Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама – үүнүү-сайдыы суола

Кэлиҥҥи сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамата нэһилиэнньэлээх пууннар, ордук тыа сирэ сайдарыгар, тупсарыгар улахан күүс-көмө, өйөбүл буолар.

Чочу нэһилиэгин дьаһалтата 2023 сылга бырагыраама куонкуруһугар ситиһиилээхтик кыттан, 2024 сылга саҥа техника, прицептээх МТЗ 82 тыраахтары ылбыппыт. Техника көдьүүстээҕэ номнуо билиннэ.
Ол курдук, ааспыт кураан сайын нэһилиэкпит сиригэр-уотугар 2 ойуур баһаара турбутугар трактордаах буолан, тута дьаһана охсон, булуугунан сири хорутан, харгыстары оҥорон, уу цистернэтин тиэнэн илдьэн, дьоммут-сэргэбит хомуллан тахса охсон, бу ойуур баһаардарын уһаппакка тохтотууга үлэ күүскэ барбыта. Ону таһынан нэһилиэккэ араас хабааннаах субуотунньуктар буолаллар, аҕам саастаах дьоҥҥо, соҕотох олорооччуларга, нэһилиэк тэрилтэлэригэр көмөлөһүү, дэриэбинэ ис-тас суолларын көннөрүү уонна да атын араас үлэлэр бараллар.

Аҥардас олохтоох дьаһалта үбэ-харчыта саҥа техника ылынарыгар тиийбэт. Онон бу маннык бырагыраамалар бааллара, биллэн турар, тыа сирин кэлим сайдыытыгар бигэ тирэх, күүстээх өйөбүл буолар.

Быйылгы куонкуруска эмиэ кыттардыы бэлэмнэнэ сылдьабыт, олохтоохтор санааларын истиэхпит, уопсай мунньах тэриллэн, биир бырайыагы талан, докумуонун ситэрэн-хоторон өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйаҕа ыытыахпыт.

Надежда Евсеева,
«Чочу нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы.

Читайте дальше