Оһуокай — сахалар түҥ былыргыттан баччаҕа дылы олох араас моһоллорун туоратан илдьэ кэлбит оонньуубут. Былыр-былыргыттан чахчы да эттэригэр-хааннарыгар дириҥник иҥэринэн илдьэ сылдьар, оһоокойдооботохторуна улахан итэҕэстээх курдук сананар дьоннор баар буолан баччаҕа дылы сурук-бичик суох эрдэҕинэ аҥардас истэн-көрөн, кэрэхсээн, умсугуйан үтүктэн, үөрэтэн, дьарык оҥостон сүтэрбэккэ илдьэ кэллэхтэрэ. Онон, оһуокай чахчы саха дьонун уйулҕатын хамсатар, сүрэҕэр-быарыгар дириҥник иҥпит чахчы киэн туттуохтаах өбүгэбититтэн бэриллибит ураты бэлэхпит буолар.
Олоҥхоҕо саха олоҕун философията барыта баар дииллэрин саарбахтыыр, арааһа, суоҕа буолуо? Олоҥхо айыллан дьон олоҥхолуур буолта 1025 сылын туолла диэн бэлиэтээбиппит өр буолла. Оттон бу оһуокай ол олоҥхо быдан инниттэн баар буолта буолуо дии саныыбын мин биир бэйэм. Дьон тылларын-өстөрүн, куоластарын бастаан оһуокойдоон эрчиллэн, онно сайыннаран баран олоҥхоҕо көһөллөрө буолуо, бука… Ол иһин оһоокойу олох оҕо сааспытыттан эппиппит диир дьон бааллар этэ. Урут дьон муста түстүлэр да аҕыйах да буоллар эһиэкэйдиир буолаллара. Ол саҕана оһоокойу баҕалаах барыта да таһаарар-этэр кэмнээҕэ. Оттон олоҥхоһут аҕыйах, баҕалаах барыта олоҥхолуур кыаҕа суоҕа.
Оһуокай дьону билсиһиннэрэр, бэйэни көрдөрөр, дьону көргө түмэр, биһиги алаастарынан ыһыллан олорбут кэммитигэр, төрүттэрбит саамай күүтүүлээх түһүлгэлэрэ этэ. Ол кэм уһун кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнэн, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар кэмнэригэр, ыһыах күннэригэр түбэһэрэ. Ол иһин да дьон бары түмсэн, үөрэн-көтөн, көтөҕүллэн хастыы да күннээх түүн оһуокай тохтообокко эйээрбитэ кулгаахтарыгар кыһыны быһа сылдьарын туһунан номох курдук кэпсээннэр билиҥҥэ дылы тиийэн кэллэхтэрэ. Ол оһуокайдаах сырдык түүннэргэ, ким кими туох диэн хоһуйбута, ким кими кытта сэргэстэһэ сылдьан үҥкүүлээбитэ, ол оһуокай кэннэ кимнээх ыал буолтара барыта сэһэн буолан өбүгэлэрбит бүгэн олорбут хас алаастарын аайы тарҕанара. Оччотооҕу олох хаамыыта, дьон-сэргэ санаата, кута барыта уһун кыһыны быһа ол оһуокай тула эргийэр курдуга. Норуот биһирэбилин ылбыт улуу дьоммут эппиттэрин курдук: “бэл оҕонньор бөкчөгөрө оһуокайга көнөн хаалар”, эбэтэр “кыыс саҥа былаат баанар оһуокайга бараары”, “уол соноҕоһун соруйар, хайгыы көрбүт кыыһын кытта ханыылаһан хаамсаары… “.
“Үҥкүү тылын этээччи норуот бэйиэтэ, артыыһа буоларын таһынан, кини кэрэ куолаһа, араас матыыба, туттан-хаптан, сэгэлдьийэн үҥкүүлээһинэ, хаамыыта, хамсааһына, туттара-хаптара барыта суолталаах”, — диэн фольклору тарҕатааччы Николай Лукич Игнатьев -Билгэ олус сөпкө суруйан турар. Онон, бу оһуокай биһиги норуоппут баччаҕа дылы сүппэккэ кэлбит фольклорун барытын — поэзиятын, кэрэ кылыһахтаах куолаһын, араас матыыбын, үҥкүүтүн хамсаныыларын, араастаан туттан хамсанарын барытын бу биир оһуокайыгар биэбэйдээн сайыннаран, тылынан уостан-уоска биэрэн илдьэ кэлбит өбүгэлэр күндү бэлэхтэрин, омук быһыытынан күөн туттар күүстээх куоһурбутун, бачча үөрэхтэнэн, хайа баҕарар омугу кытта эн-мин дэһэн тугу баҕарар быһаарсар кыахтанан баран салгыы сайыннарбатахпытына, хойут остуоруйа бырастыы гыныа суоҕа. Билигин ыччаты оһуокайга уһуйар саамай тоҕоостоох кэм. Ыччаты уһуйар дьон оһуокай бу үөһэ этэн аһарбыт ирдэбиллэрбитигэр эппиэттиир таһымы ситиһэр оһуокайдьыттары иитэр соруктаах үлэлииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Уонна ол дьону бүтүн норуот уратытын уһугуннаран ыччатыгар бэйэтин норуотунан киэн туттуу, дойдуга таптал тыынын иитэр-иҥэрэр улахан судаарыстыбаннай суолталаах үлэһиттэр курдук сыаналанар кэмнэрэ кэллэ. Бүтүн Саха норуотун фольклорун барытын түмэр оһуокайбыт сүттэҕинэ саха тойуга, утары хоһуйар туойсуута уо.да. а. барыта кэхтэн, сүтэн барыаҕа. Оччоҕуна, мин саха диэн туспа төрүт омукпун дииргэ биир сүрүн күөн туттарбыт тылынан уус-уран айымньыбыт фольклорбут саамай тутаах салаата умнуллан ыччаппытыгар хаалларарга ыараан иһиэҕэ…
Оһуокай саха дьонун дууһатыгар, култууратыгар, олоҕор-дьаһаҕар барытыгар да төһө дириҥник иҥэн сылдьарын киһи маннык түгэннэртэн да сыаналыахха сөп курдук. Урут оһуокай үгэннээн этиллэр кэмигэр да бэйэлэрэ киэҥ түһүлгэлэнэн, сорохтор өссө олох да эппэт эрээри, оһуокайы көтүппэт көхтөөх дьон бааллара биллэр. Ол дьон кэнники күлүөнэлэрин биһиги, билигин сааһырбыт көлүөнэ, сорохторун баттаһан көрбүппүт.
