П.Х. Староватов аатын үйэтитиигэ музей иһинэн элбэх хайысхалаах үлэ барар

Биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, учуутал, общественнай деятель, бастакы Үлэ Геройа Петр Хрисанфович Староватов аатын үйэтитиигэ кини бэйэтэ 1917 с. төрүттээбит, 1964 сыллаахтан аатын сүгэр, Бүлүү музейа быстыбат ситимнээх араас хайысхалаах үлэни ыытан кэллэ.

Ол сүрүн хайысхатынан П.Х.Староватов анал фондатын тэрийии, үөрэтии, үйэттэн үйэҕэ кичэллээхтик харайан саҥа көлүөнэлэргэ тириэрдии буолар. Кини туһунан матырыйааллары хомуйууну урут араас кэмҥэ музей директордарынан үлэлии сылдьыбыт энтузиаст-кыраайы үөрэтээччилэр Н.Г.Баишев, Е.М.Никифоров, Е.П.Лыскаева, С.В.Иванов дьоһуннаах кылааты киллэрбиттэрэ, үлэтин, олоҕун үөрэтэн-чинчийэн олохтоох хаһыакка ыстатыйалары тиһигин быспакка суруйаллара, киэҥ хабааннаахтык сырдаталлара. Музейга 2013-2021 сс. научнай сотруднигынан үлэлээбит кыраайы үөрэтээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, улуус уонна Бүлүү куоратын ытык олохтооҕо Н.С.Миронов Бүлүү музейын историятын суруйан, музей 100 сааһын туолар сылыгар, 2017 сыллаахха кинигэ бэчээттэтэн таһаарбыт үтүөлээх. Бу кинигэҕэ П.Х.Староватов музейы салайбыт 1935-1954 сылларын «Староватов кэмэ» диэн ураты суолталаан дириҥник хорутан арыйбыта.

Кини үтүө холобурун үйэтитэн

П.Х.Староватов оскуола оҕолоругар төрөөбүт кыраай устун сайыҥҥы походтары тэрийэн чинчийэр үлэҕэ үөрэппит, Саха сиригэр биир бастакынан уһуйбут учуутал буолар. Бэйэтэ геологтары кытта сиртэн хостонор баайы көрдөөһүҥҥэ Бүлүү өрүс тардыыларынан хас да экспедиция кыттыылааҕа. Сааһыран да олорон, музейга үлэлиир кэмигэр айылҕаҕа, өрүс кытылынан оҕолору батыһыннара сылдьан үөрэтэр-такайар идэлээх эбит. Кини бу үтүө холобурун үйэтитэн, салгыы сайыннаран, биһиги музейбыт 2003 сыллаахтан биир да сылы көтүппэккэ араас походтары, экспедициялары тэрийэбит. Оҕолор олус сөбүлээн сылдьаллар, барар кэмнэрин өрүү кэтэһэллэр. Бэйэлэрин арыйыыларынан дакылааттары суруйан, НПК-га ситиһиилээхтик кытталлар.

Маннык үлэни ыытарбытыгар кыраайы үөрэтэр учууталлар, төрөппүттэр күүс-көмө буолаллар. Бастатан туран, кыраайы үөрэтээччи-энтузиаст, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ Норуодунай учуутала Н.И.Афанасьевы тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Кини оҕо сылдьан Староватовы көрбүт, кэпсээннэрин истибит киһи. Кэлин учуутал буолан Бүлүү улууһун Бороҕон орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлиир кэмигэр 50-тан тахса походтары, экспедициялары тэрийбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, Бүлүү куоратыгар олохсуйан олорон музейга бастакы походтары тэрийэрбитигэр үөрүүнэн сөбүлэһэн, 2003-2014 сс. 11 сыл тухары бииргэ үлэлэспитэ, тайҕаҕа сылдьа үөрүйэх буолан, биирдэ да мунаахсыйбакка, былааннаабыт маршруттарбытынан сирдээн илдьибитэ. Кыраайы үөрэтэр куруһуокпут оҕолоругар тэрийбит «Маҥнайгы айанньыттар суолларынан», «Краевед П.Х.Староватов маршрутунан», «Тукулаан», «Түүкээн», «Модут Элгээйитэ», «Дэлгэр хайата», «Хараабай хайата» уо.д.а. үөрэтэр-чинчийэр экспедицияларга кыттыбыта, киэҥ билиилээх кыраайы үөрэтээччи оҕолору элбэххэ үөрэппитэ. Биһиги бэйэбит эмиэ киниттэн элбэххэ үөрэммиппит. Николай Иванович музей экспедицияларын туһунан 2008 с. «Маҥнайгы айанньыттар суолларынан» диэн кинигэ бэчээттэтэн таһаартарбыта.

Маҥнайгы айанньыттар суолларынан

«Маҥнайгы айанньыттар суолларынан» диэн экспедиция сыала-соруга Бүлүүгэ нуучча хаһаактарын бастакы симиэбийэлэрэ ханна турбуттарын историктар суруйууларынан сирдэтэн, ыйыллыбыт сиригэр тиийэн көрдөөһүн, чинчийии, чуолкайдааһын этэ. Улууспут территориятыгар баар Орто-Бүлүүтээҕи (Танара үрэх төрдүгэр) симиэбийэ сирин чуолкайдааһынтан саҕалаабыппыт. Манна Н.И.Афанасьев көмөтө улахан. Кини бу сиргэ 1950-с сылларга сылдьыбыт эбит. Олохтоохтортон туоһулаһан, бу сир тоҕо «Куорат элгээнэ» диэн ааттааҕын интэриэһиргээн бара сылдьыбыт, түҥ ойуур иһигэр дьиэлэр тура сылдьыбыт омоонноро баарын илэ хараҕынан көрбүт.  Биллиилээх археолог, и.н.д. С.А.Федосеева 1960-с сылларга кэлэн чинчийэн баран чахчы нууччалар симиэбийэлэрэ тура сылдьыбыт сирэ эбит диэн бигэргэппит. Кини кэннэ археолог, и.н.д. Н.Д.Архипов чинчийэн эмиэ бигэргэппит. Ол иһин ити сир биһигини ордук интэриэһиргэппитэ. Оскуола оҕолорун кытта сылын аайы баран, кинилэри төрөөбүт дойдуларын үөрэтэргэ, чинчийэр үлэҕэ уһуйарга биир сүрүн маршруппут буолбута.

Кэлин Түүкээн, Луҥха төрдүлэригэр тиийэ бара сылдьыбыппыт. 2015-2016 сс. Гуманитарнай чинчийии институтуттан археологтар, и.н.к.  Е.А.Строгова, Е.Н.Соловьева кэлэн Орто Бүлүүтээҕи симиэбийэ тура сылдьыбыт сиригэр археологическай хаһыылары (раскопки) оҥороллоругар кыттыыны ылбыппыт. Ону тэҥэ, эмиэ ити институттан археолог, и.н.к. В.М.Дьяконов Улахан Тукулааҥҥа, Морхооҥҥо ыыппыт экспедицияларыгар сылдьыспыппыт оҕолорго билиилэрин хацаталларыгар олус туһалаах этэ.

«Кыраайы үөрэтээччи П.Х.Староватов маршруттарынан» бырайыак

«Кыраайы үөрэтээччи П.Х.Староватов маршруттарынан» бырайыакпытын саҕалыырга Бүлүү куоратыттан чугас эргин Бүлүү өрүс кытылларын Чыбыыдаттан Танараҕа тиийэ чинчийбит буоллахпытына, кэнники сылларга ыырбыт кэҥээн, Сунтаар улууһугар тиийэ бара сылдьар буоллубут. Элгээйигэ таарыйан П.Х.Староватов алта сыл үлэлээбит сирин көрөн, олохтоох музейга экскурсиялаан, салгыы туус, цеолит баайдаах Кэмпэндээйигэ, атын маршрут дьикти сферолит таас дэлэйдик үөскээбит Тэҥкэтигэр, өссө биир маршрут Г.Х.Файнштейн 1947 с. аан бастаан алмааһы булбут сиригэр Кириэстээххэ тиириэрдэр.

2-5 кылаас оҕолоругар иккис кылаастан саҕалаан сайыҥҥы кэмҥэ биир нэдиэлэлээх экологическай оскуоланы сэттис сылбытын арыйан үлэлэтэбит, айылҕаны кытта алтыһыннарабыт, чинчийэргэ, харыстыырга, сатыы сылдьарга үөрэтэбит. Айылҕа харыстабылын инспекторын кытта көрсүһүүттэн саҕалыыбыт. Бу оскуолабыт уратыта – хас биирдии дьарык айылҕаҕа буолар. Түмүккэ оҕолору балааккаҕа хонорго, тайҕаҕа сэрэхтээх буоларга, ориентированиеҕа уо.д.а. туһалаах үөрүйэхтэргэ төрөппүттэри кытыннаран, бииргэ сылдьан такайабыт.

Орто сүһүөх оскуола үөрэнээччилэрин уонна улахан кылаастары, сүнньүнэн кыраайы үөрэтэр куруһуокпут чилиэннэрин элбэх күннээх сатыы походтарга, экспедицияларга Улахан Тукулааҥҥа, Хараабай, Ахталдьыйаан, Дэлгэр, Тимирдээх хайаларыгар, Түҥҥэ, Чыбыыдаҕа илдьэ сылдьабыт. Оҕолор булумньуларынан музейбыт минералогическай, остеологическай коллекцияларын хацатабыт, үөрэх сыла саҕаламмытын кэннэ отчуоттуур тэрээһиҥҥэ быыстапка арыйабыт.

Музейтан силис тардан

Походтары, экспедициялары тэрийэрбитигэр бириэмэлэрин аахсыбакка уоппускаларын кэмигэр оҕолоругар кыһаллан көмөлөспүт учууталларбытын, төрөппүттэри куруук хайгыыбын уонна элбии туралларыгар баҕарабын. Кинилэр ортолоругар Бүлүүтээҕи гимназияттан география учуутала М.Е. Колтовская, биолог учуутал С.А. Николаева, Герой Н.С.Степанов аатынан Бүлүү 3 №-дээх оскуолатын начаалынай кылааһын учуутала О.И.Кычкина уонна кини кылааһын төрөппүтэ Е.И. Степанова, эмиэ ити оскуола учууталлара Ф.Н.Петрова, У.Е.Софронеева уо.д.а. бу сүүрбэ сыл тухары бииргэ сылдьыспыт учууталлар, төрөппүттэр бааллар. Бүлүү эбэ устун уунан устан айанныырбытын хааччыйбыт, 1990-с сылларга Булуу хаһаактарын хамаандатын сөргүтэн тэрийбит, атамаан Н.Н. Софронеевы умнубаппыт, өрүү махталынан ахтан-санаан ааһабыт.

Бастакы эдэр айанньыттарбыт улаатаннар, билигин сорохторо учуутал идэтин баһылаан, үөрэнээччилэрин кыраайы үөрэтиигэ бэйэлэрэ уһуйа-такайа сылдьаллара үөрдэр.

Ити курдук, П.Х.Староватов саҕалаабыт дьыалата музейтан силис тардан салгыы тарҕанан бара турар, кэнчээри ыччаттарбытын сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, төрөөбүт кыраайы таптыырга үөрэтэр.

Татьяна Афанасьева,

музей дириэктэрэ, СӨ култууратын

үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү к. ытык олохтооҕо.

 

Читайте дальше