- 1928 с. Сунтаар оройуонун Элгээйи орто оскуолатыгар аата иҥэриллибитэ.
- 1964 с. – Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр мусуойга аата иҥэриллибитэ
- 1966 с. — М.А. Кротов “Вилюйский краевед” (П.Х. Староватов туһунан очерк) Дьок.к. бэчээттэммитэ. 3000 экз.
- 1975 с. – «Краевед П.Х. Староватов» архыып докумуоннарынан уонна матырыйаалларынан сборник бэчээттэммит. Таҥан таһаарааччы С.Я. Эртюков. Тираж 2000 экз.
- 1979 с. — «Краевед П.Х. Староватов» диэн 61,10 карат ыйааһыннаах алмаас ааттаммыт.
- 1993 с. Балаҕан ыйын 13 к. П.Х. Староватов СР Правительствотын уурааҕынан саха сиригэр алмаас баарын бастакынан биллэрбит киһинэн бигэргэппитэ.
- 1994 с. СВФУ ГРФ бастыҥ устудьуоннарыгар П.Х. Староватов аатынан стипендия олохтоммут.
Фондаттан кини үлэлэлэрэ, кинигэлэрэ, мала-сала араас быыстапкаларга көрдөрүүгэ тураллар.Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей фондатыгар учуутал, краевед, общественнай деятель, Саха сириттэн бастакы Үлэ Геройа П.Х. Староватов араас тиэмэлэргэ суруйуулара, кинигэлэрэ, докумуоннара, хаартыскалара, тутта сылдьыбыт мала-сала хараллан сытар. Уопсай ахсаана 349.
П.Х. Староватов үлэлэрин наардаан, сүрүннээн ахсаанын суруйдахха маннык:
суруйуулара – 47, кинигэлэрэ — 93, схемэлэр, карталар — 7, хаартыскалар -15, араас докумуоннар — 97, суруктар, телеграммалар — 47, черновиктар, быстах суруйуулар, конспектар, атын кыра докумуоннар — 19, автобиографиялар — 3, тутта сылдьыбыт бэйэтин мала — 11, уолаттарын Илья, Коля үөрэхтэрин кинигэлэрэ, тэтэрээттэрэ, уруһуйдара — 7, ахтыы — 1, алмаас копията, паспора — 2.
Суруйууларын көрдөххө, П.Х. Староватов олох бары араас көстүүлэригэр, кыһалҕалаах боппуруостары хабан суруйбута үгүс. Ол курдук колхуостары тэрийии, сири түҥэтии, оҥоруу, самолет сырыытын, почта үлэтин тупсарыы, үөрэҕирии, атыы-эргиэн, балыктааһын, бэлиитикэ о.д.а. тиэмэлэри элбэхтик сырдаппыт. Самолёт саахалыгар 16 киһи тыына быстыбытын туһунан суруйуутугар, аны итинник саахал тахсыбатын туһугар, туох-ханнык дьаһал ылыллыахтааҕын туһунан суруйбута эмиэ баар. Бу суруйуулара Петр Хрисанфович дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга ис сүрэҕиттэн кыһалларын туоһулуур. Киһи быһыытынан киэҥ билиилээҕин, тобуллаҕас толкуйун, норуот туһугар олорбутун, кэскиллээх, үйэлээх үлэтин үрдүктүк сыаналыыгын.
