Музыкант Тараховскай

Улуу Прометей аатын сүгэр үөрэх кыһатыгар ыччаты киэҥ билиигэ-көрүүгэ уһуйар үтүөкэннээх учууталлар үлэлээн ааспыттара.  Сахабыт сирин аар-саарга ааттаппыт чулуу дьоннорбутун Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан педколледж (училище) үөрэтэн-такайан таһаарбыта саарбаҕа суох. Бу үөрэх кыһатын салайааччылара, учууталлара киэҥ билиилэринэн, кыһамньыларынан бэйэлэрин холобурдарынан Сахабыт сирин тыйыс усулуобуйатыгар төһөлөөх элбэх ыччаты учуутал идэтигэр уһуйбуттара, иитэн таһаарбыттара буолуой.

Мин музыка учуутала буоларым быһыытынан, кылгастык коллегаларым тустарынан суруйуохпун баҕарабын. Ол курдук Сахабыт сирин искусствота сайдарыгар бу үөрэх кыһатыгар үлэлээбит музыканнар сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ. 1945 с. үөрэх министиэристибэтэ Абрам Владимирович Тараховскайы Бүлүүтээҕи педучилищаҕа музыка учууталынан анаан ыыппыта.

Талааннаах музыкант Абрам Владимирович ыраах Витим куораттан Саха сиригэр биһиги Бүлүүбүтүгэр үлэлии кэлбитэ. Бу кэмҥэ училище дириэктэринэн Михаил Спирдонович Иванов — Багдарыын Сүлбэ үлэлиир этэ.

Абрам Владимирович үрдүк уҥуохтаах, куудара баттахтаах, аҕыйах саҥалаах киһи эбит. Кини устудьоннары кытта олус болҕомтоолохтук, убаастабыллаахтык кэпсэтэр этэ диэн үөрэппит устудьуоннара кэпсииллэр. Абрам Тараховскай Саха сирин бастакы идэтийбит композитора М.Н Жирков үлэтин салҕаан, музыка сайдарыгар сүҥкэн улахан үлэни ыыппыт музыкант, композитор буолар. Кини Н.Г Чернышевскай аатынан педучилищеҕа үлэлии кэлиэҕиттэн музыка сайдар суолга киирбитин биһиги, Бүлүү олохтоохторо, бары билэбит. Бу сылларга кини салалтатынан Бүлүү куоратыгар хас да оркестр тэриллэн сэргэхсийии тыына киирбитэ. Поляк төрүттээх скрипач, композитор Абрам Тараховскай 1975 сылга диэри элбэх устудьуону музыкальнай инструменнарга үөрэппит училищебыт биир киэн туттар чулуу учуутала буолар. Кини училище иһинэн хас да оркестры салайан үлэлэппитэ. Оркестры тэрийии олус элбэх толкуйтан, улахан үлэттэн тахсар. Ыллыҥ да оркестр оонньонон барбат. Манна элбэх инструмеҥҥа партия суруллар, партитура оҥоһуллар, инструменнары булуу, устудьоннары кытта партия үөрэтии, нуотаны билбэт оҕону үөрэтии курдук, уһун тулуурдаах үлэ барбытын кэнниттэн барытын холбоон, оонньуурга үөрэтии буолар. Итини барытын күүстээх санаалаах талааннаах музыкант Абрам Владимирович кыайа-хото тутан хас да оркестры училище, куорат иһинэн тэрийэн оонньотон, Бүлүү куоратыгар улахан сайдыыны киллэрбит  киһи буолар.

Мин Абрам Владимировичка үөрэммит учууталлары кытта кэпсэтээччибин. Ол курдук 37 сыл педстажтаах, педагогическай үлэ бэтэрээнэ училище 1963 сыллааҕы выпускницата Ирина Петровна Прокопьева маннык ахтар:

— Мин Бүлүүм училищетыгар үөрэммит кэмнэрим үтүө өйдөбүл буолар. Мин дьолбор манна үөрэммиппин диэн махтана саныыбын. Дириэктэринэн Михаил Спиридонович Иванов үлэлиирэ, музыкальнай инструмеҥҥа Абрам Владимирович Тараховскай үөрэппитэ. Мандалинаҕа сыл аҥара үөрэнэн баран оркестрга оонньуур буолбутум. Мин оркестрга оонньуурбун наһаа сөбүлүүр этим. Учууталбыт училище кэнсиэртэригэр, биэчэрдэригэр куруук скрипкаҕа, аккардеоҥҥа туран эрэн, хараҕын симэн баран олус үчүгэйдик оонньуура. Бүлүү куоратыгар ким да кини курдук скрипкаҕа, аккардеоҥҥа оонньуурун истэ иликпин.

Мин күн бүгүҥҥэ диэри мандолинаҕа оонньуу сылдьабын, санаам муунтуйдаҕына мандолинабын ылан оонньоотохпуна саанам-оноом чэпчиир.

Мин Ирина Петровна мандолинаҕа оонньуурун истибитим. Биирдэ аан дойду дьахталларын күнүгэр Ирина Петровна телефонунан эҕэрдэлээн, мандолинаҕа тырылаччы оонньоон соһуппута да, үөрпүтэ да. Ити курдук бэтэрээн учууталлар Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэммит кэмнэрин наһаа күндүтүк сааныыллар эбит, итиэннэ үөрэппит учууталларыгар махталлара муҥура суох.

1976 с. үлэлиир кэммэр Партизан Семенов аатынан уулуссаҕа олорбутум, онно ыалларым Нина, Василий Санниковтар этилэр. Василий Иванович учууталын туһунан олус үчүгэйдик кэпсиир буолара. Абрам Владимирович устудьуоннар музыкаҕа талааннарын уһугуннаран, бэйэлэрэ музыка учууталлара буолалларыгар бэлэмнээбит эбит. Василий Иванович учууталын үлэтин салҕаан, музыка учуутала буолан, духовой оркестр тэрийэн, үөрэммит училищетыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ уонна биһиги норуоппут музыката сайдарыгар сүҥкэн улахан кылаатын киллэрбит патриот-учуутал буолар. Биһиги — музыканнар киэн тутта саныыбыт, холобур оҥостобут.

Абрам Владимирович Тараховскай олоҕун аргыһа Акулина Сидоровна Николаева Хампаттан төрүттээх, олус холку майгылаах, айылҕаттан бэриллибит нарын-намчы бэйэлээх, ис-иһиттэн куруук үөрэ-көтө сылдьар, үчүгэй санаалаах саха Далбар хотуна эбит. Скрипка нарын тыаһыныы, Акулина Сидоровна куолаһа наһаа нарын-намчы эбит. Кини музыкант Тараховскайдарга скрипичнай күлүүстэрэ буолан, Сахабыт сирин музыкатын байытар музыкант дьону күн сиригэр көрдөрбүт күн күбэй ийэ. Ырыаҕа ылланарын курдук, ийэ баар буолан тулалыыр эйгэбит сайдыы суолунан кэскиллээхтик чэчирии, үүнэ-сайда турдаҕа. Абрам Владимировичтыын 3 уолламмыттар: улаханнара Борис, ортокулара Валера, кыралара Игорь. Игорь самодеятельнай композитор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна. 1990 с. Игорь Абрамович күндүттэн күндү киһитигэр — ийэтигэр анаан Степан Тимофеев тылларыгар ырыа суруйбут. “Күн күбэй ийэбин, эйигин көмүскэ, алмааска биэрбэппин, мин туспар кыһаллар соҕотох киһи бу эн бааргын, солбуйар тугу да булбаппын”. Бу ырыа ийэ туһунан ырыаларга биир бастыҥ ырыанан биллэр. Мин Игорь Абрамович толоруутугар хаста да истибитим уонна Варя Аманатова толоруутугар эмиэ.
Акулина Сидоровна уонна Абрам Владимирович сиэннэрэ Руслан Игоревич Тараховскай П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын кылаабынай режиссера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, элбэх ырыа автора, Сахабыт сирин улахан кэскиллээх ыччата. Кини элбэх былааннаах үлэлии сылдьар, эһэтин Абрам Владимирович айымньыларын бэчээккэ таһаартарыан баҕарар. Композитор айымньылара күн сирин көрөн, Сахабыт сирин култууратын өссө байытыахтара турдаҕа. Руслан Игоревичка ыарахаттартан чаҕыйбакка, үрдүк чыпчаалга дабайан иһэригэр баҕарабыт. Музыкант Тараховскайдар, Булүүлэр ааттара үйэлэргэ ааттана туруохтун!

Билиҥҥи кэмҥэ Бүлүүтээҕи колледж үүнэр-сайдар, өссө киэҥ хайысханан үлэлиир. Дириҥ, киэҥ историялаах үөрэх кыһатыгар бэтэрээн учууталлар үлэлииллэриттэн киһи эрэ үөрэр. Музыка учууталлара: Римма Васильевна Нестерова, Ольга Николаевна Ким, Антонина Прокопьевна Анемподистова, Анна Захаровна Павлова айымньылаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Учуутал киһи бары өттүнэн сайдыылаах буоллаҕына — кини дьиҥнээх учуутал. Эһиги үлэҕит куруук үрдүктүк сыаналанарыгар баҕарабын.

Елизавета Маныкина, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.

 

Валерий Николаев, Василина Тараховская, Руслан Тараховскай дьиэ кэргэттэрин альбомуттан.