Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта Мария Петровна Томская, М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһын салайааччыта Алена Александровна Дашевская көҕүлээһиннэринэн уонна тэрийиилэринэн атырдьах ыйын 18 күнүгэр Бүлүү куоратын кырдьаҕас олохтооҕо, Коммунистическай күүрээннээх үлэ ударнига, РСФСР олоҕу-дьаһаҕы хааччыйыы туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Утум» уопсастыбаннай тэрилтэ биир саамай ытыктанар Далбар Хотуна, «Алаһа» түмсүү салайааччыта, тарбаҕар талааннаах, ырыа куттаах сыана бэтэрээнэ, Екатерина Герасимовна Алексеева 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр аналлаах «Олоҕум ырыалаах ыллыга, оһуордаах оҥоһуктара» диэн дьоро күнэ М.Н.Жирков аатынан култуура Дыбарыаһын улахан саалатыгар үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһини Екатерина Герасимовна аймаҕа, саха эмчитэ Сөдүөт Екатерина Герасимовнаны бэйэтин, ыҥырыллан кэлбит ыалдьыттары арчылаан, алгыһынан арыйда. Салгыы сахалыы сиэринэн алгыһы иҥэринэр оһуохайы Герасимовна дьүөгэтэ, “Дархан этээччи”, “Алаһа” түмсүү 85 саастаах Далбар Хотуна Мария Прокопьевна Мыреева таһаарда.
Бу дьоро күн Екатерина Герасимовнаҕа умнуллубат үөрүүлээх күн буолла, Бүлүү улууһун дьаһалтатын баһылыгын социальнай политикаҕа солбуйааччы Александр Анатольевич Прокопьев Бүлүү улууһун Бочуотунай Грамотатын уонна үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, сыаналаах бэлэҕи туттарда, Бүлүү куорат баһылыга Ян Анатольевич Попов Екатерина Герасимовнаны Бүлүү куоратын Бочуоттаах олохтооҕо буолбутунан эҕэрдэлээн туран, Дыбарыас үрдүк сыанатыгар Бүлүү куоратын саамай улахан бэлиэтин уонна дастабырыанньатын дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллатан туттарда, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ Бүлүүтээҕи салаатын дириэктэрэ Мария Петровна Томская норуот дьокутаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Мария Николаевна Христофорова, Хаҕынтан «Чараҥ» түмсүү, Хампаттан «Иэйии» түмсүү салайааччыта Галина Алексеевна Алексеева ыыппыт эҕэрдэ суруктарын уонна бэлэхтэрин туттарда.
Екатерина Герасимовна ыҥырыылаах ыалдьыттарыгар анаан кэрэ куолаһынан сүрэхтэн сүппэт 5 ырыаны бэлэх уунна, Владимир Васильевич Васильев аатынан бэйэтэ сылдьар норуодунай хуорун коллектива, Елена, Иван Тулааһынаптар уонна бу дьоро күнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Христина Николаевна Буслаева ырыаларынан, «Алаһа» түмсүү Далбар Хотуна Ефросинья Дмитриевна Петрова бэйэтэ “Алаһаларга” анаан суруйбут хоһоонун ааҕан киэргэттилэр.
Үбүлүөйгэ ыраахтан-чугастан дьүөгэлэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр, бииргэ алтыһар үөлээннээхтэрэ күндү ыалдьыт буоллулар.
Үбүлүөй дьоро күнэ наһаа истиҥ доҕордуу тыыннаах ааста, эҕэрдэ эриэккэс тыллара кынат буолан көттүлэр, ырыа-тойук да ылланна, үҥкүү-битии да буолан ааста. Екатерина Герасимовна талаана ырыанан эрэ бүппэт, асчыт үтүөтэ, иистэнньэҥ бэрдэ, сатаабатаҕа диэн суоҕун кэриэтэ. Ол туоһутунан уран тарбаҕынан оҕуруонан бэйэтэ оҥорбут араас дьэрэкээн киэргэллэрин, сахалыы илин-кэлин кэбиһэрдэрин, бастыҥаларын, ытарҕаларын, хаалтыстарын кэлбит ыалдьыттар кэтэн-симэнэн сэлэлии хааман киирэн, биэчэрбитин ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.
Екатерина Герасимовна дьоро күнүн иилээн-саҕалаан ыыппыт култуура үтүөлээх үлэһитигэр Надежда Николаевна Ивановаҕа, култуура туйгунугар Христина Николаевна Буслаеваҕа, култуура Дыбарыаһын салайааччытытыгар Алена Александровна Дашевскаяҕа, тэрээһини алгыһынан арыйбыт быраатыгар Сөдүөккэ, экраҥҥа көстөр презентацияны оҥорон бэлэх ууммут култуура үлэһитэ Лазерга, народнай хор коллективыгар, бырааһынньыктааҕы сандалы остуолбутун тэрийсибит Ирина Иннокентьевнаҕа, Ирина Гордеевнаҕа, Эльвира Ивановнаҕа, Аксинья Андреевнаҕа, Елизавета Павловнаҕа, Клара Петровнаҕа (1 Күүлэт), Надежда Софроновнаҕа, Светлана Николаевнаҕа, Валентина Васильевнаҕа, Ирина Зиновьевнаҕа, Сусанна Прокопьевнаҕа, балтыларыгар Наталья Прокопьевнаҕа, Любовь Ивановнаҕа, бырааттарыгар Гордей Иннокентьевичка, Александр Диасовичка, сиэннэригэр уонна ытык-мааны ыалдьыттарбытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит.
Ытыктабыллаах Екатерина Герасимовна!
“Бүлүү куоратын Бочуоттаах олохтооҕо” диэн үрдүк аат иҥэриллибитинэн уонна өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Бүлүүбүт улууһун, куоратын сайдыытыгар үгүс кылааккын киллэрэн, күн бүгүнүгэр диэри сыраҕын-сылбаҕын биэрэн, түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлии-хамсыы сылдьаргыттан астынан туран, Эйигинэн киэн туттабыт. Кырдьар диэни билиммэккэ, тапталлаах оҕолоруҥ, сиэннэриҥ ортолоругар, сайаҕас сыһыаннарынан угуттанан үөрэ-көтө, сыдьаайа сырыт, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин аныыбыт, дьоллоох уһун олоҕу баҕарабыт.
Мария ТОМСКАЯ, к. бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта.