Олоҥхо дьиэтигэр үлэлиир “Бүлүү харысхал” хамсааһын волонтердара СВО-ҕа көмөтүн тиһигин быспакка оҥорор. Балаҕан ыйыгар «Бүлүү Харысхал» хамсааһын волонтердара уочараттаах үс акцияны тэрийэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар илии сылааһынан силлибэт ситими олохтоон ыыттыбыт.
Барыта норуот үтүө, сырдык баҕа санаатын күүһүнэн хомуллан, В. О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр алгыстанан, анал баһыылкалар оҥоһулуннулар. Күн-дьыл кэмнэригэр сөп түбэһиннэрэн, харыстанар сиэккэлэри кэмиттэн кэмигэр өҥнөрүн уларыта охсон баайан ыытарга бэтэрээннэр, ыччаттар, оскуола оҕолоро бу сырыыга төһүү күүс буоллулар. Күһүҥҥү сиэккэбит матырыйаалыгар Пахомов Нифонт Павлович 25 000 суумалаах сайын биэрбит харчыта күүстээх өйөбүл буолла.
Уолаттарбыт сакаастарынан окуопаны сабарга анаан улахан сиэккэлэри Лөкөчөөн, Чочу, Чинэкэ нэһилиэктэрэ баайдылар. ДЮСШ-лар (дириэктэр Осипов Г. Д., Оройуон Сэбиэтин депутата) уолларыгар Арсеҥҥа «Вилюйга» анаан бэйэлэрэ баайан, ас-таҥас хомуйан баһыылкалаан ыыттылар. Н. Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи үөрэх кыһата саҥа тэрийбит СВО-ҕа көмөтүн киинэ, Мария Егоровна Оконешникова салайыытынан бастакы күүстээх көмөлөрүн оҥордулар. Уолаттарыгар: Вячеслав «Варламҥа» уонна Ньургун Гаврильевка икки сиэккэни баайдылар уонна кинилэргэ анаан ас-таҥас баһыылкаларын оҥордулар. Коллектив иһинэн харчы хомуйаннар, баһыылка ыытар уолаттарбытыгар барыларыгар ас-таҥас ылан улахан күүс буоллулар.
Учууталлар учууталлара, Герой Н. С. Степанов аатынан Бүлүүтээҕи үһүс оскуола учуутала Мария Касьяновна Муксунова салайыытынан үөрэнээччилэр уонна СВО-ҕа сылдьар уолаттар төрөппүттэрэ, үлэһиттэр үөрэнэр — үлэлиир сирдэригэр улахан сиэккэни баайаннар выпускниктарыгар Прокопьев Ньургуҥҥа «Боотурга» ыыттылар. Кырдьаҕас Бүлүүбүт 390 сыллаах өрөгөйүн күнүн бэлиэтээбит куораппыт бэтэрээннэрэ (куорат бэтэрээннэрин Сэбиэтин куратора, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин Президиумун чилиэнэ Т. В. Фомина салайыытынан) куораппыт уолаттарыгар Протопопов «ГОШ»ка, Васимов «Каратка», Соколов «Атлантка» сиэккэ баайан ыыттылар.
Маны таһынан ас-таҥас өттүгэр көмөнү Г. С. Донской аатынан иккис оскуола коллектива оҥордо. ИП Тимур Александрович Буслаев 5000 харчынан көмөтүгэр дьааһыктарбытын ыйыыр ыйааһын ыллыбыт. Ырыаһыттарбыт Елена, Иван Туласыновтар дьааһыктары суулуур маллары 1500 солк. атыылаһан көмөлөстүлэр. Хас сырыы аайы эминэн хааччыйар 5 №-дээх аптека (сэбиэдиссэй Бубякина Светлана Афанасьевна) бу сырыыга 61 500 солк. суумалаах көмөнү оҥорон, уолаттарбыт этэҥҥэ, чэгиэнник сылдьалларыгар алгыстарын анаатылар.
Кинилэр биэрбит баночкаларыгар «КүнЭко» экологическай лааҕыр кыттыылааҕа, И. Л. Кондаков аатынан гимназия сэттис кылааһын үөрэнээччитэ Лиза Архангельская араас эмтээх отторунан эбэтин кытта оҥорбут мааһын акция аайы ыытан көмөлөһөр. «Аан дойду мин тэлгэһэбиттэн саҕаланар» диэн дьиэ кэргэн бырайыагыттан саҕалаан,» Ийэ сир ытык кэрэ сирдэрин алгыһа» экобырайыагынан арчыланан (бырайыактары салайааччы Т. В. Фомина) эмтээх оттортон чэйдэри, маастары үтүө үгэскэ кубулутан, норуокка биллэр отоһу Ирина Петровна Прокопьева- Бөтүҥ Өрүүнэтэ, К. П. Харлампьева сүбэлэринэн, хомуйбут отторун бэтэрээннэр тикпит анал мөһөөччүктэригэр уган уолаттарга ыытабыт. Дойду отуттан- маһыттан харысхаллары оҥорууга этиҥ түспүт тиит маһын, хатырыгын, кыа угун, туоһу, кытыаны туһанабыт. Эмиэ анал мөһөөччүктээн норуот маастара Иннокентий Иннокентьевич Акимов ууруна суругунан өбүгэ алгыһын бичийбит (илбэҥэлэр ыыппыт Сүҥ Дьааһын бэлиэтээбит маһыгар ) түөскэ кэтиллэр харысхал бэлиэтин баайан, сиэргэ-туомҥа туттарга, куттарын ыраастана, сүрдэрин бөҕөргөтүнэ сылдьалларыгар анаан ыытабыт.
Биир улахан төһүү күүспүтүнэн Кыһыл Сыыр «Сила горячих сердец» түмсүүтэ буолар. Уолаттарыгар анал сиэккэ уонна ас-таҥас баhыылкаларын тиһигин быспакка ыыталлар. Салайааччылара Октябрина Прокопьевна Иванова сыралаах үлэтин иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин РЦД дастабырыанньатынан уонна мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Соторутааҕыта 106 сиэккэни баайан, «Бүлүү Харысхал» нөҥүө ыыппытын иhитиннэрбитэ.
«Сыа Бүлүү» СХПК (салайааччы Кондратьев А. А. ) бородууксуйатын уолаттарбыт күүтэллэрин, астыналларын суругунан биллэрэллэр. Бу сырыыга Москва госпиталыгар сытар уолаттарбытыгар түөрт анал баһыылкалары оҥорон ыыттыбыт.
Маны таһынан, отонноотоххо оҥоойук туоларыныы, үтүө санаалаах бар дьоммут көмөтүнэн бэһис уолбутугар, медбрат санитар «Сидорга» — В. С. Алексеев ПНД коллективын көҕүлээһининэн (Ольга Романовна Николаева счетун көмөтүнэн) 213 300 солк. суума хомулунна. Онтон 172.900 суумалаах прицел ылыллан уонна анал ас-таҥас баһыылка оҥоһуллан уолга барда. Манна улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааhа Ил Түмэҥҥэ норуот депутата Егор Анатольевич, профсоюз бэрэссэдээтэлэ Геннадий Егорович 100 000 солк.көмөнү оҥордулар. Бу харчы ордугуттан алтыс уолбутугар, СВО-тан кэлэ сылдьар А.Ивановка, позывнойа «Хом» 29 950 солк. суумалаах таҥас атыылаһан биэрдибит. Ордубут 10 450 харчыны салгыы ыытыллар сэттис уолбутугар көмөҕө былааннаан хааллардыбыт. Чуолкай отчуот суруллан бэлиэтэнэн иһэр.
Маннык харчы хомуйан аан бастаан Хабаровскайга 23 300 солк. квадрокоптерга кыттыһан, И. В. Нифонова счетун көмөтүнэн ыыппыппыт. Чочу уолаттарыгар: Александр Пышнякка уонна Семён Протопоповка «Албаҥҥа» 275 000 суумаҕа (тепловизор, бронежилет, бинокль, масхалат) ылыллан ыытыллыбыта, кинилэр билигин тутан туһана сылдьаллар. Куорат уолугар Г. И. Ефимовка — «Гриша братка» — 214 000 суумалаах прицелы ылан ыыппыппытын бу күннэргэ тутан махталын ыытта. Александра Васильевна Корякина счетун көмөтүнэн хомуйуллан күүстээх үлэ ыытылынна. Бүтэһик акциябытын 255 киилэлээх 29 дьааһык баһыылкалары таксист Платон Иванов Дьокуускай куоракка буор-босхо тириэртэ. Балаҕан ыйын 20 күнүгэр уолаттарга ыыппыт баһыылкаларбыт Москваҕа тиийиитэ госпитальга сытар уолаттарга баһыылка оҥордубут. Хоту улуустары уонна Үөһээ Бүлүүлэри кытта кыттыһан, 151 киилэни терминалга туттардыбыт. Манна Дьокуускай куоракка олорор волонтердарбыт Жанна Соколова сиэнэ кыыһа Рита уонна Павел Протопопов көмөлөстүлэр. Лөкөчөөн, Өкүндү, Чочу, Хампа нэһилиэктэриттэн кус, собо астар, Бүлүү куоратыттан уонна БПК-тан биирдиилээн дьонтон хомуллубут барыанньалар, сироптар бардылар. Дьокуускай куораттан биир дойдулаахпыт Алёна уонна Иван Руфовтар уолаттарга анал көмөлөрүн оҥордулар.Бары бииргэбитин көрдөрөн илии сылааһынан маннык үтүө көмөнү оҥорбут дьоммутугар махтанабыт.
Үтүө санаанан салайтаран, маннык дьоһун үлэни Дьокуускайы, Москваны, Ростовы, Новоазовскайы, Хабаровскайы уонна Владивостогу кытта ыкса сибээстээхтик биир ситими олохтоон ыытабыт. Ол иһин аадырыстаах баһыылкалар уолаттарбытыгар чопчу уонна түргэнник тиийэллэригэр күүстээх хонтуруол баар. Уолаттарбытын кытта ыкса сибээһи олохтоон, «Харысхал» волонтерскай хамсааһын салайааччыта Светлана Тарасовна Иванова сатабыллаах салайыытынан анал байыаннай дьаһал тахсыаҕыттан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Ыраас халлаан, эйэлээх олох туһугар бары бииргэбит, дьоллоох олохпутун уһанса сылдьар уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, үс саханы үөскэтэр, түөрт саханы төлкөлүүр баҕа санаалара туолуохтун! Норуот күүһүнэн — көмүөл күүһүнүү харысхаллаах, түмсүүлээх буолуоҕуҥ!
Талбаана Ай, «Бүлүү Харысхал».