Иван Гоголев-Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи народнай театр 53-с сезонун ситиһиилээхтик арыйда.
«Ааттаах-суоллаах, тапталлаах театрбыт саҥа сезонун Олоҥхо дьиэтигэр арыйар үһү” диэн сурах-садьык, улахан афиша киин уулуссаҕа тахсыбыта, ватсап нөҥүө тарҕаммыта.
“Алгыс” барахсан сабыллыбыта, анал сыаната суох сиргэ хайдах оонньууллара буолуой диэн элбэх киһи кэпсэтэрэ. Күүтүүлээх күммүт тиийэн кэллэ. Киирээт сып-сырдык, төгүрүччү декорация: айылҕа, утары баай талым аныгы ыал дьиэтин иһэ, миэбэл арааһа, силигин ситэрэн бырааһынньыктыы ас-үөл хотойор улахан остуол, муус маҥан куруһубанан тигиллибит остуол сабыыта, муостаҕа дьэрэкээн көбүөр. Астаммыт ас сыта сааланы тунуйан, ону, дьиктиргээн хата, чыпчырына олордубут. Олоҥхо дьиэтин саалата тобус толору көрөөччү, ыскамыайкаҕа миэстэ тиийбэккэ, хостортон устуул аҕалан олоруу буолла.
“Истэҕиэт, мин саамай дьоллоохпун!”
Хойуу чөллөркөй куолаһынан Мэҥкэр Сэмэн Хабырыыл уола бар дьонун сүһүөҕэр туруоран алгыс сиэрин-туомун тутуһан, аал уотун уматан арчылаата, алҕаата.
Баччааҥҥа диэри спектакль сыанаҕа саҕаланар этэ. Бу сырыыга өссө дьиктиргэтэн, олох да үөһээ этээстэн түһэр кирилиэстэн саҕаланна. Арай, доҕоор, үөһэ чырбыйан турар уол “Истэҕиэт, мин саамай дьоллоохпун!” – диэн доргуйда, икки илиитин уунан туран. Онуоха ким эрэ “Бай, доҕор”, – диир саҥата иһилиннэ. Уол сүүрэн түһэн, аны олох да иннибитигэр, көрөөччү быыһыгар, таптал монологун иэйэ-куойа оонньуу турдаҕына, утары турар кирилиэскэ олорор кыыһа сүүрэн түһэн, тыаһа суох сыбдыйан кэлэн, уол хараҕын саба тутарыттан саҕаланна спектакль.
Артыыстарбытыгар махталбытын аныыбыт
Үөрүү, хомолто, трагедия соһуччу араас түгэннэрин театр артыыстара котокулар адьас дьиҥнээхтик киһини долгута, өмүрдэ, соһута оонньоон ньиргиттилэр эбээт!
Текстэрин тылларын билэллэрин сөхтүбүт, көрөөччүнү кытта бииргэ, субу иннилэригэр, арыт төгүрүйэ сылдьан оонньоон, букатын сорохторбут аймалҕан хартыыната буолбутугар чуут аҕай сонно тута тыл бырахса сыстыбыт. Соннук киһини дьикти турукка киллэрэр эбит бу маннык атмосфераҕа декорацияҕа оонньооһун. Харах уулаах, соһуччу үөрүү кыымнаах улуу таптал обраһын арыйбыт, эдэркээн чаҕылхай артыыстарга Алена Давыдоваҕа, Николай Илларионовка анаан-минээн эҕэрдэ эриэккэһэ буолуохтун! Эҕэрдэ! Бу спектакльга норуот астынар, ытыктыыр артыыстара хайдах курдук оонньуулларын этэ да барыллыбат – ол курдук кинилэр солбуллубат талааннар.
“Алгыспыт” барахсан иккис тыына Олоҥхо уораҕайыгар итэҕэтиилээхтик киирэн, бэртээхэй дьоро киэһэни бэлэхтээтэ, премьера табылынна!
Салгыы иккис түһүмэххэ дьоро киэһэбит үөрүүтэ өссө үрдээтэ. Онон ырыа-тойук, көр-күлүү, күлэн быара суох олордубут. Үгэскэ кубулуйбут мадам Марго соһуччу бириистэрин түҥэтэн, өттүк харалаах, илии тутуурдаах, санаабыт манньыйан, үөрэ-көтө тарҕастыбыт. Бу курдук, тапталлаах театрбыт, дьоҥҥун түмэ тардан, саҥа талааннары арыйан, өссө да салгыы сайда-үүнэ тур! Көрөөччүлэр эһигини куруутун үөрүүнэн көрсүөхтэрэ диэн тус бэйэм бигэтик эрэнэбин.
Олоҥхо уораҕайын дьиэтигэр
Дьоро киэһэ арыллар,
Театрбыт барахсан
Премьераҕа ыҥырда!
Дьоһун-мааны киэһэҕэ
Ыраахтан-чугастан ыҥырсан,
Марго айбыт премьерата
Дьону муста бу киэһэ.
Оруоллары наардааҥҥын,
Талааннары талаҥҥын
Орто дойду очурдаах
Оргуйар олоҕор кыттыһан,
Олоххо дьулууруҥ күүһүнэн
Олохтоохтук ылсыһан,
Оҕо-дьону уһуйан
Олороруҥ үчүгэйиэн.
Үүнэ-сайда үрдүү тур –
Үтүө кэми кэрэһилээн!
Айар талаан аартыга
Арылла турдун эһиэхэ!
Ефросинья Петрова, Кэбээйи нэһилиэгин,Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо,норуот маастара