Россия үтүөлээх учуутала

Киһи бэйэтэ оччолооҕу үлэлээтим диэн билиммэтэҕин иһин, сыраны  сэҥээрээччилэр, үлэ түмүгүн биһирээччилэр, “үтүө  санаа өтүүтээҕэр өйүктээх” дииллэринии үчүгэйи баҕарааччылар хаһан баҕарар  кини тулатыгар  баар буолаллар.  Биһиги биир идэлээхпит, педагогическай наука кандидата Зоя Николавна Борисова  өр сыллаах айымньылаах үлэтэ дойду таһымыгар сыаналаныытаРоссия үтүөлээх учуутала үрдүк аат  иҥэриллиитэ  барыбыт үөрүүбүт буолла. Оттон, биллэрин курдук,   үлэлиир кэмҥэ дьон-сэргэ махталын,  киэҥ билиниитин  ылыы, үлэ сиэрдээхтик чиэстэниитэ кимиэхэ баҕарар күндү буолар. 

 — Зоя Николаевна, эн колледжка үлэлии кэлбитиҥ быйыл 35 бэлиэ сыла  эбит.

— Оннук, түбэһиннэрэн  этэр буоллахха,  аны 2 сылынан дошкольнай салаа бастакы выпуһа училищены бутэрбитэ эмиэ 35 сыл буолан тахсар. Күн-дьыл ааһара түргэн,  санаабар бэҕэһээ курдук, бэркэ долгуйан училище аанын аһан киирбитим. Олус да бэртээхэй дьону кытта алтыһан ааспыт эбиппин бачча сыл тухары. Наставнигым Татьяна Ильинична Михалева ол оччотооҕуга параднай ааҥҥа миигин күүтэн турар киһи курдук турара: “Кимҥиний, туохха кэллиҥ?” – дии тоһуйбута. уонна 2 сыл устата бэйэтин кабинетыгар аттыгар олордон, такайан киирэн барбыта. Олус киэҥ билиилээх-көрүүлээх дьиҥнээх корифей-учууталлары кытта үлэлээн ааспыт дьоллоохпун. Р.Д.Попов, М.М. Михайлов, Р.У.Унегинова, Н.И.Егорова, Е.Д.Олбутцева  онтон да атыттар.

Билигин бэйэбит бэтэрээн-преподаватель буола сырыттахпыт, эдэр коллегаларбытыгар тыл-өс, көх-нэм буолар иэспитин толоро сатыыбыт.

— Бу  сыл эйиэхэ үрдүк үөрүүлээх сабыытыйаны тосхойдо,  муус устар 3 күнүгэр дойду Президенэ В.В.Путин илии баттааһыннаах ыйаах тахсыытын үруйдуу-айхаллыы истибиппит.

— Быйыл Дьиэ кэргэн сылыгар мин үлэм олус улахан сыанабылы ылла. «Российскай Федерация үтүөлээх учуутала» буолуом диэн хаһан да санаабатах эбиппин. Дириэктэрбэр  Иван Ивановичка, Родион Дмитриевичка, Татьяна Аркадьевнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин. Аны үрдүк наҕарааданы бырааппынаан Аскалонныын биир күн ыллыбыт. Үйэҕэ биирдэ эмэ буолара дуу? Биирбит «РФ үтүөлээх учуутала», иккиспит – “Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа”.

Дьиэ кэргэн – биһиги төрдүбүт уонна инники кэскилбит, туох барыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, салҕанар.

— Сыта-тура сыаналанан көрдөххө, төрүт укулаат чахчы дьиэ кэргэҥҥиттэн саҕаланар эбит. Биһиги учуутал аҕалаах-ийэлээх улахан ыалга 10 оҕолор этибит. Аҕабыт Н.А.Павлов Бүлүү училищетыттан саҕалаан сэрии инниттэн учууталлаан, кылгас уйэтигэр 4 оскуоланы туттарбытыттан күн бүгүн Бүлүү куоратын хаба ортотугар гимназия дьиэтэ билигин да аана аһаҕас, өссө онно сиэннэрбит үөрэнэ сылдьаллар. Ийэм М.Г.Иванова куоракка 9-с кылааһы бүтэрэн, 10-ка тахсан, орто оскуола бастакы выпускницата буолуохтааҕын сэрии мэһэйдээбитэ. Аҕата Тиксиигэ балыкка барар, ыарыһах ийэтин көрүөх кини соҕотох улахан кыыс этэ,  ол курдук кини учуутал буолан үлэлиир, сэрии кэмигэр Сэбиэт сэкэритээрэ диэн үлэни хос толорор. 1943 с. Сэбиэт бэрэссэдэтээлэ С.И.Еремеев сэриигэ барар,  21 саастаах ийэбит икки үлэни тэҥҥэ толорор. Сэрии иннигэр да, кэннигэр да төһөлөөх сыраларын ууран, ийэбитин кытта учуутал чэпчэкитэ суох улэтин чиэстээхтик толордохторо. Өссө Бороҕон оскуолатын арыйан,  бастакы учуутал уонна сэбиэдиссэй эмиэ кинилэр. Мин өйдүүрбэр,  арай иккиэн Сталин мэтириэттээх мэтээллээх этилэр.

— Эн өрүү үөрэммит учууталларгын истиҥник ахтаргын, эйиэхэ тиксэрбит сыраларын махталынан  сыаналыыргын  билэбит.

— Биир дьолум–миигин начаалынай кылааска үөрэппит күндү учууталларбар махтал-баһыыба тылларын бүгүн этэр кыахтаахпыттан. Мин учууталларым кырасыабай, мааны да кыргыттар этилэр. СӨ үтүөлээх учуутала Ольга Васильевна Унарова, норуот маастара, улахан талаан Мария Григорьевна Тимофеева иккиэн Бүлүү училищетын бүтэрбиттэрэ. Тапталлаах үөрэхпит кыһата учууталларбын кытары  күн бүгүҥҥэ дылы  биир ситимҥэ сырытыннарар,   бу эмиэ  табыллыы биир көрүҥэ диэххэ сөп.

— Удьуору үйэтитии, аймаҕы ааттатыы–өбүгэ күүһэ, көмүскэлэ дэнэр.

— Төрдүбүтүн-ууспутун оҕолорго, сиэннэргэ тириэрдэр ытык иэспитин толороору икки кинигэни былаанныыбыт. Биирэ 16-17 үйэттэн саҕалаан, архыып матырыйаалын туһанан, дьиэ кэргэммит төрдө-ууһа. Бу үлэ син иннэ-кэннэ быһаарыллан иһэр.

Дьиэ кэргэҥҥэ 3-4 поэттар бааллар, ол ону туһанан, ийэлээх аҕабыт бастакы билсиспит суруктарыттан саҕалаан, сэрии кэмигэр 1 оҕолоох эдэр ыаллар суруйсубут суруктарын хоһоонунан дьүһүйэн тапталга, дьиэ кэргэҥҥэ мэҥэ бэлиэ курдук оҥорбут киһии…

Түгэнинэн туһанан, колледж выпускниктарын, чуолаан үөрэппит оҕолорбун, истиҥник эҕэрдэлиибин. Санаабыт санааҕытын, баҕарбыт баҕаҕытын ситиһэр дьон буолуҥ. Киһи тыыла–дьиэ кэргэнэ. Алаһа дьиэ тэринэн, оҕо төрөтөн, толору дьоллоох дьоһун ыал диэн ааттаныҥ.

Зоя Николаевна, муударай санааларгын үллэстибиккэр истиҥ махтал,   бэриниилээх идэҕин кытары тутуспутунан бу курдук олох устун ситиһиилээхтик  эҥээрдэһэ тур.

Кэпсэттэ Светлана Мытник.

Читайте дальше