Дойдубутугар уустук кэмҥэ билигин биһиэхэ барыбытыгар эппиэттээх кэмнэр, хас биирдии киһи Ийэ дойдубутун көмүскээччилэргэ тугунан эмит көмөлөспүт, туох эмит туһалааҕы оҥордорбут диир кэмэ кэлэн турар, онон бар дьон өйөбүллэрэ көмүөл күүһүн тэҥэ.
СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө оҥорууга улахан нэһилиэктэргэ, куораттарга анал пууннар үлэлиир буоллахтарына, кыра дэриэбинэлэргэ оннук пуун үлэтин солбуйар дьон мустар сиринэн сынньалаҥ кииннэр буолаллар. «СВО-ҕа көмөлөһүөҕүҥ» диэн Балаҕаччы нэһилиэгин «Чэчир» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрин ыҥырыытынан олохтоохтортон харчы хомуллан, «Чэчир» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэк олохтоохторо, “Алаас Далбара”, “Күбэйэ” түмсүүлэр, оскуола оҕолоро учууталларын кытары кэлэ-бара көмөлөөн кыралыын-улаханныын саба түһэн, 2 маскировочнай сетканы уонна 3 дьааһык блиндажнай чүмэчилэри оҥортоон, Бүлүүгэ көмө оҥорор пууҥҥа киллэрэн туттардылар. Биир дойдулаахтарыгар анаан, мельхиортан сахалыы харысхаллары сакаастаан оҥотторон, 2 уолга харчы, 2 уолга баһыылка оҥорон ыыталаатылар.
Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ, Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн “Сүрэҕим баҕатынан” түмсүү, Хаҕынтан “Аҕам саас” Хампаттан “Чэбдигирии” түмсүү, Кыргыдайтан “Дайыы” түмсүү, 1 Күүлэттэн “Дьүөгэ” түмсүү мобилизация саҕаланыаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри күүстээхтик үлэлии сылдьаллар. Ол курдук Тааһаҕар нэһилиэгин “Күбэйэ” түмсүүтэ 80 блиндажнай чүмэчини, 60 маскировочнай сетканы, 150 руна харысхаллары, 40 сылаас сэлиэнчиктэри түмсүү салайааччыта Акулина Кирилловна киллэрэн туттарда. СВО-тан уопускаҕа кэлэ сылдьар уолаттарыгар 2 маскировочнай сетка, утары туттуллар маллары, ичигэс таҥастары биэрэн ыыттылар.
Баппаҕаайы нэһилиэгин “Сүрэҕим баҕатынан” түмсүү 2 маскировочнай сетка, 13 нашлемник, 101 блиндажнай чүмэчи, 500 устуука бойобуой испиискэ оҥорбуттарын түмсүү салайааччыта Ирина Николаевна Жиркова киллэрэн туттарда, ону кытары оҕолор “Письмо солдату” диэн суруйбут суруктарын киллэрдилэр. Салгыы 1500 устуука «Армейскай сухой душ» оҥорор былааннаахтар.
Хаҕынтан “Аҕам саас” түмсүү оҥорбут 70 блиндажнай чүмэчитин, сиэлтэн оҥоһуллубут угунньулары киллэрэн туттардылар. Хампаттан “Чэбдигирии” түмсүү 50 блиндажнай чүмэчини, 2 маскировочнай сетканы түмсүү салайааччыта Вера Севастьяновна Васильева киллэрэн туттарда. Москваҕа госпитальга сытар биир дойдулаахтарыгар Н.Г.П. 18000 харчы көмө ыыппыттара.
Кыргыдайтан “Дайыы” түмсүү 1 маскировочнай сетка, 87 блиндажнай чүмэчини оҥорбуттарын түмсүү салайааччыта Елизавета Константиновна Наумова киллэрэн туттарда. 1 Күүлэттэн “Дьүөгэ” түмсүү вешмешоктары тигэн ыыттылар. Дьөккөн нэһилиэгин “Ыллыкчаан” оҕо садын үлэһиттэрэ байыастарга анаан 5 киилэлээх уу иһитигэр сухой паек хомуйбуттарын уһуйаан сэбиэдиссэйэ Альбина Ионовна Ионова киллэрэн туттарда.
“Надежда түмсүү” салайааччыта Надежда Афанасьевна Сивцева 10000 харчыны маскировочнай сетка оҥорорго матырыйаал ыларбытыгар биэрдэ.
Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрэ анал байаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар инникитин даҕаны дойдубут туһугар биир санаанан бары бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон көмөлөһө туруохпут.
Түгэнинэн туһанан, 1 Күүлэт “Күбэйэ” түмсүү 10 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин. Тимофеева Мавра Ивановна 1939 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр Үгүлээккэ төрөөбүтэ, Герой ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ, 1 Күүлэт нэһилиэгин ытыктанар кырдьаҕас олохтооҕо, “Дьүөгэ” түмсүү, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ актыыбынай чилиэнэ. Улууска, нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Мавра Ивановна коллекционер бэрдэ, 350 араас сувенирдары, 100-тэн тахса значоктары, күлүүстэри, магниттары, пакет суумкалары мунньар, элбэхтик быыстапкаларга кыттар.
Захарова Валентина Афанасьевна 1949 сыллаахха олунньу 18 күнүгэр Төҥүргэстээххэ төрөөбүтэ, 4 оҕолоох, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ, “Дьүөгэ” түмсүү, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ актыыбынай чилиэнэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска, нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар уонна тэрийсэр. “Саха сирин талааннаах дьоно” диэн өрөспүүбүлүкээнискэй быыстапкаҕа кыттыбыта, “Декоративно-прикладное искусство Якутии” кинигэҕэ 2022 сыллаахха сиэлинэн үлэлэрэ киирбиттэрэ,
2023с. «Сиэдэрэй иис умсулҕана » диэн улуустааҕы быыстапкаҕа кыттан, “Өбүгэ ииһин тутуһааччы” диэн анал ааты ылбыта. Ону таһынан Валентина Афанасьевна “Үрүҥ көмүс” волонтер.
Мавра Ивановна уонна Валентина Афанасьевна мобилизация саҕаланыаҕыттан биир дойдулаахтарбытыгар тиһигин быспакка көмөлөһөллөр, ол курдук илиилэрин сылааһынан сылаас олбохтору, вешмешоктары, маҥан повязкалары тигэн, сиэлтэн угунньулары, харысхаллары оҥорон, күүс-көмө буола сылдьаллар.
Ытыктабыллаах Мавра Ивановна, 85 сааскын, Валентина Афанасьевна, 75 сааскын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйгүтүнэн 10 сыл бииргэ алтыспыт “Дьүөгэ” түмсүү, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһиги түмсүүбүт туһугар күүскүтүн-уоххутун, сатабылгытын барытын уураргытын, үлэбит–хамнаспыт ситиһиилээх буоларыгар мэлдьи туруулаһаргытын үчүгэйдик билэбит. Үлэҕэ сыһыаҥҥыт, олоххо баай көрүүгүт, үөрүйэххит, санааҕыт күүһэ мэлдьи биһиэхэ холобур буолар. Күндү Далбар хотуттарбытыгар саха алмааһын курдук кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, уһун үйэни уонна оҕолоргут, сиэннэргит, доҕотторгут, халыҥ аймахтаргыт ортотугар өрүү маннык сүүрэ-көтө, күлэ-үөрэ, көмөлөһө, сүбэлии сылдьаргытыгар баҕарабыт!
“Күбэйэ”, “Алаһа”, “Чэбдигирии”, “Дьүөгэ”, “Аҕам саас”, “Сүрэҕим баҕатынан”, “Алаас Далбара”, “Күбэйэ” түмсүүлэргэ, «Чэчир» сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр, нэһилиэк олохтоохторугар, түмсүү салайааччыларыгар, түмсүү актыыбынай кыттыылаахтарыгар улахан махталбын тириэрдэбин.
Билигин биһиги түмсэммит бары биир киһи курдук анал байыаннай дьайыыга үлэлии сылдьабыт, уолаттарбыт этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэн кэлэллэригэр, барыта этэҥҥэ түмүктэнэригэр баҕарабыт.
Мария Томская,
Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта.