Иитээччи уонна уһуйааччы. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору кытта үлэҕэ уопуттаах иитээччи эдэр үлэһиккэ көмөтө, сүбэтэ-амата улахан суолталаах.
Россия Президенэ В.В.Путин 2023 сылы Учуутал уонна уһуйааччы сылынан, Ил Дархан А.С. Николаев Үлэ сылынан биллэрбиттэрэ. Хас биирдии киһи олоҕор Учуутал уонна уһуйааччы диэн өйдөбүл быһаччы сыһыаннаах диэн сыаналыыбын. Эдэр иитээччи үлэҕэ миэстэтин булунарыгар, билиитин хаҥатарыгар үлэҕэ уопуттаах киһи, уһуйааччы оруола улахан.
Мин “Кустук” оҕо садыгар отуттан тахса сыл үлэлиибин. Ол устата элбэх эдэр иитээччилэри Егорова Н.А., Павлова А.К., Петрова И.И., Петрова Л.С. о.д.а. кытта үлэлээн, бэйэм билиибин үллэстэн, кинилэртэн эмиэ элбэххэ үөрэнэн кэллим. Билигин үгүс сылларга мунньуммут билиибин, көрүүбүн талааннаах, эдэр үлэһит иитээччилиин — Григорьева Харчана Алексеевналыын, уһуйааччы быһыытынан, бу этэҥҥэ икки сыл үөрэ-көтө үллэстэбин.
Бастатан туран, үлэбитигэр туттуллар былааннары үөрэтиигэ, оҥорууга үлэлэспиппит, төрөппүттэри кытта үлэбитин былааннаабыппыт, хас биирдии иитээччи бэйэтин сайыннарар былааннаах буоларын билиһиннэрбитим. Группабытыгар оҕолорбутун сайыннарар араас зоналары тэрийбиппит, төрөппүттэрбитигэр аналлаах стендэлэри оҥорбуппут. Сыл устата бэйэ-бэйэбитигэр дьарыктаныыларга сылдьыстыбыт, туох итэҕэс-быһаҕас баарын туоратарга, туох ситиһиилээх буолбутун өссө тупсаран туттарга сүбэ-ама бэристибит. Дьарыктаныылар интэриэһинэй буолалларыгар араас технологиялары уонна ньымалары хайдах таба туһанары ырытыстыбыт. Оҕолорбутугар анаан араас аралдьыйыылары, күрэхтэри, бырааһынньыктары сүбэбитин холбоон, ситиһиилээхтик ыыттыбыт.
Ол курдук биһиги икки сыл кыра-орто бөлөх оҕолорун кытта үлэлээн кэллибит. Оҕолор бу саастарыгар тылларын саппааһа олус түргэнник сайдар, эбиллэр кэмэ. Ол эрээри бөлөхпүтүгэр саҥарар саҥаларыгар хааччахтаах оҕолор баалларын ПМПК быһаарыыта, аны оҕолорбут нууччалыы, сахалыы буккуйа саҥараллара элбээн иһэрэ эбии үлэ наадатын көрдөрбүттэрэ. Ону төлө туппат курдук, оҕо тылын сайыннарыыга, саҥалыы технологияны туттан, оҕолору интэриэһиргэтэр дьарыгы көрдөөн, былаан оҥостон үлэлииргэ тэриммиппит. Онтон тарбах былчыҥын сайыннарыы уонна саҥарар саҥабыт ыкса сибээстээхтэрин быһыытынан тиэстэнэн, пластилинынан сыбаан оҥорууну уонна мультипликацияны холбуу тутан дьарыктыырга соруммуппут. Оҕолор остуоруйа геройдарын сыбаан оҥорон, кинилэри сахалыы, төрөөбүт тылларынан саҥарда үөрэнэллэр. Ол кэнниттэн мультик устуута буолар. Оҕолор мультикка бэйэлэрин саҥаларын истэн олус үөрэллэр, ким ордук үчүгэйдик саҥарбытын быһаараллар. Санаа үллэстиитэ, оҕолорго аныгыскы устууга өссө үчүгэйдик саҥарыахтаахпын диэн, быһаарыныыга тиэрдэр. Онтон иитээччилэр: мин оҕо тылын-өһүн чочуйааччы, Харчана Алексеевна геройдары оҥорторуу, мультигы устааччы буоллубут. Мультипликациябыт үлэтин түмүктэрэ: оҕолор кыбыстыбакка, куолаһы уларытан, дорҕоонноохтук, чуолкайдык саҥарарга үөрэммиттэрэ уонна иитиллээччилэрбит куорат, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хоһоон ааҕыытын күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыттара буолар.
Быйылгы Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар уонна И.И.Каратаев төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт 4 өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа, тылы сайыннарыы дьарыктаныытын күрэҕэр (“Сайылыкка”) Харчана Алексеевналыын кыттан, иккис бочуоттаах миэстэни ылбыппыт, улуустааҕы эдэр иитээччилэр күрэхтэригэр Харчана Алексеевна эмиэ урдук ситиһиилээхтик кыттыбыта, Бүтү Россиятааҕы “Человек и профессия” диэн иитээччилэргэ аналлаах дьарыктаныы күрэҕин кыайыылааҕа буолан, “Лучшее занятие по профориентации с детьми дошкольного возраста” номинацияҕа мин 1 үктэллээх, Харчана Алексеевна 2 үктэллээх дипломнары тутан үөрүүбүт муҥура суох.
Быйыл биһиги үһүс сылбытын улахан-бэлэмнэнии бөлөххө үлэбитин салгыыбыт. Билигин идэтин толору баһылаабыт, эрчимнээх, талааннаах, бииргэ үлэлиир эдэр иитээччибэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ саҥаттан саҥа сүүрээннэри туһанан, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэргэ дабайан ис диэн алгыспын аныыбын.
Лена Шамаева, СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
“Кустук” уһуйаан иитээччитэ.