Уопсайа биһиги музейбыт фондатыгар 20 ахсааннаах геологическай үлэлэрэ, схемэлэр бааллар. Үлэлэрин сороҕо илиинэн суруйуулар, сороҕо массыыҥкаҕа бэчээттэммиттэн уһуллубут копиялар. Бүлүү өрүс сүнньүнэн ниэп, газ, туус, көмүс, алмаас о.д.а. сиртэн хостонор баайдар баалларын суруйбут үлэлэриттэн «Список минералов, находимых по Вилюю и его притокам» (1935 с.), «Притоки Вилюя и их значение» (1938 с.), «К вопросу о нефтеносности ЯАССР» (1939 с.), «Вопросы залегания кислых пород в бассейне Вилюя», «Месторождения полезных ископаемых бассейна р. Вилюй» (1941 с.) о.д.а. ааттаталыахха сөп. «Список минералов, находимых по Вилюю и его притокам» диэн 1935 сыллаахха суруйбут үлэтигэр, асбест, графит, доломит, тимир, көмүс, исландскай шпат, кырааска, каолин, үрүҥ көмүс, сибиниэс, сүлүүдэ, сера ханан баалларын чопчу ыйан суруйбут. Техник-геолог Дмитриевы кытта ниэп баар сирдэрин көрдөөн эскпедицияҕа сылдьыбытын «Общий результат и выводы о нашей поездке осенью 1939 г. по р. Чебыде» диэн отчуотугар суруйбут. Староватов 1930 с. уонна 1935 с. геологтар Леонид Петрович Мирошниченко, Георгий Эдуардович Фришенфельд экспедицияларыгар кыттыбыта. Музейбыт фондатыгар геологтар Л.П.Мирошниченко уонна Г.Э.Фришенфельд Староватовка суруктара «Нефть», «Курс общей геологии», «Агрономические руды СССР» диэн бэлэхтээбит кинигэлэрэ хараллан сыталлар.
Петр Хрисанфович Бүлүүтээҕи метеорологическай станцияҕа наблюдателинэн уһуннук үлэлээбитэ. “Климат Вилюйского района за 25 лет по Визе” диэн айылҕаны кэтээн көрүүлэрин бэлиэтээһиннэрэ баар.
П.Х. Староватов 1935-1954 сс. музейга сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, суруйан хаалларбыт 37 ахсааннаах докумуоннара баар. 1921 с. «Саха кэскилэ» диэн хомуурунньукка П.Х. Староватов бэчээттэппит музей экспонаттарын опиһа тахсыбыт. Манна музейга салааларынан хас экспонат баара, кимнээх биэрбиттэрэ суруллубут. Бу опиһы күн бүгүҥҥэ диэри үлэбитигэр туһанабыт, описьтан музейга бастакынан экспонат биэрбит дьон аатын билэбит. Ол курдук биһиги биир дойдулаахпыт, саха бастакы профессиональнай композитора М.Н. Жирков биллибэт кыыл төбөтүн уҥуоҕун, чэрэниилэ иһитин бэлэхтээбит эбит.
Тутта сылдьыбыт малыттан элбэх экспедицияларга илдьэ сылдьыбыт саата музей экспозициятыгар көрдөрүүгэ турар. 2019 с. Петр Хрисанфович кэтэ сылдьыбыт чаһытын Саратов куоракка олорор чааһынай коллекционер Уланов Виктор Витальевич музейга бэлэхтээбитэ. Бу сэдэх экспонат исторятын кылгастык билиһиннэрэр эбит буоллахха, Виктор Витальевич аҕа кынна Тихомиров Владимир Викторович 1950 сс. бүтүүлэригэр Бүлүүтээҕи метеостанцияҕа салайааччынан үлэлии сылдьыбыт. Чаһыны киниэхэ Староватов аймахтара бэлэхтээбиттэр. Владимир Викторович Петр Хрисанфович уолун Николайы кытта билсэр буолуохтаах. Чаһы П.Х. Староватовка аналлах стендэҕэ көрдөрүүгэ турар. 1979 с. “Интернациональная” кимберлитовай трубкаттан булуллубут 61.10 сt. «Краевед Староватов» диэн ааттаммыт алмаас копията көрөөччү интэриэһин тардар.
Музей сүрүн фондата барыта 2022 сыл түмүгүнэн 10158 ахсааннаах. 2013 с. саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан КАМИС диэн музей программатынан үлэлиибит. Фондабыт электроннай каталога оҥоһуллан турар. П.Х. Староватов фондата эмиэ толору киирбитэ. П. Х. Староватов аатын үйэтитэр сыалтан фондаттан кини үлэлэрэ, тутта сылдьыбыт кинигэлэрэ, мала-сала тахсан, араас быыстапкаларга көрдөрүүгэ тураллар.
Суруналыыс Н.А. Крылов 2019 с. тахсыбыт кинигэтигэр сүрүннээн биһиги музейбыт матырыйаалларын туһаммыта. Билигин Национальнай архыып П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан таһаарар кинигэтигэр музей фондатыттан матырыйааллары киллэрээри үлэлии сылдьабыт.
Василина Тараховская,
П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр музей кылаабынай хранителэ.