Сэрии уонна сэрии кэминээҕи сылларга саха тыатын дьоно төһөлөөх элбэх эрэйи-муҥу, аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны көрбүттэрэ буолуой? Тулуурдаах, дьулуурдаах, үлэһит уонна бэйэ-бэйэлэригэр аһыныгас сыһыаннаах эрэ буоланнар ол суостаах дьыллары туораабыттара, оҕолорун ииппиттэрэ-аһаппыттара, үлэһит дьон оҥортообуттара.
Бүлүүттэн төрүттээх Өлөөн оройуонун олохтооҕо Христина Солдатова ол кэмнэри ахтар, улахан дьиэ кэргэнин олоҕун туһунан ааҕааччыларга кэпсиир.
Биһиги дьиэ кэргэн сэрии сылларын кэмигэр Бүлүү оройуонун III Күүлэт нэһилиэгэр олорбуппут. 1936 сыллаахха Гуляев Михаил Филиппович учууталлар семинарияларын бүтэрэн учууталлыы кэлбит. Кини мин улахан эдьиийбин Александраны кэргэн ылан, бастакы уол оҕолоро тымныйан аҕыйах күҥҥэ ыалдьан өлбүт. 1939 сыллаахха эмиэ уол оҕоломмуттара, Иван диэн, 1939 сыл күһүнүгэр Михаил Филиппович Өлөөн дьонун кытта аргыстаһан, көһөрөн таһаарбыта. Оччотооҕуга Шологон диэн диэн нэһилиэккэ учууталлаабыта.
Ол кэннэ биһиги аҕабыт Солдатов В.Н.репрессияҕа түбэһэн, 1942 сыллаахха Бүлүү хаайыытыгар өлбүтэ. Дьон кэпсииринэн, кини өлбүтүн кэннэ ааһыныыта кэлбит этэ. Аҕабыт түбэһэригэр ийэбит 4 кыра оҕону кытта хаалбыт. Улахана Иннокентий 12-13 саастааҕа, онтон аллараа Варя, Николай, мин 4 саастааҕым. Биһиги дьиэбитин, сүөһүбүтүн, хотоммутун, туох баар баайбытын-дуолбутун барытын ылбыттар.Ийэбит эрэйдээх, ыал биир муннугар, бу түөрт оҕотун кытта хоргуйан, өлөр уһугар олордохторуна, хотуттан бэдэрээт тарда Күүлэккэ дьоннор киирбиттэр. Онно чугас дьоннор киирбиттэр, ийэбэр сүбэлээбиттэр: “Эмээхсин икки оҕоҕун илдьэ хоту кыыскар таҕыс, ити кыраҕын уонна улахан киһини Иннокентийы илдьэ бар, үөннээн-көйүүрдээн аһаталыа, икки ортоҕун — Варяны, Николайы хааллар” — диэн.
Онуоха ийэм биир бэдэрээччит уолу көрдөспүтүгэр биир сыарҕаны уларсыам, онно батан тахсыс диэбит. Ол да, эдэр мэник-тэник буолан, сөбүлэспитэ буолуо. Ол киһи Дмитриев Мэхээлэ диэн. Дьэ, биһиги итинник тугу таҥнан-аһаан Өлөөн оройуонун булбуппутун киһи өйө хоппот.
Кэлин эдьиийим кэпсиирэ: “Ийэм эрэйдээх ыран, кырдьан киһи билбэт киһитэ буолбут, онтон Эҥиэнтэй 13 саастаах оҕо олох оҕонньор курдук, эн илииҥ уһунун да диир” — диир буолара. Шологоҥҥа икки сыл буолан баран, ийэм миигин илдьэ Ээйиккэ барбыта, “хаалбыт оҕолорбун истиэм уонна үрүҥ астаах сир” — диэн. Ийэм биһикки Ээйиккэ Долгуновтар диэн ыалга олорбуппут. Ийэм эрэйдээх өрүү ыалдьара. “Оҕолорум эрэйдээхтэр өллөхтөрө,” — дии-дии ытыыр буолара. Оччолорго Ээйиккэ аччыктааһын бөҕө этэ. Ким тугу бэрсэринэн олорор быһыылаах этибит. Арай убайым Шологонтан сайын, колхозка буолуо, кустуу-хаастыы кэлбитэ. Онно ийэм: “Оҕом, дьэ, биһигини иитэр киһи буолбут,” — диэн үөрбүтүн даа. Кус түүтүн мунньан, миэхэ оскуолаҕа киирэрбэр сөп оҥоруом диир буолара.
Оччолорго Ээйиккэ хортуоска үүннэрэр этилэр. Күһүн, тымныы түспүтүн кэннэ, хомуйааччылар хортуоскаларын ыскылаакка уурбуттара, тоҥон күп-күөх буолбутун, хомуйаары гыммыппытын хомуйтарбат этилэр. Ээйиктэр бултаатахтарына күһүн үллэстэр этилэр, сылгы идэһэтэ буоллаҕына, оҕолор кэлэн ытыспытын тоһуйан турдахпытына, кып-кыра сылгы хаһатытын уунан биэрдэхтэринэ дьиэбитигэр ыстанар буоларбыт. Ийэм эрэйдээх ону сыллаан көрө олороро бу баарга дылы. Итинник олорон 1947 сыллаахха ийэм өлөөхтөөбүтэ. Оҕолорун туһунан тугу да истибэтэҕэ. Миигин: “Бу эрэйдээх, мин суох буоллахпына хайдах буолуой? Өлөөхтүүрэ буолуо,” — диирэ, тоҕо эрэ.
Мин тулаайах хаалбыппын Семеновтар диэн ыаллар иитэ ылбыттара. Түүн аайы, ийэбин санаан, ытаан тахсарым. Кэлэн ылыа дии саныырым. Кэлин даҕаны, куруук ийэм кэлиэҕэ дии саныырым.
Оннук сырыттахпына күтүөтүм Михаил Филиппович Шологонтан кэлэн: “Кэбис, бачча киһи бэйэбитигэр көмө буолуо, ылабыт,” — диэбит этэ. Онон, мин 1948 c. Шологоҥҥа эдьиийбэр кэлбитим. Иван, Катя, Володя, Вячеслав, саҥа төрөөбүт Клава диэн оҕолордоох этэ. Дьэ, итинник Гуляевтар дьиэ кэргэннэригэр мин эбии буолбутум. Сороҕор интернакка киирэр этим. Убайым Иннокентий булка, табаһыттары кытта табаҕа сылдьыһар этэ. Мин Ээйиктэн кэлэрбэр, 1947 сыллаахха Бүлүү диэки экспедицияҕа үлэлээн кэлбитэ.
Михаил Филиппович сарсыарда оскуолаҕа үлэлии-үлэлии, эбиэт кэнниттэн оскуолатыгар саһаан эрбиирэ, тоҕо эрэ соҕотоҕун мас эрбиир буолара, түүнүн бултанара. Сарсыарда кус бөҕө сытар буолара, дьэ, хаһан утуйан туран сылдьара буолла. Эдьиийим Александра дьиэтин-уотун, оҕолорун көрөрүн быыһыгар саахымат оонньуурун сөбүлүүр этэ. Кинилэр дьиэлэригэр куруук оҕолор кэлэн саахыматтааччылар — Данилов Сергей, Типянов Гоша, Степан Иванович Николаев. Степан Иванович Николаев учууталлыыр этэ. Мин бастакы кылааска быһа үөрэнэ киирбитим. Оҕолор нулевой кылаас диэни бүтэрбит этилэр. Ааҕар, суруйар этилэр. Миигин учууталым аах эрэ диэбитигэр, оҕолор кини буукубаны билбэт диэтилэр, ону Степан Иванович: “Чэ, Христина билиэҕэ, үөрэтиҥ,” — диэбитэ бу баар курдук. Ол курдук, мин сотору буолаат ааҕар буолбутум, сахалыы кинигэлэри элбэҕи аахпытым.
Эдьиийбэр оскуола улахан кыргыттара кэлэн оҕо көрсөр, көмөлөһөр этилэр — Анна Ивановна Тимофеева, Прасковья Егорова, Евдокия Антонова. 1949 сыллаахха Гутя төрөөбүтэ, 1950 сыллаахха Рита күһүн атырдьах ыйыгар төрөөбүтэ. Эдьиийим ыараханнык оҕолонон балыыһаҕа сыппыта, оҕото эмийэ үүтэ суох буолан, атын оҕолоох ийэлэргэ аһата илдьэрим. Күһүн, түүнүн хараҥа баҕайыга оҕобутугар биһик оҥорон биэрбиттэрэ, оҕону дэлби түһэриэ диэн. Сайын биир ыанар табаны хаалларбыттарын бөрө сиэн кэбиспитэ — диир буолаллара. Оччоҕо да үүт суох эбит. Оннук 4 ийэни эмэн арыый да бороохтуйбута.
Оччотооҕуга Маргарита Михайловна Брыткова, нуучча кыыһа, саҥа үөрэҕи бүтэрэн соҕурууттан кэлбитэ. Кини Степан Ивановичка кэргэн тахсыбыта. Маргарита Михайловна эдэр баҕайы сүрдээх үлэһит, эйэҕэс, кыһамнньылаах эмчит, кини тутта да ыарыы оһор курдук буолааччы.
Шологон диэн — мин өйбөр куруук сырдык, ыраас баҕайы уулаах өрүстээх, өссө Марха салаата Оҥньоо диэн үрүйэ куруук сып-сылаас уулаах курдук этэ. Ити саас, үөрэх бүтээтин кытта Михаил Филипповы Кирбэй диэн сиргэ учууталлата ыыппыттара. Онон, эдьиийим Александра бэйэтин 7 оҕото уонна миигин, улаханнара Иван биһикки 11 саастаахпыт, кыра Рита биһиктээх оҕону илдьэ табанан Кирбэйгэ айаннатыбыт. Дьэ, тугу таҥнан хайдах айаннаабыппытын билигин да өйүм хоппот. Эдьиийим сүрдээх кытаанах санаалаах, хайдах тиийэбит — диэн мунаахсыйбат этэ. Мин айаҥҥа дэлби тоҥорум, оҕолор да тоҥон ытаһаллара сүрдээх буолааччы. Онуоха кыра кыыспыт үүтэ бүтэн, кураанах ууну, өрбөҕүнэн суоска оҥостон иһэрдэрбит, сорох түүн олох утуйбат, оһох отто-отто олорон хонор этибит. Өлөөҥҥө чугаһаан иһэн Силигиргэ Ээйиктээн иһэр Семеновтары көрсөн үөрүү бөҕө. Үс-түөрт банка сгущенка биэрбиттэринэн оҕобутун аһатан айаннаатыбыт. Өлөөҥҥө тохтообокко, Кирбэйгэ аастыбыт, Шологонтан ким сирдьиттээбитин мин өйдөөбөппүн. Иван: “Убайбыт Иннокентий этэ”, — диэччи. Кирбэйгэ ааһарбытыгар биир эмээхсин, Моисей эмээхсинэ диэн, сирдээбитэ. Биир сиргэ мунан хараҥардан өссө атаҕын өлөрөн, төннөн хонук сир көрдөнөн хомуммуппут, оҕолорбут тоҥон, аччыктаан ытаһаллара. Дьэ, ол тухары эдьиийим биирдэ мөҕүттэрин, бу эрэйи көрдүбүт диирин истибэтэҕим. Сарсыныгар, дьэ, күтүөт Михаил Филиппович утары кэлэн, хонон айаннаан Кирбэйгэ тиийдибит.
Онно, дьэ, ырай олоҕо эбит этэ — оскуола киэҥ-куоҥ, интернат, ас бөҕө. Онно да, Михаил Филиппович учууталлыыр оскуолатыгар эмиэ мас эрбиир. Сааһын, сайынын бултанар. Эдьиийим саахыматын син биир оонньуур, Иван улаатан оонньоһор. Олохтоох оҕолор эмиэ оонньуу кэлэр этилэр — Христофор Степанов, Егор Степанов, Семен Степанов “Кырадаай”, Сергей Данилов — бухгалтер, Степан Типянов куруук быыс буллулар да, саахымат оонньуур буолаллара.
