Көстүбэт, кээмэйдэммэт сүдү күүс. Улахан айдарыылаах улаханнык, орто киһи ортотук бу күүс туһунан билэр.Төһөнөн киһи көстүбэт күүс туһунан билэр да оччоннон кини кыаҕырар, бу күүстэрин туһанар, сааһылыыр.
Тыынар тыыннаах барыта Орто дойдуга санаа таһаарар. Сир-дойду санаанан сабыллан, тутуллан турар. Хас биирдии тыынар тыыннаах бэйэтэ туһунан санаа уйата. Биһиги атын тыыннаахтартан, о.э. оттон, мастан, көтөртөн-сүүрэртэн, кыылтан-сүөлтэн, уратыбыт диэн тыыннаахпыт. Ол аата биһиги уруккуну, билиҥҥини, инники туох биһигини күүтэрин билэбит, ону умнан кээспэппит.Өйдөөх буолан биһиги санаабытын сааһылыыр кыахтаахпыт, инники ыралаахпыт. Ким элбэҕи ылбыттан- элбэх ирдэнэр. Ол быһыытынан биһигиттэн аллараа өйдөөх тыыннаахтар санааларын уйата сылаас буоларыгар кыһаллыах тустаахпыт. Биһиги Сир Ийэ тыыннаах буолан чэлгийэ сайдар тутулун тутабыт.
Орто дойдуга туох барыта икки өрүттээх:үчүгэй-куһаҕан, үрүҥ-хара. Ол курдук санаа бэйэтэ уһун-кылгас, хара-үрүҥ, кинини туттуу, туһаныы барыта иккилии өрүттээх.Санаа барыта үчүгэй буолуо этэ, ону биһигини аһыыр-таҥнар, эт-хаан көрдүүр хабалатынан санаабыт төһө оруннааҕын, уһунун-киэҥин олох тургутар. Киһи төһөнөн ити хабалаҕа ылларар да оччонон санаата түөрэккэй, кылгас, быстаҕас, ыарахан.
Ыраах ыырдаах ыраас санаа – ыра санаа. Кини кэлэр өттүгэр көмөлөһөр күүстээх, араҥаччылыыр аналлаах. Ыра ыраахтан буолбат диэн этии былыргыттан тиийэн кэлбит өбүгэ үөрэҕэ.
Сайдыылаах, үөрэхтээх буолан биһиги Сир Ийэбитин төьө, хайдах Санаанан үллүйэбит, туох үтүөнү киниэхэ оҥордубут, биһиги олохпут эгэлгэтэ киниэхэ төһө охсуулаах дуу, туһалаах дуу диэн киһи бэйэтиттэн ыйытан, толкуйдаан көрүөхтээх. Хас биирдии киһи итини өйдөөн, санаатын сааһылаан, мунньунан, хаһаанан, харыстаан, үтүө, сайаҕас санаа уйата буоларыгар бэйэтэ кыһаллыахтаах.
Син Сир Ийэ барахсан, тыыннаах буолан, биһигини үөскэтэн, көмүскээн, араҥаччылаан сырыттаҕа дии. Туох тыыннаах барыта үөрэр-хомойор, ол курдук Сир Ийэ эмиэ сөбүгэр көрөн үөрэн-хомойон, айманан-налыйан эрдэҕэ.
Онон ким да буол, Ийэ Сириҥ иннигэр этиллибит иэскин, ыйыллыбыт ыйааххын толор. Эн тус бэйэҕиттэн үөскээн тахсар сүдү күүһүн, сайаҕас Санааҥ Ийэ Сиргэ ирдэнэрин умнума.
Үтүө Санаа үөһээ ыттан, сайаҕас санаа сабардаатаҕына сир-дойду чэлгийэ сайдар. Ол да иһин Сир Ийэни ордук харайан олорор дьонноох дойду таһыччы сайдыылаах, дьоно-сэргэтэ ураты сырдыкка тардыһар сардаҥалаах куттаах.
Аан Алахчын
Кэтэһиэҕим күндү киһим
Кэлэн ааһар буоларын.
Кэрии тыабар эйиэхэ
Кэҕэ этэн чоргуйуо,
Күөхтүүр хонуу сыһыыбар
Күөрэгэйим күрүлүө,
Күөлүм дьэҥкир уутугар
Куһум-хааһым айманан
Күлүктэрин көрүнүө,
Баардаах Хара Тыаларбар
Баараҕайа кыылларым
Барар сиргин маныаҕа.
Кинилэргэ кыһаллан,
Кыраларын харайсан,
Олохторгун олордоргун,
Оҕолоргун кинилэр
Тапталларын ырыатынан,
Олох илгэ тыынынан,
Иэйии сылаас илиитинэн
Кууһа тутан ылыахтара.
Харыйалаах кыыһа.