах оҕо үөрэн-астынан үөрэнээччи буоллум диэн сананар.
Маҥнайгы кылааска киирэр оҕо уһуйаантан уйулҕа үөрэхтээҕиттэн бэрэбиэркэ ааһан, оскуолаҕа бэлэм диэн барар. Ол эрээри үөрэх кэмэ саҕаланыыта оҕо оскуолаҕа адаптацияны ааһара араас буолар. Хас биирдии оҕо бэйэтэ ураты хаачыстыбалардаах. Ол иһин сорох оҕо бастакы күнтэн адаптацияланар, сорохторго 3-6 ый буолар, сорохторго онтон уһуур. Бу адаптация ааһар кэмигэр оҕо майгыта уларыйыан сөп – сорох оҕолор өрүкүйэллэр, сорохтор төттөрүтүн чуумпураллар. Бу кэмҥэ оҕо түргэнник сылайарын, хаппырыыстыырын, чугас дьонун кытта биир тылы булбатын бэлиэтээн көрүөххэ сөп.
Оҕо оскуолаҕа киирдэҕинэ дьиэ кэргэн бары эрэсиимэ уларыйар, ол аата бары адаптация ааһаллар. Төрөппүттэргэ элбэх боппуруос үөскүүр: холобура, ким оскуолаҕа оҕону илдьэр, аҕалар? Оҕо оскуола кэнниттэн ханна уонна кимниин сылдьар? Уруок ааҕарга ким көмөлөһөр? уо.д.а. Оҕо адаптациятын ааһарыгар төрөппүт күүс-көмө буоларын кини эрдэттэн өйдүүрэ ордук. Төрөппүт үчүгэй туруга оҕоҕо күүстээх өйөбүл буолар.
Адаптация ааһар кэмигэр оҕоттон үрдүк ситиһиилэри ирдээбэт ордук. Оҕо ситиһиилэрэ үксүгэр төрөппүт оҕотугар болҕомтотуттан, кыһамньытыттан тахсар эрээри, оҕо барыта куруук ситиһии үрдүгэр сылдьыбат. Оҕо үөрэҕэр мөлтөҕүн билэн сорох төрөппүт оҕотугар утары илиитин ууммакка, кэлэйбитин, хомойбутун оҕотугар утары этиэн, көрдөрүөн сөп, ол онтон оҕото бэйэтигэр эрэлин сутэрэрэ түргэн буолар.
Оскуолаҕа оҕо адаптацияланарыгар төрөппүт көмөлөһөр кыахтаах. Ол курдук оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтии баар буолара ордук, долгуйуу, куттаныы туһунан бэйэҕит оскуолаҕа буолбут түгэннэргититтэн кэпсээҥҥитин оҕо чэпчэкитик өйдүө, ылыныа. Кылааһын оҕолорун кытта алтыһарын оҕоттон ыйыталаһан, кэтээн көрөн, соҕотохсуйар буоллаҕына, оҕолору кытта алтыһарга субэ биэрэн, доҕор буларга көмөлөһөр ордук. Оҕо оскуолатыттан сонун кэпсиирин интэриэстээхтик болҕойон иһиттэххэ, оҕо оскуолаҕа интэриэһэ улаатар.
Маҥнайгы кылааска оҕо сынньанар бириэмэлээх буоллаҕына, кини уруогар бэлэмэ үрдүүр. Ол иһин маҥнайгы кылаас оҕотун элбэх куруһуокка биэрдэххэ оҕо сылайан адаптацияны ааһара ыарыыр. Куруһуокка сылдьар олус баҕалаах оҕону бэйэтэ баҕарар куруһуогар сырытыннарыахха сөп, эбэтэр иккис кылаастан барара ордук табыгастаах буолар.
Оҕо билиитин кэҥэтэ, ийэтин аҕатын аатын, олорор аадырыһын, төрөөбүт күнүн, дьылы-кэми, кыыллары, уо. д.а. атыны кэпсии, сырдата сырыттахха, оҕо билиитигэр эрэллээх буолар.
Төрөппүттэргэ, оҕолорго умнуллубат үчүгэй үөрэх дьылын баҕарабыт.
Анна Филиппова,
дьиэ кэргэн уонна эдэр ыччат
социальнай – психологическай өйөбүлун киинин исписэлииһэ.