Биһиги, оҕолор, сайынын кирпииччэ үктүүрбүт. Ону уматарбытыгар кыра оҕолор сир кырсын ылан, оһохпутун сабарбытыгар көмөлөһөр буолаллара, онтон ол кирпииччэбитин сүгэн оскуолаҕа таһарбыт. Күнү быһа 2 биэдэрэ сугуну хомуйан биири хаһаанар, биирин барыанньа оҥорон килиэпкэ биһэн сиирбит, оччоҕо арыы, саахар кэмчи.
6 саастаах Вячеслав улаханнык ыалдьыбытын, аҕата болуотунан Өлөөҥҥө киллэрбитэ. Арҕаа Салааҕа улахан харгы баар. Икки өттө таас хайа, дьэ, ону хайдах ааспыттара биллибэт этэ. Эдьиийим санааҕа ылларан сайыны быһа ытаан тахсыбыта. Арай, күһүн биирдэ экспедициялар телеграмма аҕалбыттар, онно эрэ тыыннаахтара биллибитэ. Биир сайын Клава ыалдьан төһөлөөх түүнү утуйбатахпытын киһи билбэт. Кэлин Маша, Саша төрөөбүттэрэ. Мин 15 сааспыттан осуолаҕа остуорастаабытым, онтон балыыһаҕа санитаркалаабытым. Күтүөтүм үөрэр этэ: “Оҕом көмө буолла, оҕолорбутун үөрэттэриэхпит”, — диэн.
1954-1955 cc. үөрэҕи бүтэрбит учууталлар кэлбиттэрэ: Владимир Федотович Дорофеев, Афанасий Петрович Андросов, Анна Николаевна Ильина, Раиса Ивановна Аверина. Кинилэр оскуолаҕа олорбуттара. Мин 1955 с. комсомолга киирбитим. Комсомол сэкэрэтээрэ Екатерина Петровна Шестакова фельдшердыыр этэ. Комсомол мин олохпор сабыдыала улахан, агитатор буолан ыалы кэрийэ сылдьан ааҕабын, үөрэҕэ суох дьону үөрэтэбин, субботник бөҕө. Михаил Филипповиһы кытары Райпо бэрэссэдээтэлинэн ылбыттара. Эдьиийим эмиэ көспүтэ. Мин иистэнэр сыахха үлэҕэ киирбитим. Онтон райкомол сэкэрэтээрэ Тамара Семеновна Петрова ыҥыран куоракка 4 ыйдаах атыыһыт курса баарын, онно үөрэххэ ыытаары гыналларын эппитэ. Мин үөрэҕим кыратыттан, кыайыам суоҕа диэн аккаастанаары гыммыппын, “Кыайыаҥ, бар” — диэбитэ. Оннук баран, үөрэнэн кэлэн 1 сыл атыыһыттаабытым.
Ити бириэмэҕэ Бүлүүгэ хаалбыт эдьиийим Варвара детдомҥа дэлби ыалдьан: “Миигин ылларын”, — диэн суруйбутун иһин ылларбыттара. Ол кэлэн Өлөөҥҥө 10 — с кылааһы бүтэрэн, Харыйалаах библиотекатыгар үлэлээбитэ уонна Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэ барбыта. Онно үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, төннөн кэлэн Дьокуускайга олохсуйбута, кэргэннэммитэ. 1 кыыс оҕолоох, СГУ-га омук тылын учуутала.
Быраата Николай Үөһээ Бүлүү детдомугар иитиллибитэ, педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, 4 сыл сулууспалаан кэлэн, эмиэ дьонугар суруйан Өлөөҥҥө кэлбитэ. Кинилэр иккиэн мииигин: “Кыра балтыбыт тыыннаах, биһиги ылыахпыт”, — дии санаабыт этилэр. Ону баара мин улахан киһибин буоллаҕа, үлэлии сылдьабын. Варвара Ээйиккэ ийэтин уҥуоҕар бара сатаабыта, ону эдьиийим көҥүллээбэтэҕэ. Михаил Филипповичтаах 10 оҕолоругар биһиги 4 буолан эбиллэн, Өлөөнү дойду оҥостон силис тардыннахпыт. Улахан эдьиийбит Даарыйа Бүлүүттэн ыҥырар этэ: “Дойдугутун, алааскытын көрө кэлиҥ”, — диэн. Ону Өлөксөөн сөбүлээбэтэҕэ, ол хаһан эрэ барбыт, иччитэх алааһы диэн. Арай мин алааспыттан биир ытыс буору ылларан, илдьэ сылдьабын. Ол дойдум-дьонум бэлиэлэрэ.
Михаил Филиппович 1971 сылтан 1976 сылга диэри Дьэлиҥдэҕэ сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Онтон оройуоҥҥа охотобщество бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Пенсияҕа тахсан да баран, куруук үлэлии сылдьыбыта. Партийнай тэрилтэ сэкэрэтээрэ буолааччы, сүрдээх үлэһит этэ. Үлэҕэ килбиэнин иһин элбэх наҕараадалаах, грамоталардаах, Өлөөн оройоунун бочуоттаах олохтооҕо. Эдьиийим “Герой — ийэ”, балыыһаҕа завхозтаабыта, интернакка ньээнкэлээбитэ, 10 оҕону иитэн — үөрэттэрэн үлэһит оҥортообута. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр оҕо үөрэҕи билбэтэ, мэниктээтэ диэни истибэт этибит.
Улахан уол Иван Куйбышевскайдааҕы политехническай институту бүтэрэн, бастакы газовщик идэтин баһылаан Кыһыл-Сыырга үлэлээбитэ. Онтон оройуоҥҥа кэлэн архитектураҕа үлэлээн, таһаарыылаах үлэтин иһин “Почетный строитель” диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 3 оҕолоох, оҕолоро үрдүк үөрэхтээхтэр, үлэһиттэр.
Екатерина СГУ медицинскэй факультетын бүтэрбитэ. Өр сылларга доруобуйа харыстабылын салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, ол иһигэр 40 сыл Дьэлиҥдэҕэ кылаабынай бырааһынан. Килбиэннээх үлэтэ үрдүктүк сыаналанан элбэх наҕараадалаах: “Үтүөлээх быраас”, Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтиттэн “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, ахсаана биллибэт элбэх грамоталардаах. Кэргэнэ зоотехник, 3 уол оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр. Владимир — суоппар, кэргэнэ учуутал, үс оҕолоохтор, элбэх сиэннэрдээхтэр. Намҥа олорбуттара. Вячеслав ДВВУ бүтэрэн кадровай байыаннай буолбута, Даманскай сэрии кыттыылааҕа, кэргэнэ быраас, үс оҕолоохтор. Клавдия Магаданнааҕы пединституутун бүтэрэн химик идэлээх учуутал буолбута, кэргэнэ эмиэ учуутал — математик, Дьэлиҥдэҕэ үлэлээбиттэрэ, алта оҕолоохтор, элбэх сиэннээхтэр. Августина СГУ юридическэй факультетын бүтэрэн Дьокуускай куоратын суутун сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ, кэргэнэ инженер, үс оҕолоохтор. Маргарита швея, биир уоллаах — инженер, биир кыыстаах — оскуола үлэһитэ. Мария иитээччи, икки кыыстаах, экономист, юрист идэлээхтэр. Саша спортсмен, биир уол оҕолоох. Миша — элбэх оҕолоох, кэргэнэ эрдэ суох буолбута.
Михаил Филиппович — бастакы учуутал, эдьиийим — “Герой-ийэ” Өлөөнү иккис дойду оҥостон ньир-бааччы олорбуттара. 1997 сыллаахха 80 саастарын туолар уонна ыал буолан олорбуттара 60 сылларын бэлиэтээбиттэрэ. Михаил Филиппович, мин өйдүүрбэр куруук: “Үлэни кыайар эрдэххитинэ үлэлээҥ, үлэ диэн дьол буо”, — диирин өйдүүбүн. Эдьиийим: “Сылайар диэн баар үһү дуо, киһи төһө үлэлиир да соччонон сылайары билбэт,” — диэн саҥалаах буолааччылар. Бэйэлэрэ да аныгы дьон курдук “Үлэлээтибит, үлэлиибин” диэн тылы олох туттубат этилэр.
Христина Васильевна Солдатова, үлэ бэтэрээнэ,
Өлөөн оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, доруобуйа харыстабылын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” хаһаайына, Дьэлиҥдэ сэлиэнньэтэ.