“Россельхозбаан” 2023 сылга Саха сиригэр 60-тан тахса тыа сирин ыала дьиэтин хааччыллыылаах оҥороругар өйөбүл буолла

Саас – дьиэҕэ гаас-ититии ситимин киллэрэргэ эбэтэр өрөмүөнү оҥорорго бэлэмнэнэр кэм. Дьыл бу кэмигэр дьиэҕин-уоккун өрө тардарга, саҥардан-тупсаран оҥорорго былааннанаҕын.

Россельхозбаан тыа сирин олохтоохторуттан дьиэни хааччыллыылаах оҥорорго 3,25 % ыстаапкалаах чэпчэтиилээх потребительскай кирэдьиити биэрэргэ сайаапкалары салгыы хомуйар. Бырагыраамаҕа көрүллэр субсидия үбүн-харчытын Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ аныыр. Ааспыт 2023 сылга РСХБ Саха сиригэр 60-тан тахса ыал дьиэтин хааччыллыылаах оҥороругар чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрбитэ, ол уопсай суумата 38 мөл. солк. тэҥнэспитэ. Россельхозбаан Саха сирин эрэгийиэннээҕи филиалын Бүлүү куоратыгар баар эбии офиһын салайааччыта Иван Рожины кытта көрсөн, чэпчэтиилээх кирэдьиит туһунан сиһилии кэпсэттибит.

Иван Егорович, Россельхозбаан дьиэни хааччыллыылаах оҥорорго биэрэр кирэдьиитин туһунан кэпсээ. Кирэдьиит муҥутаан төһө суумаҕа диэри бэриллэрий? Туох сыалга туһаныахха сөбүй?

– Россельхозбаан тыа сиригэр дьиэни хааччыллыылаах оҥорорго чэпчэтиилээх бырыһыаннаах: 3,25 саҕалаан 5 %-ҥа диэри ыстаапкалаах потребительскай кирэдьииккэ сайаапкалары хомуйарын иһитиннэрэр. Бу көрүллүбүт үбү-харчыны дьиэни хааччыллыылаах оҥорорго эбэтэр өрөмүөннүүргэ туһаныллар. Кирэдьиит суумата биһиэхэ, Уһук Илин федеральнай уокурук олохтоохторугар, 700 тыһ. солкуобайтан саҕаланар. Манна быһааран этэр наада: ылбыт кирэдьииккитин биир сыалга, холобур, дьиэҕитигэр хааччыллыыны киллэртэрэргэ туттуоххутун сөп. Оттон атын сыалга, холобур, өрөмүөн оҥосторгутугар иккис кирэдьиити ылар кыахтааххыт. Инньэ гынан икки сыалга туһанаргытыгар 1,4 тыһ. солк. диэри кирэдьиити солуога уонна мэктиэһитэ (поручитель) суох ылаҕыт. Маны таһынан көмө үбү-харчыны улаатыннарар, былааннаммыккытын толору олоххо киллэрэр туһугар маннык кирэдьиити кэргэнниилэр тус-тупса оҥорторуохтарын сөп.

Сайаапканы толорорго туох хааччах баарый? Килийиэн сааһа, хамнаһа оруоллаах дуо?

– Сайаапкалары тыа сиригэр олорор, онно регистрациялаах, 23-тэн үөһээ саастаах дьонтон барыларыттан тутабыт. Ол иһигэр кирэдьиити сабалларыгар 65-рин ааһа илик биэнсийэлээхтэр, урбаанньыттар эмиэ хапсаллар. Кирэдьиит болдьоҕо – 3-5 сылга диэри. Бэлиэтээн этэбин, дьиэни-уоту хааччыллыылаах оҥорорго бэриллэр кирэдьиит тус сыаллаах бырагырааманан (целевой) көрүллэр, ол иһин үлэни толорор бэдэрээтчиккэ ирдэбил турар, тэрилтэ ОКВЭД оҥорор өҥөтүгэр эппиэттиир буолуохтаах.

Кирэдьиити маннык сыалга туһаныахха сөп: киин (централизованнай) эбэтэр автономнай уот-күөс, уу, ууну ыытар (водоотведение), ититии, гаас ситимнэрин тардарга аналлаах тэрили атыылаһарга, мантаастыырга эбэтэр олорор дьиэни өрөмүөннүүргэ. Тыа сирин дьиэлэригэр сыһыаннаах үлэ гааһы киллэриинэн, итиини-уоту тардыынан дьарыгырар анал тэрилтэни кытта түһэрсиллибит дуогабарынан барыахтаах. Кирэдьиит сорох чааһынан тутуу матырыйаалын маҕаһыыннарыттан өрөмүөҥҥэ наадалаах табаары атыылаһыахха сөп.

Өрөмүөн – ордук тыа сирин олохтоохторугар түбүктээх, сыралаах үлэ. Өрөмүөн оҥорор кэммит кылгас, үлэни барытын толорорго бириэмэбит да тиийбэт курдук. Сороҕор баан кирэдьиит биэрбэт, аккаастыыр. Кирэдьииккэ сөбүлэҥи ыларга тугу сүбэлиэ этигитий?

– Баан кирэдьиити биэрэрин туһугар эһиги хамнаскытын Россельхозбаантан ыларгытыгар, килийиэн буоларгытыгар сүбэлиэм этэ. Хамнаскыт 3 ый биһиги бааммыт каартатыгар түстэҕинэ, кирэдьиити туһанар кыахтанаҕыт. Холобур, 2 ыйдааҕы хамнаһы уонна абаансаны ылан барандьиэҕэ хааччыллыыны киллэрэргэ бэриллэр потребительскай кирэдьииккэ сайаапка биэрэр буолаҕыт.

Ол туһугар тугу гынабытый?

– Үлэлиир тэрилтэҕит буҕалтыарыйатыгар тиийэн, Россельхозбааны кытта хамнас дуогабара баарынсуоҕун ыйыталаһаҕыт. Өскөтүн оннук дуогабар суох уонна түһэрсэргэ былаан суох буоллаҕына, баан офиһыгар бараргыт наада. Ханнык баҕарар дебет каартатын, ол иһигэр билигин босхо оҥоһуллар Юнион Пэй да буолуон сөп, оҥортороҕут. Каарта реквизитин буҕалтыарыйаҕытыгар тиэрдэҕит, оччоҕо хамнаскыт бу каартаҕа түһэр буолар. Россельхозбаан дебет каартатын туһата элбэх: Арассыыйа иһигэр ханнык баҕарар баҥкамааттан харчыны босхо устаҕыт, ордубут счёкка уонна “Урожай” бигэ бырагырааматыгар улахан бырыһыан ааҕылларын санатабыт. “Урожай” бырагыраамаҕа ханнык кешбэк систиэмэтин талбыккыттан тутулуктанан 15 %-ҥа диэри кешбэк ааҕыллар. Маны таһынан биһиги бааммытыттан хамнастарын ылар килийиэннэрбит бары потребительскай кирэдьиити чэпчэтиилээх ыстаапканан ылар кыахтаахтар.

Өскөтүн тэрилтэттэн хамнас аахсыбат биэнсийэлээх буоллун?

– Оннук түгэҥҥэ биэнсийэтин Россельхозбааҥҥа көһөртөрүөн сөп. Биэнсийэтин биирдэ ылан баран, тута сайаапка ыытыан сөп.

Маннык түгэн эмиэ баар буолар. Ыал өрөмүөннэнэр былаана суох. Ол оннугар тыа сиригэр учаастак атыылаһыан, онно дьиэ туттуон баҕарар. Россельхозбаан манна туох этиилээҕий?

–  Россельхозбааҥҥа тыа сирин ипэтиэкэтэ диэн баар. Кирэдьиит ыстаапката – 3 %. Бу барыстаах ыстаапкалаах кирэдьиити туһанан, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр улахан ноҕуруусканы оҥорбокко да, тыа сиригэр дьиэни атыылаһыаххытын эбэтэр туттуоххутун сөп. Тупсаҕай усулуобуйалаах тыа сирин ипэтиэкэҕэ сайаапкалары тута олоробут: биир сойуомсукка кирэдьиит суумата – 6 мөл. солк. диэри, маҥнайгы усунуос – 20 %, болдьоҕо – 25 сылга диэри. Сойуомсукка судургу ирдэбиллээхпит: 21-тэн 65-гэр диэри саастаах Арассыыйа олохтооҕо (гражданина) буолара наада. Маҥнайгы усунуоһу угарга биһиги бааммытыгар харчыны уурдарыы (напопительнай) счётун астараргыт наада. Мантан маҥнайгы усунуос уһуллар. 30 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх пууннарга тэрилтэттэн, урбаанньыттартан эбэтэр “переуступка” ньыматынан биирдиилээн дьонтон 5-тэн кыра этээстээх саҥа тутулла турар дьиэлэргэ кыбартыыра атыылаһыаххытын эмиэ сөп.

“Россельхозбаан” аахсыйаларын уонна бородуукталарын усулуобуйаларын кытта сиһилии баан Бүлүү куоратыгар баар офиһыттан билиэххитин сөп. Аадырыһа: Бүлүү куората, Пушкин уул., 12. Маны таһынан өрөспүүбүлүкэ 15 оройуонугар баар баан эбии офистарыттан ыйыталаһаргытыгар сүбэлиибит.

Толору иһитиннэриини www.rshb.ru билсиэххитин сөп.

Билсэр төл.: 8 (800) 100-0-100, 8 (4112) 402-125.

Читайте дальше