Олохторун ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыттара

Биһиги олохпутугар көрсүбүт, алтыспыт, бииргэ үлэлээбит айылҕаттан айдарыылаах учууталларбытынан ааттыыбыт – олохторун бүүс бүтүннүү оҕо иитиитигэр анаабыт, Кыргыдай нэһилиэгин талааннаах ыччаттарын, оскуола, нэһилиэк киэн туттар дьоннорун, чаҕылхай ситиһиилэрдээх үтүөкэннээх үлэһиттэри, эдьиийдии-балыстыы Нина Романовна уонна Мария Романовна Степановалары.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Учууталлар учууталлара», «Бүлүү улууһун үөрэҕириитин киэн туттуута», «Кыргыдай нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин» анал бэлиэлэрдээх, талааннаах учуутал Степанова Нина Романовна оҕо сааһа төрөөбүт Кыргыдайын нэһилиэгэр ааспыта, кини ийэ, аҕа, чугас эдьиийдэрин сылаас тапталларыгар улааппыта.

Нина Романовна олохтоох оскуола ахсыс кылааһын 1969 үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитэ. Мастаах орто оскуолатыгар 9-10 кылаастарга үөрэнэн 1971 сыллаахха бүтэрбитэ. Кыргыдайга да, Балаҕаччыга да үөрэнэр сылларыгар элбэх истиҥ доҕоттордооҕо.

Нина Романовна сүҥкэн кылаатын киллэрбитэ

Нина оскуола кэнниттэн оччотооҕу «Оскуола – производство» диэн бачыымынан Мастаах сопхуос Кыргыдайдааҕы отделениетыгар 3 сыл үлэлээбитэ. 1974 сыллаахха Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай учуулуссаҕа үөрэнэ киирбитэ. Нина үөрэнэр сылларыгар баяҥҥа оонньуурга үөрэммитэ, Санников В.И. салалтатынан оркестрга дьарыктаммыта. Нина бииргэ үөрэнэр дьүөгэлэринээн Бүлүүгэ үөрэммит сылларын туһунан айбыт «Эдэр саас ырыата» диэн ырыалара билигин да колледжка уостан түспэккэ ылланар.

БПУ-ну 1978 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, дойдутугар, үөрэммит оскуолатыгар начальнай кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Тустаах үлэтин таһынан пионер баһаатайынан, муусука учууталынан үлэлээбитэ.

Баһаатайдыыр сылларыгар оскуола пионерскай дружината оройуоҥҥа үчүгэй үлэлээхтэр кэккэлэригэр сылдьара. Начальнай кылаас учууталынан 32 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Нина Романовна уруоктарыгар үөрэтии саҥа технологияларын сатабыллаахтык туһанара, ол курдук көрдөрөн үөрэтии, ыйытыы-эппиэт, предметтэр икки ардыларынааҕы сибээс курдук элбэх ахсааннаах ньымалары туһанара, олоҕу кытта ыкса сибээстиирэ. Кини уруоктарын оҕо баҕатын, дьоҕурун таба тайанан,  умсугутуулаахтык ыытара. Төрөппүт-учуутал-оҕо бииргэ үлэлээһинин сөптөөхтүк тэрийэрэ. Нина Романовна салайар кылааһа мэлдьи «Сыл бастыҥ кылааһа» буолара, учуутал бэйэтэ «Бастыҥ кылаас салайааччыта» ааты ылара. Кини үөрэппит оҕолоро үрдүкү сүһүөххэ тахсан туйгуннук, үчүгэйдик үөрэнэллэрэ. Ол курдук кини  кылааһын 5 оҕото 2005 сыллаахха 1 көмүс, 4 үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбиттэрэ.

Нина Романовна идэ таһымын үрдэтэр куурустарга мэлдьи сылдьара, үөрэтии саҥа ньымалара уруоктары ыытыы үөрэнээччилэр дэгиттэр сайдалларыгар улахан суолталаахтарын өйдүүрэ. Нина Романовна оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төһүү күүс буолара, методическай холбоһук салайааччытынан үлэлээн биир идэлээхтэрин, эдэр учууталлары үөрэтэрэ, баай уопутун бэрсэрэ, үтүө сүбэһит, холобур буолара. Кини үөрэппит оҕолоро олимпиадаларга, куонкурустарга, улууска, эрэгиэҥҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк ситиһиилэнэллэрэ. Кини оскуолаҕа бастаан үлэлиэҕиттэн үөрэтэр оҕолорун кэрэни кэрэхсиир, ырыаҕа-тойукка сыстаҕас гына иитэрэ. Нина Романовна тэрийбит «Кэнчээри» фольклор бөлөҕө «Хотугу сулус» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска оскуола историятыгар бастакыннан кыттан лауреат буолбуттара. Кэнники да сылларга кини салайар  вокальнай ырыа бөлөхтөрө, ыллыыр уолаттара  араас таһымнаах конкурстарга ситиһиилээхтик кытталлара. Мэлдьи лауреат, дипломант, Гран-при буолан кэлэллэрэ.

Нина Романовна көҕүлээһининэн нэһилиэккэ “Дьүөгэ” ырыа ансаамбыла тэриллибитэ. Кини үлэтин бүтэһик күннэригэр диэри ырыа-тойук аргыстаах, байаанын кыбыммытынан үөрэ-көтө сылдьара. Оскуола учууталларын “Сарыада” фольклор бөлөҕөр дьарыктаммыта. Кини манна үөрэҕин бүтэрэн кэлиэҕиттэн нэһилиэккэ биир да тэрээһин кинитэ суох ыытыллыбата. Ол курдук нэһилиэкпит сайдыытыгар  сүҥкэн кылаатын киллэрбит киэн туттар киһибитинэн буолар.

Мария Романовна ураты суолун-ииһин хаалларбыта

Нина Романовна бииргэ төрөөбүт балта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, үрдүкү категориялаах саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Мария Романовна Степанова олоххо дэҥ көстөр, айылҕаттан айдарыылаах учуутал этэ. Мария Романовна кылгас, ол эрээри баай ис хоһоонноох олоҕу олорон, сэмэй үлэтинэн өлбөт-сүппэт суолун-ииһин хаалларан ааспыта.

Мария Романовна дириҥ билиитэ, инникини өтө көрөр дьоҕура, оҕо-аймах ис дууһатын билэрэ, истиҥ-иһирэх сыһыаны сатаан олохтуура барыбытын олус диэн сөхтөрөрө, үтүө холобур буолара.

Мария Романовна үөрэтии-иитии ньымаларын толору баһылаан дьону түмэ тардар, салайар дьоҕурдааҕа, ирдэбиллээҕэ. Өр сылларга профсоюз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн коллективка иллээх эйгэни үөскэппитэ, кэскиллээх үлэҕэ көҕүлээбитэ.

Кини төрөөбүт сахатын тылын сүөгэйин-сүмэтин үөрэтэр оҕолоругар иҥэрэргэ ис дууһатыттан кыһанара. Оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ, дьоҕурун сайыннарыыга саҥаттан саҥа ньымалары көрдүүрэ, бастакынан олоххо киллэрэрэ, баһылыыра, биир идэлээхтэрин үөрэтэрэ, такайара.

Мария Романовна хас биирдии уруогун кичэллээхтик толкуйдаан,  үөрэнээччи өйүгэр-санаатыгар, уйулҕатыгар хатанар курдук дириҥник ырытан оҥосторо. Оҕолор интэриэстэрин, билэр-көрөр баҕаларын уһугуннарар сыалтан тиэмэлэринэн тирэх бэлиэлэри, хардарыта үлэни тэрийиигэ сүүһүнэн ааҕыллар сорудахтары, ыйытынньыктары, билиини тургутуулары, биктэриинэлэри о.д.а матырыйааллары бэйэтэ оҥосторо.  Уруокка чиҥэтии үлэтэ хас биирдии оҕоҕо олус наадалааҕын чорботоро.

Учуутал оҕо айар дьоҕурун сайыннарарга, иэйиитин уһугуннарарга сатабыллаах үлэни тэрийэрэ. Киниэхэ дьарыктаммыт оҕолор үгүстэрэ төрөөбүт ийэ тылларын кэрэхсээн, айар үлэ абылаҥар ылларан хоһоонтон саҕалаан олоҥхоҕо тиийэ суруйаллара, бастыҥ үлэлэр хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ.

Кини үөрэппит оҕолоро араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаларга, кэмпэриэнсийэлэргэ дириҥ билиилэрин көрдөрөн үрдүк ситиһиилэнэллэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрэ.

Мария Романовна 14 үөрэнээччитэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталын идэтин баһылаан  учууталларын туйаҕын хатараллар, кини үлэтин салҕыыллар.

Мария Романовна төрөөбүт нэһилиэгин историятын үөрэтиигэ күүскэ ылсан үлэлээбитэ, нэһилиэк ураты талааннаах дьоннорун туһунан өлбөт-сүппэт өйдөбүнньүгү хомуйан хааллларбыта.

Нина Романовна уонна Мария Романовна Степановалар үүнэр көлүөнэ ыччаты үөрэтиигэ-иитиигэ оҥорбут үтүөлэрэ, ситиспит ситиһиилэрэ хаһан да сүтүө, умнуллуо суоҕа!

Альбина Игнатьева, Мария Алексеева.