Саҥа дьыл чугаһаата (Кэпсээн)

Саҥа дьыл чугаһаата.  Уйбаан Баһылаайабыс  кулуубун үлэһиттэрин ыҥыран ылан, бу бырааһынньыгы хайдах эмит уратытык тэрийэр санаалааҕын  туһунан биир тыынынан саҥаран дабдыгыратта.

— Эмиэ да сөпкө этэҕин, кырдьык, хайдах эрэ интэриэһинэйдик тэрийиэҕиҥ ээ, -кулууп хачыгаара Ыстапаан олорор дьону тула көрбөхтөөн баран, хара сигиэйкэ бэргэһэтин иккитэ-үстэ төттөрү-таары түһэҕэр сууралаамахтаан ылла.

-Уйбаан, бу Ыстапааны Моруос оҕонньор гыныахха, мунна тоҥсойон, хараҕа көҕөрчү көрөн,  олох нуучча нууччанан. Кини Моруостаатаҕына сонун да буолуо, Саҥа дьылгыт олох табыллар,-диэн  харабынай Сүөдэр күлэн мүчүк гына-гына Ыстапааны санныга таптайда.

-Бу да киһи, эмиэ солуута суоҕу саҥарда. Моруос оҕонньор бибилэтиэкэр  Охоноос Уйбаанабыстан ордук ким оонньуой?!  Эн, хата, тылга тииспэккэҕин таһырдьа Ыстапаанныын   Моруоска уонна Хаарчаанаҕа аналлаах хаар бэлэмниэххит.  Байаныыс Сэмэн  биэдэрэҕэ кырааскалаах муус тоҥорон, таһырдьааҥҥы  уоту-күөһү оҥорон көмөлөһүөн сөп. Чэ, табаарыстар, ньимиликээн олорумаҥ, кимиэхэ туох сонун этии баарый?

-Били-били!.. Били-били…туох этэй… Ээ, тэскээнчэ!  Тэскээнчэтэ оҥоруоҕуҥ!  Тэлэбиисэргэ көрдөрөөччүлэр дии… Ол эргийдэҕинэ,  хаар түһэр курдук буолар. Во-во! Ону-ону оҥоруоҕуҥ, — диэбитинэн Ыстапаан омуннуран ойон турда. Олорооччулар күлсэ түстүлэр. Элбэҕи дьээбэлээҕи этэ-этэ Ыстапааны найааннаан эрдэхтэринэ, кулууптарын тойоно үөрбүт сирэйдээх эмиэ ойон турда:

— Тохтооҥ! Кырдьык, бу уол, арааһа, сөпкө этэр быһыылаах. Дэлэлээх үчүгэй буолуо дуо?!  Дьиҥнээх хаар түһэ турарын курдук буолар дии, быһыыта.  Ыстапаан маладьыас, дьэ төбөлөөх уол буолан биэрдиҥ. Олор-олор, доҕоор! Ситигирдик.  Аны ону киммит  онорор? — Уйбаан улахан моһуокка ылларбыт киһилии балайда саҥата суох дьонун одуулаан баран, миэстэтигэр төттөрү олорунан кэбистэ. Онтон аҕыйах хонуктааҕыта  дэкириэккэ барбыт кулууп Баалатын солбуйан  саҥа үлэҕэ киирбит  саҥата суох олорор Биэрэ кыыһы таба көрөн, кыаттарбат боппуруоһун быһаарааччы бу олорорун булбут киһилии ытыһын тас гына охсунна.

-Дьэ,  Биэрэ,  эппиэтинэстээх улахан садаанньаны эн ылаҕын,- диэн баран Уйбаан  Баһылаайабыс кыбыстан тэтэрбит кыыһы  «дьэ туох диигин?» диэбиттии  ачыкытын үрдүнэн тонолуччу  көрдө.  Биэрэ  саҥа үлэһит туох диэй, иһиллэр-иһиллибэт: «Ол тугу этэргит буолла… Мин сатыам баһа биллибэт…»,- эрэ диэтэ.

-Тэлэбиисэргэ көрөрүҥ буолуо.  Улахан баҕайы кылабачыгас мээчик баар буолар дии,  ону уотунан тыктара-тыктара көрдөхтөрүнэ, оруобуна хаар түһэн эрэрин курдук, олус үчүгэй буолар, чэ быһата «сибиэтэмуусука».  Онно вальс муусукатын  холбоон  кэбис. Адьас остуоруйа! Эдэр киһи фантазиялаах буолуоҥ, оҥордоххуна эн эрэ оҥоруоҥ,- Уйбаан  итинэн кэпсэтии бүттэ диэбиттии,  аны  ханнык остуоруйаны туруоруохха сөбүн  быһаарсан барда.  Остуорас Даасаны  «Дьэгэ Бааба буолаҕын», -диэбитигэр  биирдэрэ  өһүргэнэн өрө хабылла түстэ:

-Дьэгэ Баабаҕытын булбуккут дии. Пиэримэҕэ  элбэх «Дьэгэ Бааба» баара буолуо  олору гыныаххытын!, — диэт тилир гынан ойон тураат,  аттыгар уурбут тимир солуурун  хаба тардан ылла.

-Бээрэ, Дааса, тохтоо!  Доҕоор,  уоскуй эрэ. Туох өһүргэһэ баарый? Дьэгэ Баабаны улахан артыыс эрэ талааннаах киһи оруолун кыайар, олор, баҕар, атын да оруолу аныахпыт, — Уйбаан Баһылаайабыс  кыйахаммыт Даасаны албыннаһар кыһалҕатыгар түстэ.  Бачча аҕыйах үлэһититтэн өһүргэнсэ оонньоотохторуна, бырааһынньык ыһыллар туруктаах буолан,  үлэһитин санаатын  таптаҕына сатанар курдук буолла.  Кыыһырбыт Дааса саарбаахтаан баран, төттөрү олордо эрээри,  биэдэрэтин ыһыктыбакка тутан олордо. Уйбаан ону көрбөтөҕө буола-буола мунньаҕын салгыы ыыппытынан барда.  Даасаҕа  Хаарчаана оруолун  биэрдилэр,  таҥаһа эргэрбитинэн, оскуолаттан уларсыах  буоллулар.  Санаата кэлбит Дааса  сыана киэргэтиитигэр тылланна.  Ити курдук балай эмэ ылахтаһан, бириэмэ бартын билбэккэ хааллылар.  «Бириэмэ ырааппыт», -дэһэ-дэһэ 10 чаас  саҕана дьиэлэригэр тарҕастылар.  Вера дьиэтигэр кэлэн, утуйбакка олорор  дьонугар  мунньаҕын  сонунун  кэпсээтэ, оҥорор «сибиэтэмуусука» диэннэрин дьонугар быһааран   кэпсээтэ. Дьиэтээҕилэр мунньаҕы сэргээбиттэрэ гынан баран, бары «сибиэтэмуусука»   оҥоһуутуттан санааҕа ылларбыттара.  Кыыстарын «аккаастан» диэхтэрин саҥа үлэлии  киирбит  киһи оннук-маннык аккаастыыра сөбө суоҕун, хайдах эмэ гынан  оҥоро сатаатахха сатанар диэн  быһаарынан  утуйуу буолбута.  Сарсыныгар ааттаах эрдэ аҕалара  биир  муннуга  ойо ыстанан  «быраактаммыт»  сиэркилэни, быраҕыан кэрэйэн, бу күһүн хоспоҕор ууруммутун өйдөөн, ону киллэрэн оһох кэннигэр ириэрэ уурбута.   Күнүс  Вера кырдьаҕас  эдьиийэ  Ааналаахтан   оҕолор  сайын оонньообут волейболларын хаамыратын  уонна  үрдэрэр носуос уларсан кэлбитэ.  Ийэлэрин  Маарыйаны маҕаһыыҥҥа бааҥкалаах үүтү атыылаһыннара ыыппыттара.   Бүөтүр  сиэркилэни  сэрэнэн  үлтүрүтэ  сынньыбыта.  Кыра Баанньыскаҕа  хаамыраны  үрдэртэрбитэ.   Бэл, саҥа ыал буолан кэлбит  улахан кыыстара Света кэргэнэ, күтүөт уол Данилга тиийэ бары илии-атах буолан көмөлөспүттэрэ.  Саамай үлэлээҕэ хаамыраҕа сиэркилэ тоороххойун килиэйдээһин буолбута.  Сорох улахан  сиэркилэ тааһа сатаан батан сыстымына,  Бүөтүр күтүөтүнээн олору  өссө  кыралаабыттара. Сгущенканы элбэхтик салаабыт  Баанньаны «иҥсэтигэр тааска харара буолуо» диэн   обургутук сэмэлээн баран, «бэйэбит да гыныахпыт»,- диэн улахан дьон сыһыарар үлэлэрин бэйэлэрэ ситэрдилэр.  Бу күн ынахтарын уулаппатылар, эбиэт да буспата.  Киэһэ биэс чаас диэки бүтэрэн, улахан сэрэҕинэн  аҕалара ылан оһох чарапчытыгар куурда  уурда. Көрдөхтөрүнэ, үчүгэйэ сүрдээх.  Биир кэм күлүмүрдээн олороро. Сотору аан туманы  бурҕачыппытынан  Уйбаан Баһылаайабыс дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түспүтэ. Олус дуоспуруннанан туран «сибиэтэ муусукатын» сураспыта.  Оһох үөһэ  кылабачыйан турарын көрөн улаханнык астына көрбүтэ,  сэҥийэтигэр баар аҕыйах абына-табына бытыгын имэринэ-имэринэ бүтэйдии  үөрэн мүчүҥнээбитэ.    Вераны соҕотоҕун оҥорбут дии саныыр быһыылааҕа,   субу-субу  «маладьыас да кыыс» диэн үрүт үөһэ хайгыыртан соло булбатаҕа.   Нөҥүө күнүгэр  эмиэ «билсэ» диэн  киирэ сылдьан, барааҥка истээх  үтүлүгүн устан, сэрэнэн били «сибиэтэмуусукатын»  тутан көрбүтэ.  Сиэркилэ тоороххойо  кыайан куурбакка сыҕарыҥнаабытыттан  соһуйан: «Оок-оок!»- диэт, итиини таарыйбыт киһи курдук илиитин сулбу тардан ылбыта.

