Олоҥхо уонна хомус күннэрин бэлиэтээтибит

СӨ Ил Дарханын ыйааҕынан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо уонна Хомус күннэрэ  бигэргэтиллибиттэрэ.

Манна аналлаах үөрүүлээх  тэрээһин  биһиги оскуолабытыгар   буолан ааста.  Хомус күнүн бүтүн Аан дойдуга бэлиэтииллэр эбит.  Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус – уран айымньытын саамай улахан көрүҥэ буолар.  Бу күн оҕолор уонна учууталлар бары сахалыы таҥнан, хомуска оонньоон холоннулар,  орто кылаас оҕолоро олонхолоон иһитиннэрдилэр.

Дьоро күнү оскуола дириэктэрэ В.С.Степанова эҕэрдэлээн саҕалаата. Ол кэнниттэн 5 «б» кылаас (салайааччы Семенова К.Б.) үөрэнээччилэрэ  «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Олоҥхо туһунан 7 «в» (салайааччы Федорова Н.Н.) үөрэнээччилэрэ бэрт элбэҕи билиһиннэрдилэр уонна Николаев Дамир, 6 «б» кылаас үөрэнээччитэ, аангылыйа  тылынан олоҥхо тылларын билиһиннэрдэ.

7 «б» кылаас үөрэнээччитэ  Васильева Иванна күргүөмүнэн хомуһу тардыыга ыҥырда.  Хомоҕой тыллаах хомуспут барыбытын бииргэ сомоҕолоото, оҕолор саха буолалларынан киэн тутуннулар, элбэҕи биллилэр–көрдүлэр. Маннык интэриэһинэй, олус наадалаах тэрээһини саха тылын учууталлара И.М.Аммосова, Нь.И.Филиппова иилээн-саҕалаан тэрийдилэр . Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ  алгыстаах алаадьынан күндүлээтилэр.

Уйгулаана Прокопьева,

 Г.И. Чиряев аатынан Бүлүүтээҕи 1 №-дээх орто оскуола

10 «б» кылааһын үөрэнээччитэ,  «Ориентир» медиа-киин эдэр кэрэспэдьиэнэ.