Оҕо саас сырдык уйата – “Аленушка” уһуйаан

Кырачаан дьон сарсыарда аайы тиэтэйэр иккис дьиэлэрэ оҕо сада буолар. Манна кинилэр үгүскэ үөрэнэллэр, билии-көрүү ылаллар, үүнэллэр-сайдаллар, үтүө-дьон буоларга иитиллэн тахсаллар.
Биһиги оҕолорбут сылдьар уһуйааннара быйыл төрүттэммитэ 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. 2014 сыл ахсынньытыгар арыллыаҕыттан “Аленушка” уһуйаан сайдыы саҥа саҕахтарын арыйан, оҕону иитиигэ сонун хайысхалары тобулан, ситиһиилээхтик, таһаарыылаахтык үлэлии олорор, улууска инники күөҥҥэ сылдьар биир бастыҥ оҕо тэрилтэтэ буолар. Бу айымньылаахтык үлэлиир улахан кэлэктииби сэбиэдиссэй Матрена Герасимовна Гаврильева салайар.

Уһуйааммыт сүрүн уратыта – оҕолор төрөөбүт төрүт тылларын билэллэригэр, үтүө үгэстэрин кыра саастарыттан иҥэринэн улааталларыгар олук уурар. Хас бэнидиэнньик аайы сахалыы таҥнан-симэнэн оһуокайдаан саҥа нэдиэлэни саҕалыыллар. Оптуорунньукка – нууччалыы, сэрэдэҕэ – дьыалабыайдык, чэппиэр күн спортивнайдык таҥнан кэлэн онно анаммыт аралдьытыыларга, оҕону сайыннарар дьарыктарга көхтөөхтүк кытталлар.
Оҕолор эбии дьарыктарга олус сөбүлээн дьарыктаналлар. Ол курдук араас куруһуоктар үлэлииллэр, иитиллээччилэр улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэхтик кытталлар.Бу — уһуйаан төрөппүттэри кытта ыкса сибээстээхтик, айымньылаахтык үлэлиирин туоһута буолар. Араас бырайыактар, күрэхтэһиилэр, аһаҕас аан күннэрэ өрүүтүн ыытыллаллар.
Билиҥҥи кэмҥэ үгүс оҕоҕо логопед, уйулҕа үөрэхтээҕин дьарыктара олус наадалаахтар. Бу хайысхаҕа эмиэ “Аленушка” уһуйаан улахан болҕомтотун ууран, Любовь Мефодьевна Софронеева, Ия Петровна Сыроватская курдук киэҥ билиилээх исписэлиистэр оҕолору утумнаахтык дьарыктыыллар.
Иитээччилэр, бары үлэһиттэр оҕону иитиигэ ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлииллэрин, ийэлии эйэҕэс сыһыаннаахтарын бэлиэтээн туран, оҕолорум иитээччилэригэр Сардана Никифоровнаҕа, Ия Петровнаҕа, Саргылаана Васильевнаҕа, Надежда Михайловнаҕа, Мария Михайловнаҕа, Галина Еремеевнаҕа, Ирина Вячеславовнаҕа, Светлана Андреевнаҕа биһиги дьиэ кэргэн аатыттан истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Уһуйааннарын бүтэрэн да баран өрүүтүн саныыллар, үтүө тылынан ахталлар.
Оҕо саас сырдык уйата буолбут тапталлаах уһуйааммыт өссө да элбэх кырачааннары кэрэҕэ-сырдыкка сирдии, үтүөҕэ-кэрэҕэ үөрэтэ тур диэн баҕа санаабытын тириэрдэбит уонна бары иитиллээччилэри, төрөппүттэри уонна үлэһиттэри үөрүүлээх үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит.
Галина Долгунова.

Читайте дальше