Быйыл 2023 сыл «Учуутал уонна Уһуйааччы сылынан» биллэриллибитэ. Онон сибээстээн биһиги бүгүн өр сылларга куорат Базовай оскуолатыгар Аҕа дойду сэриитин инниттэн билсиһиннэриэхпин баҕарабын. Бу күннэргэ Маныкиннар олорбут эргэ уһаайбаларыгар Василий Иудовичка анаммыт кини үөрэппит оҕолоро кыттыылаах ахтыы күнэ ыытылынна.
Мин «Тыыннаахтар кэриэстиир кэмнэрэ» диэн бырайыагынан үлэбин Кыайыы 75 сылын көрсө саҕалаан, үлэлээн кэллим, билигин Кыйыы 80 сылыгар анаан салгыы үлэлии сылдьабын. Ити улахан бырайыак биир хайысхатынан «Учуутал уонна Уһуйааччы» буолар. Эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр 53 сыл үлэлиир кэмнэрбэр, элбэх сэрии кыттыылаахтарын туһунан матырыйааллары оҕолору кытта хомуйан кэллибит, билигин Кыайыы 80 сылын көрсө ким баҕарар туһаныан курдук элбэх матырыйаал мунньулунна. Ол иһигэр Бүлүү улууһугар киэн туттар дьоннорбут, сэриигэ кыттыыны ылбыт учууталларбыт тустарынан фотоматериаллар бааллар. Олор истэригэр Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэлээбит учууталларга «За доблестный труд в годы ВОВ в 1941-1945 гг.» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт учууталлар хаартыскаларын дьиэтээҕи архыыптан көрөн, онно Василий Иудович Маныкин учууталлары кытта түспүт хаартыскатыттан билсиһиннэриэхпин баҕарабын, онно уҥаттан маҥнайгынан олороллор: Иванов Владимир Федотович, Кононова – Габышева Мария Николаевна (мин ийэм), Нюрбинцев Николай Иванович, Сафонова Анна Михайловна, Попов Илья Степанович, Миронова Фекла Ионовна, иккис ирээккэ-Протопопов Григорий Григорьевич, Дмитриева Татьяна Степановна, Буслаева Анна Виссарионовна, Кондратьев Яков Нестеревич, Попов Николай Иванович, Жирков Михаил Георгиевич уонна Маныкин Василий Иудович тураллар.
Василий Иудовиһы кытта мин ийэм Мария Николаевна бииргэ үлэлээбит буоланнар уонна Маныкиннар уонна Габышевтар дьиэ кэргэттэрэ доҕордоһоллор этэ, ону таһынан Василий Иудович, мин эдьиийбин Розаны үөрэппитэ, кини олус кытаанах, ирдэбиллээх учуутал диэн кэпсиирэ.
Элбэх сыллар-дьыллар ааспыттарын кэннэ санаатахха, биһиги үөрэнээччилэр уонна пионердар дьиэлэрэ үлэлиир сиригэр табыллыбакка, Базовай оскуолаҕа аҕыйах сыл үлэлии сылдьыбыппыт, онно санаан ааһар этим бу Базовай оскуолаҕа мин ийэм сэрии инниттэн үлэтин саҕалаабыта, элбэх уопуттаах учууталлары кытта үлэлээбитин кэпсиирэ, ол иһин мин ити хаартыскаҕа түспүт учууталлары үгүстэрин кыра бириэмэҕэ билсиһэн хаалбыппыттан олус астынабын.
Нина Инокентьевна Протопопова ахтыытыгар сурулла сылдьар: Василий Иудовичка үөрэммиппиттэн олус диэн киэн туттабын, кини мин маҥнайгы учууталым буолар, олус билиилээх учуутал эбит диэн кэлин сыаналыыр этим, кини уруогар ким да мэниктээбэт, уу чуумпутук кини кэпсиирин истэрбит, кини уруогар Бүлүү училищетыттан устудьуоннар кэлэн элбэххэ үөрэнэн, билэн бараллара, мин бэйэм училищеҕа үөрэнэ сылдьан кини уруоктарыгар элбэхтик практикаламмытым, онон педпрактикабын үрдүк сыанаҕа туттарбытым.
Алексеев Евгений Романович, педколледж биир киэн туттар учуутала уонна уһуйааччыта, бу курдук кэпсиир: “Василий Иудович Маныкин туһунан ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын. Мин 1959 сыллаахха от ыйыгар Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээ5и педучилищеҕэ үөрэххэ атын улуустан кэлэ сылдьар оҕолору кытта киирбитим. Биһигини улахан-бөдөҥ, үрдүк уҥуохтаах нуучча көрүҥнээх киһитэ көрсүбүтэ, биһиги тыаттан кэлбит оҕолор нууччалыы үчүгэйдик билбэт буолан, кинини кытта нууччалыы дорооболостубут, ол кэнниттэн киһибит сахалыы саҥаран барбытыгар олус соһуйдубут уонна үөрдубут. Онтон докумуоннарбытын ылан баран биһигини Е.Д.Олбутцеваҕа ыытта.
