Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо сөп түбэһэр спорт көрүҥнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин XIV спартакиадатыгар Бүлүү улууһун олорон эрэ волейболга сүүмэрдэммит хамаандалара күрэхтэһиини саҕалаатылар.
Спартакиада олорон эрэ волейболга күрэхтэһиилэрэ Николай Захаров – Сахаачча аатынан спорт киинигэр «күөрэйэр мээчик» оонньуутун таптааччылар бэйэлэрин хамаандаларын өйөөн ыһыыларын-хаһыыларын ортотугар ааһар.
От ыйын 12 күнүгэр спартакиада үс көрүҥэр: олорон эрэ волейболга, остуол тенниһигэр, буулдьанан ытыыга күрэхтэһиилэр саҕаланнылар.
Дьахталлар хамаандаларын тириэньэрэ Роза Семенова Бүлүү улууһун хамаандатын састаабыгар Ирина Гаврильева, Анастасия Скрыбыкина, Аида Капитонова.Роза Николаева, Людмила Петрова, Раиса Мылахова уонна Тамара Федорова оонньуулларын, күрэхтэһиини саҕалаабыттарын билиһиннэрдэ.
Быраабыла быһыытынан олорон эрэ волейбол «хонуутугар» күрэхтэһэр хамаанда састаабыгар биир чэгиэн доруобуйалаах, 5 доруобуйаларынан араас хааччахтаах оонньооччулар киирэллэр.
Эр дьоннорго Айан Сыромятников хапытааннаах хамаанда састаабыгар Алексей Федоров, Федор Кузьмин, Семен Тимофеев, Федор Унаров, Роберт Николаев уо.д.а. оонньууллар.
Айан Сыромятников хамаанда олунньу ыйтан эрчиллиини саҕалаабытын, утарылаһааччылар үчүгэй бэлэмнээхтэрин, элбэх күрэхтэһиигэ биир састаабынан уһуннук оонньообуттарын бэлиэтээтэ.
Бүлүү улууһун олорон эрэ волейболга хамаандалара кыайыыны ситиһэллэригэр баҕарыаххайыҥ!
Николай Куприянов.