Ол ыраах сааспытыгар, кыракый сайылыкпытыгар…

Хас биирдии киһиэхэ оҕо сааһын ааспыт сирэ ураты, күндү. Оттон миэхэ оннук сирим — сайылыгым буолар. Оҕо сылдьан оонньоон-көрүлээн, үөрэн-көтөн, ытаан-ыллаан күөлэһийэ улааппыт күндү сайылыгым.

Билигин арай санаабар онно тиийдэрбин урукку кэминэн туруох курдук: улахан дьон титииккэ күнүскү ыамнарыгар биэдэрэлэрин туппутунан баран эрэллэр, оҕолор лапталаан өрө көрө сылдьаллар, оттон мин балтыбын көтөхпүтүнэн оҕолортон хаалымаары сүүрэ сылдьыам этэ. Киэһээҥҥи ыам кэннэ сэппэрээтэр тыаһын истэ олорон дьиэ иннигэр олорон эрэн сэһэргэһии уонна дьэ күүтүүлээх лото оонньуута.

Онтон эмиэ сарсыардааҥҥы саһарҕаны кытта дойка тыаһа, ынах маҥырыыра уонна түптэ сыта… Хаһан да эргийбэт, киһи санаатын сылытар, угуйар ааспыт кэмнэр. Оҕо сааспыт төннүбэттии барбытын көрөн эрэ хааллахпыт, биирдэ өйдөммүппүт — оҕо-уруу, үлэ-үөрэх.

Арай быыс эрэ булларбыт санаабытынан эрэ төннөбүт ол ыраах сааспытыгар, кыракый сайылыкпытыгар…

Анна Пермякова.

Хаартыскаҕа Мастаах эбэ аттыгар баар Жданов сайылык.

Читайте дальше