1983 сылга дылы училище педсоветыгар Базовай оскуола учууталлара кыттыыны ылар этилэр. Онон бары биир коллектив буолан олус таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбиттэрэ. Биһиги училищеҕа үөрэнэ сылдьан Базовай оскуолаҕа үтүөлээх учууталлар үрдүк таһымнаах уруоктарыгар педагогическай практикабытын бары көрүҥүн барбыппыт. Василий Иудович үөрэтэр оҕолоро уруокка олус бэрээдэктээх, көрсүө, уруок ыытарбытыгар кылаас оҕолоро чуумпу уонна олус интириэһиргээн истэллэрэ, онон биһиги Базовай оскуола учууталларын элбэх уруоктарыгар практикаламмыппыт, Василий Иудович үрдүк таһымнаах методист буоларын быһыытынан биһиэхэ уруогу ыытарбытыгар элбэҕи сүбэлиир этэ. Биир нэдиэлэ оскуолаҕа практикабытын барбыппыт, уруокпутун кини көмөтүнэн ким да 3 сыананы ылааччыта суох. Бары кэриэтэ үчүгэй уонна үрдүк сыананы ылбыппыт.
Ыал аҕатын быһыытын билиһиннэриэхпин баҕарабын. Василий Иудович уонна Мария Гаврильевна 10 оҕолоох этилэр, ону таһынан училищеттан 2 устудьуону олордор этилэр: Ньурбаттан Владимир Николаев уонна Чурапчыттан Николай Романович Васильев. Николай Романович билиҥҥэ дылы Маныкиннары кытта ситимин быспакка сылдьар. Бүлүү куоратын кырдьаҕас олохтоохторо уонна киниэхэ үөрэммит оҕолор махтана саныыллара буолуо. Василий Иудович учуутал идэтин баһылыырбар көмөтө улахан, онон мин киниэхэ махталым улахан, үөрэммиппинэн киэн тууттабын”.
Васильев Николай Романович ахтыытыгар суруйар: “Төһө да сыл-хонук ааспытын иһин, бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн, биһигини Маныкин Василий Иудович диэн төбөтүгэр тюбетейкалаах нуучча оҕонньоро училищеҕа көрүстэ. Нууччалыы кэпсэтии буолла. Арай, доҕоор, оҕонньорбут уу сахалыы: «Дьэ, оҕолоор, манна олоруҥ»,-диэн соһутта. Нуучча маннык сахалыы саҥарарын бастаан истибит буолан, сүрдээҕин соһуйдум, мин эрэ буолуо дуо, арааһа, бары быһыылаах. Бэрт элэккэй киһи буолан биэрдэ. Манна даҕатан Бүлүү кырдьаҕас куоратын сайаҕас дьонугар биһиги көлүөнэ ыччата улахан махталлаахпыт. Мин ыраах Чурапчы сириттэн сылдьар эдэр киһиэхэ олохпор улаханнык табыллыбытым. Биһигини үксүбүтүн бэйэлэрин оҕолорун курдук аһатан, көрөн – истэн чахчы үтүөнү оҥорон турардаахтар.. Мин кырдьаҕас учууталга Маныкин В.И. олус үчүгэйдик табаарыспынаан Володялыын олорбуппут ( «Сылаас уйа, сырдык кыһа», с.393, 2008).
Маныкина Елизавета Афанасьевна, В.И.Маныкиннар кийииттэрэ, улахан уоллара Клавдий Васильевич кэргэнэ, кинилэр дьоннорун дьиэлэригэр оҕолорун кытта олороллор. Василий Иудовичка анаммыт ахтыы күн тэрийэн уонна салайан ыытта Елизавета Афанасьевна уолун кытта Афанасий Клавдиевичтыын. Елизавета Афанасьевна М.Н.Жирков аатынан музыкальнай оскуолаҕа балалайка кылааһыгар учууталынан уонна методиһынан пенсияҕа тахсыар диэри таһарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини көмөтүнэн бу мероприятиены киэргэттилэр Саха Өрөөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Матрена Петровна Сивцева, баяҥҥа доҕуһуоллаата М.Н.Жирков аатын сүгэр оҕо искусствотын оскуолатын талаанннаах музыкана Алексей Владимирович Иванов. М.И.Захарова тылларыгар уонна Елизавета Маныкина мелодиятыгар «Үрүччэ», «Ийэм барахсан» диэн ырыалары астына иһиттибит.
Наталья Алексеева, СР үтүөлээх үлэһитэ, улуустааҕы бэтэрээн учууталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ.