Улуус общественнай түмсүүлэрин салайааччыта Мария Петровна Томская, өр сылларга “Алаһа” түмсүүбүтүн салайар Екатерина Герасимовна Алексеева уонна кинилэргэ күүс-көмө буолар Бүлүү улууһун общественнай түмсүүлэрин салайааччытын солбуйааччы Елена Яковлевна Сивцева, «Стимул» түмсүү чилиэнэ Валентина Михайловна Кононова миэхэ, ыалдьа сытар киһиэхэ, дьиэбэр кэлэн, Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан уонна дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кэһиилэрин аҕалан туттардылар, миэхэ улахан үөрүүнү бэлэхтээтилэр.
Ити курдук түмсүүлэрбит салайааччылара ис сүрэхтэриттэн кыһамньыларын ууралларыттан биһиги олус үөрдүбүт, киһи киһиэхэ болҕомтолоох, истиҥ-иһирэх сыһыана туохха да тэҥнэммэт сүдү суолталаах диэн саныыбын. Кинилэр дьиэҕэ олорор дьоҥҥо кэлэн кэпсэтэн, сүбэлээн-амалаан бараллара улахан суолталаах дьыала буолар. Сорохтор итини улахаҥҥа уурбаттара буолуо, ол эрээри үтүө-амарах дьон биһиги ортобутугар баалларыттан санаабыт өрө көтөҕүллэр диэн ордук чорботон этэбин.
Биһиги салайааччыларбыт Мария Петровна, Екатерина Алексеевна санаабыттара, толкуйдаабыттара олоххо киирэн истин, куруук доруобай буоллуннар, бу курдук дьонноругар-сэргэлэригэр күүс-көмө, өйөбүл буола сырыттыннар диэн үтүө баҕа санаабын, ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин. Кыргыттарым барахсаттар, ылсыбыт дьыалаҕыт үтүө түмүктээх буоллун, баҕа санааҕыт барыта туола турдун диэн сахалыы алгыыбын.
Мария Мыреева.