Бу дьон бэйэлэрэ эппэккэ үтүктээччиннэн, өссө истээччиннэн эрэ да сылдьан астынар буолаллара. Түһүлгэҕэ хаамсар эрээри үтүктэн ылласпат, сорохтор хаамсыбакка олорон эрэн үөрэ-көтө хамсана олорор буолааччылар. Онон, оһуокайтан дьон куоластаах өттө ырыатын ыллаһан, сорохтор үҥкүүтүн хамсаныытыгар хамсанан, сорохтор уус-уран тыл хоһуйар умсулҕанын киинэ курдук харахтарыгар көрөн, үгүс эдэр дьон атын хайа да түгэҥҥэ илии тутуһан “сэргэстэһиэх” диэн тыл да быктарбат кыбыста көрөр кыыстарын сылаас илиитин тутан, үйэлэрин тухары умнуллубат сылаас өйдөбүлү ылаллара, бу оһуокайтан эрэ…Онон, өссө чиҥэтэн этиэххэ сөп. Саха култуурата ырыата-тойуга, үҥкүүтүн хамсаныыта, араас киэргэлэ- симэҕэ, хайа да омукка суох сиэдэрэй быһыылаах оһуордаах-симэхтээх таҥаһа-саба барыта оһуокай түһүлгэтин бырыынчык, кыраҕы харахтарын нөҥүө ааспыт буолан билигин да бүтүн Аан Дойду дьонун сөхтөрүөн сөхтөрөр…
Оһуокайы оҕолорго детсад саастарыттан, оскуолаҕа хаамтара, үтүгүннэрэн этитэ үөрэтиэххэ наада. Биһиги билигин этэр эрэ оҕолору такайа-үөрэтэ сатыыбыт. Ол этээччилэри үтүктэр, оһуокай тэтимин тутар кынат дьону эмиэ умнумуохха. Үчүгэй кыната суох үҥкүү тылын этээччи түһүлгэтин туппат. Дьокуускайга Н.А. Алексеева лисиэй — оскуолатыгар 2000 сыллар саҕаланыыларыгар сарсыардааҥҥы сэрээккэ оннугар үөрэнээччи барыта оһуокайдыыр практиката баар этэ. Оҕо барыта уочаратынан үҥкүү тылын таһаарар сорудахтааҕа.
Билигин барыга бары: күүстээх-быһый, ырыаһыт-үҥкүүһүт, уус-иистэнньэҥ, уонна да атын-дьон бары дьарыга удьуорунан сэттис-тохсус көлүөнэҕэ тиийэ бэриллэр дииллэрин киһи бары саараҥнаабакка ылынар буолан турар. Түөлбэ-түөлбэ аайы оһуокайдьыттары эмиэ удьуорунан сирдэтэн көрдүөххэ, онно аналлаах элбэх тэрээһиннэри тэрийиэххэ наада. Оннук тэрээһиннэр нэһилиэктэргэ саҕаланан эрэллэр. Холобур, үйэтин тухары оһуокайы өрө туппут, өрөспүүбүлүкэ Дархан этээччитэ үрдүк ааттаах, Бүлүүгэ оһуокай түмсүүтүн бастаан тэрийбит К И Иванов-Чиҥнээни 85-сааһыгар бэйэтэ тэрийэн, улахан бириистэри туруоран, улууска оһуокай күрэҕин ыыппыта.
Быйыл Бөтүҥнэр сэрии кыттыылааҕа, бэйэтин кэмигэр аатырбыт үҥкүү тылын этээччи Саввинов Николай Саввич-Сэрбэкэ төрөөбүтэ 105 сааһыгар аналлаах оһуокай күрэҕин ыытарга бэлэмнэнэллэр. Улахан бириистэр оонньонуохтара. Оһуокай умсулҕана дьон дууһатыгар саҥалыы күөдьүйэр кыахтааҕын туоһулаан саҥа ааттар арыллыахтара диэн эрэл улахан. Маннык тэрээһиннэр ыһыахтарга эрэ буолбакка хас түөлбэ аайы бэйэлэрин кэмнэригэр биллибит этээччилэргэ анаан араас бэлиэ күннэргэ тэрийиэххэ наада. Уйулҕа уһуктуо, өбүгэ үөрүйэҕэ өндөйүө, утум салҕаныа этэ.
Бу мин эппэтэҕим буоллун, үйэлэр түгэхтэриттэн өбүгэлэр көрдөһүүлэрэ буолан иһилиннин…
Николай Иванов,
Саха сирин суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ.