Саха мындыр, сатабыллаах кырдьаҕаһа, эһэм Уһун Бүөтүр туһунан

Эһээ диэн унаарыччы эттэхпинэ, оргууй муннум иһигэр киҥинэйэн ааттаатахпына, сүрэҕим сылаастык да мөҕүл гынар — эһэм Уһун Бүөтүр бу үөрэн-көтөн мыччыллан, төһө да уһун олоҕун устатын-туоратын тухары көрсүбүт охсуулара кини сирэйигэр дириҥ дьураа хаалларан мыччыһыннардар даҕаны, кини мөссүөнэ миэхэ өрүү сырдык, кэрэ.

Эһэм Захаров Петр Алексеевич — Уһун Бүөтүр 1903 с. билиҥҥи Күүлэт нэһилиэгэр баар Сууртаах өтөҕөр төрөөбүт. Элбэх оҕолоох ыалтан аҕыйах буолан хаалбыттар. Үлэни өрө туппут, хороҕор муостааҕы таҥара оҥостубут киһи этэ. Үөрэҕэ суох эрээри хара күүһүнэн үлэлээн стахановец үрдүк аатын ылан ытыктабылга сылдьар сир түннүгэ кырдьаҕас этэ.

Таҥара уһун дьөрбө уҥуохтан матаран, онтон сылтаан, хата, сэриигэ ыҥырыллыбакка, Эһэ Хайа шахтатыгар сэрии ыар кэмнэригэр үлэ фронугар сыратын-сылбатын биэрэн үлэлээбит. Онон оҕонньор кыра уҥуоҕуттан сылтаан Уһун Бүөтүр диэн хос аатыттан өһүргэммэт этэ.

Мин эһэм муус устартан сири-уоту көрөн өртөөн, ходуһаны харайбыт киһи, оту, дьэ, лаҥхардыбат этэ, хас талах, дулҕа төрдө барыта охсуллара. Эмис, Сууртаах, Иччилээх, Дьоодун, Бохооной, Тэһиикэй, Сымалыыр эргин төгүрүйэ оттуура. Күүһүнэн-уоҕунан, кыаҕынан номоххо сылдьара. Барытын харытын күүһүнэн оттуура.

Мин бэрт кырабыттан эһэм оҥорбут мас кыраабылынан бугул аннын харбаһан кини хайҕабылыгар сылдьарым. Биирдэ түөрт уон тыкаара оҥорбуппар эһэм үөрэн бөҕө буолла: «Оҕом барахсан миигин аһынан быычыкайкаан бугуллары оҥорбут ээ,» — диэн баран, аҕыйах бугулга эрийэ туппуттаах…

Отуутугар хонсорум. Оллооҥҥо иилиллибит олгуйга оргуйбут утахтан минньигэс аны суохха дылы…Эһэм сарсыарда кытыйаларга куппут үүтүн үрдүн холбуйан ылан күөрчэх ытыйара, онно субу кытара буспут хаптаҕаһы кутара…сарсыарда чуумпуга тыытынан Эмис эбэбитигэр илиммитин көрөрбүт, көмүс хатырыктааҕын таһааран олгуйга буһарарбыт. Киэһэтин эһээм ураҕаһынан кыра кустары бултуура, араас көтөрдөр сымыыттарын хомуйан күндүлүүрэ. Ол сылдьан көтөр уйатыгар хас да сымыыты хаалларар этэ. Мас туутунан мундулаан кэлэн, үөрэн-көтөн ол мундулары отуу уотун сыламыгар үөлэммит хатарарбыт. Хобордооххо кыра бурдуктаан сырдьыҥынатан ылара билиҥҥи оҕолор таптаан аһыыр астарыгар майгылыыр эбит.

Эһэм балааккатын туох да ардаҕа хоппото. Маһынан олохтоон, онно күөх оту тэлгээн балааккатын туруорара. Аны оллооммут тулатын күрүөлээн-хаһаалаан, үрдүн туолунан бүрүйэрэ. Ардахтаах күннэргэ итии чэй иһэ-иһэ, эһэм сэһэнин истэрим, тулабыт уу-чуумпу, арай ардах суугунуур. Оҕо-оҕо курдук ийэбин ахтабын. Онуоха эһээм көнньүөрдээри тулатынааҕы ойууртан моонньоҕонноон киирэр, араас мас силистэрин-мутуктарын  аҕалар уонна, дьэ, сорудахтыыр. «Туохха майгылыырый бу мутук-силис?» — диир. Онтон мин харахпынан көрбүтүн быһаҕынан кыһан оҥорор этэ.

Эһэм саа-саадах диэни билбэтэх кырдьаҕас этэ. Өрүү кыыннаах сахатын быһаҕын иилинэн сылдьара. Үксүн илиминэн балыктыыра. Балык тылын сүөгэйи кытары булкуйан сиирбит — эчи минньигэһиэн!

Хаһан да ойууртан кураанах кэлээхтээбэтэ. Аартыгы көрдөхпүтүнэ, эһэбит ойуур хаппыт маһын төргүүлэнэн иһэр буолар,бэйэтэ көстүбэт, арай сир устун хаппыт мастар өрөһөлөнөн хамсыыллар. Ол маһы барытын эрбээн, сайыҥҥы  дьиэҕэ оттук гынарбыт. Эһэм ол курдук ойуурун, хара-тыатын кэлэ-бара ыраастыы сылдьара.

Сэһэнньит да этэ диэн билигин кэпсииллэр. Сахатын быһаҕынан чап-чараас чыыспаан оҥороро, ол олорон сэһэн-кэпсээн буолан, үгүс үлэлээх күннээҕи сүпсүлгэн кэннэ хоммут уоһа хоҥнон араас номохтору, үһүйээннэри кэпсиирэ. Сири-уоту, аан дойду иччилэрин күндүлүүр, сүгүрүйэр сиэрин-туомун киниттэн билэрбит. Киэһэ буолла да улаханнык саҥардыбат этэ. Сир-дойду иччилэрин үргүтүмэҥ диир буолара. Ол үөрүйэхпинэн мин киэһэ кыратык саҥарарбын кылааһынньыктарым, дьүөгэлэрим дьиктиргииллэрэ: ким эрэ утуйа сытар дуо, тоҕо сибигинэйэҕин диэн.

Эһэм мындыр, сатабыллаах буолан отунан хайа да дьылга быстарбата. Тэлгэһэтигэр өрүү кур оттооҕо. Күһүнүн ходууллуурбут, саһарбыт сэбирдэҕи, талаҕы, дулҕаны быһан тууһаан ынахтарыгар эбии ас бэлэмниирэ.

Хатыҥ чараҥ ортотугар олорбут буолан күһүн саһарбыт сэбирдэххэ күөлэһийэрбит. Эһэм сорудаҕынан ол сэбирдэҕи куулунан сүгэрбит. Туһугар ураты туруктаах үтүө түбүк эбит диибин.

Биир күһүҥҥү хараҥа киэһэ эһэм отун оҕуһун сыарҕатыгар тиэйдэ уонна аймаҕар Эдьиий Татыйааҥҥа (Самсонова Т.А.) баран эрэр. Мин ону мүлчү түһэрбэппин буоллаҕа, ытаан туран барыстым. Эһэм барахсан айылҕаттан кыра уҥуохтаах киһи, миигин ол үрдүк от үрдүгэр син бырахта. Ол от үрдүгэр сытан сулустары одуулуу-одуулуу айаннаабытым, арааһа, олохпор урату дьоллоох түгэн, оҕо саас умнуллубат кэрэ түгэнэ. Отторун дьаһайар кэмнэригэр мин Эдьиий Татыйааҥҥа күндү ыалдьыт буолан үүттээх минньигэс чэйи кытары кэмпиэт мотуйабын…Бу курдук эһэбин кытары элбэхтэ кини доҕотторугар ыалдьыттыырбыт. Миигин оҕо диэн талах олоппоско олордоллоро, күндүлүүллэрэ. Ардыгар сэһэнигэр буолан тардыллан хааллаҕына эһэм барахсан миигин сүгэн кэлэрэ.Кини кэтит көхсүгэр бигэнэн утуйан хааларым.