-Дьэ, балыыҥка да буолар эбит. Маннык буоллаҕына  хаһан кууран  саалаҕа үөһэ ыйанар, туох эрэ сүбэтэ  буллаххытына сатанар, — диэн баран, улахан санааҕа ылларбыт киһилии туттан,  дьэбин уоһуйан тахсан барбыта.  Дьиэлээхтэр туох эрэ улахан буруйу оҥорбут дьон курдук бары уку-сакы буолбуттара.  Балайда саҥата суох оһох иннигэр табахтыы  олорбут  аҕалара Бүөтүр олоппоһуттан аа-дьуо туран баран: «Сатана мала, туох ааттаах куурбакка бардаҕай! Дьэ, манна баҕас куурбакка баҕалаан көр!», — диэн баран  таастаах мээчиктэрин үөһээ чарапчыттан сэрэнэн ылан, оһох холумтаныгар  чөкөччү ылан ууран кэбиспитэ.  Саҥардыы   чэйдээри  тэринэн  эрдэхтэринэ,  эмискэ дэлби барар улахан тыас,  барыларын  соһутан, ууга-уокка түһэрбитэ.  Уолуйа  куттаммыт  Баанньыска сарылыы түһээт,  остуол анныгар  түспүтэ. Эмискэ Вера ойон тураат: «Уой! Мээчигим!» — диэбитинэн оһоҕор ыстаммыта.  Тиийбитэ: мээчигэ хайыы-үйэҕэ сиигинэн усталыы хайа баран, тыына тахсан  харбыйан, били  сиэркилэтин кыырпахтара оһох  үрдүгэр, муостаҕа мээнэ ыһыллыбыт этилэр.

-Пахыый!  Мээчигим  алдьанан хаалбыт дии,-кыыс  ытыахча  буолбут  саҥатын истэн ийэтэ Маарыйа сүүрэн кэлэн,  чох буккуйар күрүүкэтинэн мээчиги оһох иннинээҕи тимир лиискэ бокуойа суох  соһон түһэрээтин кытары, таас тохтор тыаһа  таһыгырыы түспүтэ.  

-Бу да оҕонньор дьаһалымсыйан…  Уйбаан Баһылаайабыс эрэйдээх иэдэйэрэ буолуо, — диэн баран Маарыйа үөһэ тыыммыта.

-Дьэ, тыастардаах сатана эбит.  Оҕо кутун ыыта сыста дии.  Бу үйэҕэ манныга да суох Саҥа дьыллыыр буолаллара.  Туох ааттааҕын  булан ылан,   бу оҕону сордоотохторой? —  Бүөтүр кыыһын аһыммыта. Вера бэйэтэ  нэһииччэ туттунан турар киһи, хараҕа уунан туолан быччас гына түспүтэ,  титэрэстээбит куолаһынан:

-Сарсын ыла киириэх буолта… Ону баара… -диэт,  ситэ эппэккэ хоһугар киирэн хаалта.

-Чэ, оҕонньор туруоҥ дуо, хаамырата бул. Хаттаан оҥорон көрүөххэ дуу, хайдах дуу…-Маарыйа  кыыһын хоһун көрө-көрө  оҕонньорун тиэтэппитэ.  Бүөтүр бэрт өр төлөпүөҥҥэ   олорон,  билэр ыалыттан барытыттан хаамыра ыйыталаспыта.  Кэмниэ кэнэҕэс наадыйар хаамырата  оскуола  физругар  Николай Ильичтаахха баарын истэн, үөрүүтүн кытта  таһырдьа ойбута.  Сотору  сыалай  икки хаамыралаах кэлэн, дьиэ дьонун барытын үөрдүбүтэ.   Бу сырыыга  тэстиэ диэн бэркэ сэрэнэн,  уруккуларынааҕар арыый кыра гына үрдэрбиттэрэ.  Иккиһин эмиэ үлэ бөҕөтүн көрсөн, түүн үөһэ нэһиилэ бүппүттэрэ.   Бүөтүр буруйданан, мээчигин эргитэ сылдьан  түүнү быһа бодьуустаһан син куурдубута. Сарсыарда  ааттаах эрдэ  Уйбаан Баһылаайабыс  эмиэ дьирэс гына түспүтэ.

-Дорооболоруҥ! Хайа «сибиэтэмуусукам» бэлэм буолла дуо?

Аанньа утуйбатах  Бүөтүр арбы-сарбы сирэйдээх туран:

-Бэлэм-бэлэм, ыла оҕус, сэрэнэн тутаар, -диэт кумааҕы хордуоҥканы киһитигэр   туттара охсубута.  

-Чэ, пасиибаларын!  Дьэ, урукку өттүгэр хаһан да  буолбатах, олох үчүгэй Саҥа дьыл буолара  буолуо. Чэ, бакааларыҥ! -диэн  Уйбаан чахчы астыммыт сирэйдээх,  Бүөтүр биэрбит дьааһыгын  хонноҕун анныгар кыбына охсубута .  Ону көрөөт, «сүрэх баастаах» Бүөтүр  ыксаабыт куолаһынан:

-Сэрэнэн тут, доҕоор!  Итинтиҥ алдьанан хаалан дьылга бараайаҕын?-диэбитигэр киһитэ  «кырдьык, сөпкө этэҕин» дии-дии сэрэнэ соҕус тутан тахсан барбыта. Аан сабыллан «лик» гынаатын кытта дьиэлээхтэр «сибиэтэмуусука» бу дьиэттэн этэҥҥэ тахсыбытыгар чэпчээбиттии үөһэ тыыммыттара.    

Вералаах мээчиктэрин айдаанын саҕана хачыгаар Степалаах  хаарынан  Моруостаах Хаарчаананы оҥороллоругар, бэйэлэрэ этэллэринэн, «сэбиэдиссэй хаппыырыыһынан күн эрэйин» көрбүттэр.  Ол курдук  сэргэстэһэ  туруораары биир улахан хаары куппуттарын, «ортолоругар уоттаах харыйа туруохтаах» сүрэҕэлдьээбэккэ хааргытын тус-туһунан кутуҥ диэн  дьаһайбыт.  Хаардарын харыйа икки  өттүгэр  хат кутан  тоҥорон  баран,  Сэмиэнэбис диэн хаарынан уруккуттан  оҥорторор «скульптардарын»  «чэйдии сылдьарын»  нэһиилэ булан, биир иһит буоккачааҥҥа онотторорго кэпсэппиттэр. Уйбаан Баһылаайабыстара: «Хааргыт тоҥмута буолуо. Моруоскутун Хаарчаанаҕытын сарсын куораттан бириистэри ылан  кэлэрбэр баар гынаарыҥ»,-диэн биир үтүө күн хамаандалаат,  сарсыарда туран  тыҥ хатыыта куораттаан хаалбыт. Эрэммит Сэмиэнэбистэрэ  арыгыларын иһэн баран, үлдьү-кэлдьи кэринэ баран былааннарын тохпута. Хайыахтарай, Степалаах Сүөдэр хаар оҥоһуктарын күрдьэхтэнэн–таймаланан кэлэн: «Дьон сатыырын биһиги да сатыыр инибит»,- дэһэн Моруоһу, Хаарчаананы оҥорон  барбыттар…

«Хара тыа маһа ытыыр» хоро салаҥ эрэйдээхтэр туохха да маарыннаабат «хаар хайалары» оҥоро сатаан баран, кулууптарыгар иттээри төттөрү сыһыгыраан киирбиттэригэр, остуорас Дааса:

-Сатаабат аата хаарыан хаары тоҕо алдьаттыгыт? Дьэ, сордоох да дьоҥҥут. Бэҕэһээ оскуолалар Саҥа дьыллаабыттара, олортон хаар дьону ылыҥ,-дии тоһуйбут.

-Оо, Дааса, маладьыас да киһигин!… Ити ким эрэ эттэ дуу, бэйэҥ толкуйдаатыҥ дуу?! Ыл, Степа, табаарыскар оскуола дириэктэригэр Ньукулай Ньукулаайабыска эрийэн көҥүллэтэ оҕус!-диэн Сүөдэр мууһурбут бытыгын ыраастаана-ыраастана үөрэн саҥа аллайбыт.

-Эс, хайдах эрэ дии, бэйэҥ ыйыт. Оскуола оҕолорун Моруостаах Хаарчааналарын алдьатабыт дуо?- Степа  хаатыҥкатын  хаарын баата үтүлүгүн  көхсүнэн сотто-сотто сөбүлэспэтин биллэрбит.

-«Оҕолор эрэйдээхтэр диэтэҕиҥ дии»,  аһыныах сир баппатаҕа. Билэҕин дуо, ол оҕолоргун? Ол хаар оҥоһуктары  харыстыыллар диэтэҕиҥ дуу, күнүнэн  үлтүрүтэ тэбиэлээн кэбиһэллэр. Өссө алдьанан да бүттэ ини. Мин эмиэ тугум кыһалҕатай, бэйэҕит билэҕит, ыларгытын-ылбаккытын. Тойоҥҥут сарсын кэлэригэр сорудаҕа туолбатах буоллаҕына, арааһа, төбөҕүтүттэн имэрийбэтэ буолуо,-диэн баран «саамай сөптөөҕү  мин саҥардым» диэбиттии остуорас Дааса иэдэс биэрэн баран,  тэрээпкэлээх харбыырын тайахтанан,  холуоһалаах атаҕын соһо тардан, саала  хос диэки талырдыы турбут.

-Чэ, чэ! Телефоннаа, доҕоор! Баҕар, көҥүллүө,- Сүөдэр Степаттан арахпатах.

— Ол көҥүллээтэҕинэ, хайдах аҕалабыт?

-Бу да киһи!  Эн бастаан көҥүллэт, онтон сүбэтин булуохпут,-диэбит дьыала табыллан эрэриттэн үөрбүт Сүөдэр.

Степа: «Ньукулай Ньукулаайабыс,  хаар оҥоһук…уларсаҕыт дуо, ээ алҕас биэрэҕит дуо?..»-диэн «пул-пал» эппититтэн син тугу эрэ  өйдөөн, «уопсай дьыалаҕа көмөлөһөр хайаан да наада» диэн көҥүл биэрбитин туһанан,  икки табаарыстыылар оскуола диэки наһыылкаларын тутан түргэн хаамыынан сыбдыгыраһа турбуттар.  «Кыайыахпыт суоҕа» диэн ортолорун эрэ аллараа өттүнэн тимир күрдьэҕинэн сэрэнэн анньыалаан лэкэс гыннаран баран, «дьон көрсөн күлүү гынара буолуо» дэһэ-дэһэ, улаханнык кыбыста-кыбыста, ынчыктаһа-кириэтэһэ иккитэ кырынан,   кулууптарын нэһиилэ булларбыттар. Хаар дьоннорун биир-биир аҕалан хаар булгунньахтарын үрдүгэр олордуталаан  кылааккайдаан кэбистилэр, «олохтоох сирдэрин буллулар» диэн үөрэн эгди буолбуттар. Дааса дьиэ сууйбут уутун  тоҕо сылдьан:

-Эппэтэҕим дуо?  Үчүгэй баҕайы дии. Эһиги кыратык өссө кылааккайдаан  биэриҥ, мин дьиэбин сууйан баран кырааскалаһыаҕым,-диэн олох да манньытан кэбиспит… Сарсыныгар тойонноро кэлэн үөрэн биир-биир илии тутуһан махтаммыт. «Уолаттарым, син кыһалыннаххытына, бэйэҕит да оҥорор  кыахтаах дьон эбиккит»,-диэмэхтээбит.  Степалаах Сүөдэр кини эрэ хайҕалыгар наадыйбат буола эрэйдэммит дьон,  си буолуохтааҕар, истэрин тугэҕэр «ыык» эрэ дэһээхтээбиттэр…

Кэтэһиилээх Саҥа дьыл буолара икки хонук хаалтын кэннэ  аны бибилэтиэкэр Охоноос кирииптээн,  Моруос оҕонньоро суох «отоойкоҕо олорон»  хааллылар. Уйбаан Баьылаайабыс санаата алдьанан, үгэһинэн абына-табына бытыгын имэринэ-имэринэ ким Тымныы оҕонньор оруолун толоруон сөптөөҕүн сыымайдыы сатаата.

Бара-кэлэ сатаан, детсад  сэбиэдиссэйэ  Ульяна Петровнаҕа телефонунан эрийэн  ким оҕолорго Моруос кырдьаҕас буолбутун туоһуласта.

-Ульяна Петровна,  улахан кыһалҕаҕа ыллардым. Моруостуур Охонооспут ыалдьан хаалла. Саҥа дьылым буолара икки эрэ хонук хаалла ээ…  Эһиэхэ хайа төрөппүт Моруостаата этэй, эппэккин ээ, көрдөһүөҕү,-диэтэ.

-Ээ, киммит Моруос оҕонньор буолуой, оннук буолунар киһи суох этэ. Таҥас сууйар Таанньам буолбутун оҕолорум билэн: «Таанньа дии,  ытарҕата киниэнэ, дьиҥнээх Моруос кэлбэтэх»,- дэһиспиттэрэ, хомойоохтобуттара буолуо бука. Оскуолалартан ыйыталас,-диэн сүбэлээччи буолла. Хайыай, кыһалҕалаах киһи Уйбаан, кырдьык даҕаны диэбиттии, оскуола дириэктэригэр Ньукулай Ньукулаайабыска эрийдэ.  Күннээҕини, ону-маны ыаһахтаһан баран, наадатын этиннэ.