Күһүнүн тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр эһэм нэһилиэк бастыҥнарын ортолоругар киирэн, анал бэлэх тутара. Хоодуот отчут, ынах сүөһүнү иитэн үрүҥ аһы үрүлүтэр үтүө үлэһит этэ.

Эһэм үөрэхтээх киһи буол диирэ. Үлэһиккин диэн хайгыыра, ол эрээри хара күүһүнэн буолбакка билиигинэн, толкуйгунан өссө элбэҕи ситиһиэххин сөп диирэ. Үөрэҕэ суох эрээри элбэххэ да үөрэппит, такайбыт эбит эһэм барахсан. Тулабын тапталынан тулааһыннаан, хаһан да уордайар, дьарыллыы диэни билбэккэ кини таһыгар улааппыппын.

Аны туран эһэм олоҕор биир тапталлаах этэ.  Эһэ Хайаҕа үлэ фронугар сылдьан Бүлүү кыыһын — Корякина Ирина Софроновна диэн мааны хотуну сүгүннэрэн кэлэр. Ол ыраах сиртэн уу-кыһыл оҕолорун (мин ийэбин) куобах суорҕаҥҥа суулаан, атынан тиийэ кэлбиттэр.

Өлүөхтэригэр диэри биир тылынан иирсибэтэх барахсаттар этилэр. Эбээ уйаҕас уйулгулаах этэ, атаах бөҕө. Эһэм кыаҕа бэрт буолан, киэҥ көҕүстээх, холку эр киһи буолан  ол курдук атаахтатара. Эбэбин оҕуһун сыарҕатыгар күөх от ууран, көбүөр тэлгээн олордон тиэйэ сылдьара. Эбэм маҕаһыыҥҥа барар күнүгэр тэлгэһэ иннигэр ол курдук ат оҕуспут көлүллэн, сиэрдийэ күрүөбүт арыллан киэҥ суолунан иккиэн бараллара. Сорох дьон сүөргүлүүр буолара да, аны санаатахха, дьахтары өрө тутан дьоллоохтук олордохторо.

Маҥнайгы хаар түстэҕинэ, эһэм тэлгэһэ хаарын тимир буочуканы эргитэ сылдьан дьаптайара — оччоҕуна хаар күрдьэргэ сир кырыһын алдьаппаккыт диирэ. Хаары киэҥ сиринэн күрдьэр этэ. Сааһын күрдьүк хаарын таһыы оҕо аймахха үөрүү-көтүү буолара.

Чачаҥда Эбэҕэ сайылыктанан олорор дьоннортон эһэм да, атын да дьон ол саҕана Балбаараны (Федорова Мария Яковлевна эдьиийэ) чорботоллоро. Олус да эйэҕэс эбээ этэ. Чачаҥда — ытык  сир диэн улааппыппыт. Ол курдук киэҥ нэлэмэн алаастаах, хойуу сис тыалардаах.

Эбээ Балбаара лэппиэскэтэ, чэйэ минньигэстэн минньигэс да этэ. Соҕотох бэйэтэ киирэ түстэххэ уһун субурхай остуоллаах, ол ыалдьыттары үөрэ көрсөрүгэр. Остуола өрүү хотойор астаах, кэмпиэттээх. Буорунан сыбаммыт балаҕанын иһэ сырдык да сырдык. Били ырыаҕа курдук: туос түннүгүнэн күн уота туой буорга оһуор буолан түһэрэ…Билигин Чачаҥдаҕа дьон тоҕуоруһан сайылык буолан сайынна. Урут аҕыйах ыал олорор эрдэҕинэ атахпыт Балбаара дьиэтин эрэ диэки тириэрдэрэ. Эһэбин батыһан киниэхэ үгүстүк сылдьарым. Эһэм Балбаараҕа күөх окко бу өрө мөхсө сылдьар соболору илдьэн биэрэрэ. Дьэ, уонна оллоонноон олорон кэпсэтэллэр. Онтон мин күн сыламыттан хараҕым саатан симириктии олорон, кинилэр кэпсэтэллэрин истэбин. Бу эмиэ оҕо сааһым дьоллоох түгэнэ.

Билигин да эһэм үөһэттэн имэрийэ көрөн, харыстыы, хаххалыы, араҥаччылыы сылдьарыгар бүк эрэнэбин.

Антонина Ускеева.