-Этэрин эттэҕиҥ буолуо гынан баран, биһиги эр дьоммут аҕыйахтарын бэйэҥ билэҕин. Нэһиилэ жеребьевканан  буолаллар. Ким да буолуммат ээ.  Быйыл Григорий Иванович буолбута.  Уҥуоҕунан кыра буолан, соччо барсыбат этэ да,  «ытык иэһин толорон» эрэ сөбүлэммитэ. Оттон бэйэҕэр дьиҥнээх Дед Мороз баар буолбатах дуо, хачыгаар уолуҥ Степан. Көрүҥэ нуучча, уҥуоҕа улахан.  Киниттэн  атын Моруостуур киһи баара да биллибэт, уолгуттан ыйыт ээ, баҕар, буолунуо,-диэн  Ньукулай Ньукулаайабыс эппитигэр Уйбаан Баһылаайабыс «буолунара буоллар, кырдьык, кини сөптөөх эбит ээ» дии санаабыта.   Уһаппакка-кэҥэппэккэ уолу хоһугар ыҥыран ылан, бэрт ыраахтан саҕалаан, аҕатын кытта бииргэ үөскээбитин, уолу бэйэтин оҕотун курдук саныырын этэн туран, «кыһалҕатын оҥорон» бибилэтиэкэр Охоноос ыалдьан  нэһилиэк Саҥа дьылыгар Тымныы оҕонньоро суох буолаары гыммыттарын этэн туран, «балаһыанньаны эн эрэ быыһаатаххына быыһыырыҥ буолуо»,-диэн күөйэ-хаайа этэн кэбиспитэ. Уол саҥалаах бэйэтэ мух-мах баран, тылыттан матан олордо.  Онтон: «Ээ, мин сатаан Моруостуурум биллибэт, тугу да саҥарарбын билбэппин»,-диэн бар дуомугар хоруйдаабыта.

-Эс, инньэ диэмэ. Саҥарар тылгын баҕас суруйан биэриэм. Бу киэһэ эрчиллиэхпит. Дьэ, уолбар эрэлим улахан, аҕал илиигин,-диэбитинэн ойон туран илии тутуһан илигирэппитэ. Улахан эппиэтинэстээх сорудаҕы толорор киһи быһыытынан Степа икки күнү быһа  Моруос оҕонньорун тылын өйтөн үөрэтэн муҥнаммыта. Кини эрчиллэриттэн эдьиийин оҕото 5-тээх Толик хата кинитээҕэр ордук тиэкиһи билбитэ. Степа умнан кэбистэҕинэ, тылын санатан биэрэн, дьиэ иһинээҕи дьону күллэрбитэ. Бырааһынньык күн кулууп хайдарынан оҕолуун, улаханныын киһи бөҕө мустубута. Хаһыакка сууламмыт бадаарактары Уйбаан Баһылаайабыс кыһыл мөһөөччүккэ  тобус-толору хаалаан баран: «Маны киирэргэр сүгэн киирээр»,- диэн таһыгар аҕалан ууран кэбиспитэ. Кып-кыһыл кырааскалаах  уостаах  Дааса-Хаарчаана тырыбыначчы көрөн туран, остуорас Дааса куолаһынан:

-Хайа, нохоо, аппаарыйан туруоҥ дуо, Уйбаан Баьылаайабыс «киириҥ» диэн  далбаатыыр, чэ хамсаммахтаа,-дии-дии уолу саала аанын диэки үтүрүйбүтэ.  Долгуйан ыксаан  хаалбыт уол быстыа дуу, ойдуо дуу кэһиитин сүгэн баран, тугу этэрин барытын умнан, харыйа иннигэр тиийэн саҥата суох чочумча таалан турбута. Дьон Моруос саҥарарын кэтэһэн көрөн баран, дьээбэлээҕи саҥара-саҥара дьон күлсэн барбыттара. Дааса ойоҕоско туран: «Хайа, саҥарыый»,-дии-дии өттүккэ имнэнэ-имнэнэ киҥнээхтик сибигинэйбитэ.  Уол эмискэ умнубут тыллара төбөтүгэр киирэн кэлбиттэрэ… Куруук бу оруолу толоро сылдьар киһилии туттан-хаптан, өссө эбии бэйэтиттэн эбэн-сабан  иҥнигэһэ-толлугаһа суох саҥаран-иҥэрэн барбытыгар, били күлсэн «быардарын тыыппыт» дьон ылы-чып барбыттара.  Кыра оҕолор «нуучча Моруостан» куттанналлар даҕаны, бадаарагын син ылбыттара.

«Дьэ маладьыас! Бэркэ Моруос оҕонньор буоллуҥ!»-диэн бырааһынньыкка кэлбит дьон  тула түһэн уолу аны хайгыыр аакка барбыттара. Түүн 12 чаас  кэннэ Уйбаан «сибиэтэмуусуката» былааһы ылбыта. Дьон дьиҥнээхтик хаар түһэ турар остуоруйа дойдутугар сылдьар курдук санаммыттара. Үөрбүт-көппүт дьон магнитофон,  байаан тыаһаатаҕын аайы  уоттаах харыйа тула  үҥкүү бөҕөтүн үҥкүүлээбиттэрэ.  Олус астыммыт, дуоһуйбут көрүҥнээхтэрэ.  Степа кулуупка кэлиэҕиттэн истиэнэни өйөөн турбут бэйэтэ,  «Снег кружится, летает, летает…» диэн  ырыа тылларыгар дьэ өйдөнөн, хараҕынан Вераны көрдөөбүтэ.  Кыыс маҥан куруһуба саҕалаах бэйэтигэр барсар үчүгэйкээн  былааччыйалааҕа.  Дьүөгэлэрин кытта тугу эрэ кэпсэтэ аҕай турара. Уолга  эмискэ  кыыһы хайаан да үҥкүүгэ ыҥырар толкуй көтөн түспүтэ.  «Оннооҕор Дед Мороз буолбутуҥ дии… Кыбыстыма, Степа, кыбыстыма! Бу Саҥа дьыл туох эрэ  ураты тыыннаах, туох эрэ дьиктилээх-алыптаах… Вераны хайаан да үҥкүүгэ ыҥыр…»,- диэн бэйэтэ бэйэтигэр бирикээс бэриммитэ. Эмискэ ойон тураат, үҥкүүлүү сылдьар дьон ортотунан, Вераҕа чопчу тиийбитэ. «Сана дьылынан, Вера, үҥкүүлүүбүт дуо?»-диэн кыыһы  ыҥырбытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта.  Кыыс хап-хара  харахтарынан соһуйбуттуу  тэрбэччи көрбүтэ уонна мичик гынаат, уол кэтит санныгар кыра намчы илиитин уура охсоот тэбэннэттээхтик: «Эйигин эмиэ Саҥа дьылынан, Степа!  Эн идеяҕынан оҥоһуллубут  Уйбаан Баһылаайабыс «сибиэтэмуусуката», кырдьык, үчүгэй эбит буолбат дуо?»,-диэн баран, уолу үөрүйэхтик салайан,  муусука долгунугар уйдаран,  эргийэн барбыттара. Дьүөгэ кыргыттара дьиктиргээбит харахтарынан уоллаах кыыһы   батыһыннара көрөн туран: «Саҥа дьылынан, саҥа дьол үүннэҕэ!»-дии дэһэ-дэһэ кистии саба күлсэн бычыгыраспыттара.

Наталья Прокопьева — Алгыстаах Сарыада,

Бүлүү улууһа, Бороҕон.

Читайте дальше