Саҥа кинигэ бастакынан Бүлүүгэ сүрэхтэннэ

Саха омук барахсан төһө да хабараан тымныылаах тыйыс дойдуга олордор,  олус чараас уйан дууһалаах, барыны бары  кыраҕы хараҕынан  таба көрөн ырыатыгар-тойугар хоһуйан, оһуоругар-мандарыгар түһэрэн күн  бүгүҥҥэ диэри өбүгэтин үгэстэрин кичэллээхтик илдьэ кэллэҕэ.

Үйэттэн үйэҕэ маһы,  тимири ыллатар тарбахтарыгар ураты талааннаах уустарбыт омукпут баай материальнай культуратын  дириҥник үөрэтэн, байытан киэҥник тарҕаттахтара. Айылҕаттан бэриллибит мындыр толкуйдарынан, ураты дьоҕурдарынан эҥин эгэлгэ  эриэккэс оҥоһуктары  чочуйан аан дойду омуктарын сөхтөрдөхтөрө.  

Сатабыллаах маастар ураннаан суруйбутун курдук,  күһүҥҥү  айылҕа сиэдэрэй кыраасканан муҥутуурдук симэнэн турдаҕына,  Бүлүү куоратын 390 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күннэргэ, биллиилээх худуоһунньук, сэдэх идэлээх муосчут Константин Меркурьевич Мамонтов туһунан «Алгыстаах ааттаах муосчут» диэн саҥа кинигэ сүрэхтэннэ.

Россия үтүөлээх худуоһунньуга, Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Российскай Федерация худуоһунньуктарын  сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, Учууталлар учууталлара  Константин Меркурьевич  Мамонтов төрөөбүтэ 75 сылыгар ананан тахсыбыт кинигэни билсэ оройуон киин библиотекатыгар  элбэх киһи муһунна.

Улахан кээмэйдээх, 360 сирэйтэн турар нууччалыы-сахалыы тылынан суруллубут кинигэни  хомуйан оҥорбут киһинэн Константин Меркурьевич биир дойдулааҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр “Утум” музейын төрүттээччи, Сунтаар улууһун маастара, төрөөбүт дойдутун устуоруйатын, сайдыытын, дьонун-сэргэтин туһунан элбэх кинигэни  бэлэмнээн таһаарбыт Октябрина Прокопьевна Булатова-Максимова буолар.    

Суол –иис  да кыаллыбакка Октябрина Прокопьевна Бүлүүлэргэ бэйэтин эҕэрдэтин аныгы сибээс нөҥүө тириэртэ. Кинигэҕэ үлэтин билиһиннэрэн туран,  худуоһунньук дойдутугар оҥорон-тутан хаалларбыт үлэлэрин киэн тутта кэпсээтэ.

Бу күн  Константин Меркурьевич тапталлаах кэргэнэ, сүбэһитэ, көмөлөһөөччүтэ, Бүлүүттэн төрүттээх  Людмила Николаевна Мамонтова биир дойдулаахтарыгар күндүыалдьыт буолла. Идэтинэн нуучча тылын учуутала,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарга норуот маастара, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна, Россия худуоһунньуктарын айар сойуустарын чилиэнэ. Кини Бүлүү куоратын үбүлүөйдээх күннэригэр кэргэнин муостан чочуйан оҥорбут сэдэх үлэлэриттэн  аҕалан  быыстапка тэрийбитэ. Хотугу кыраайбыт  тыйыс айылҕатын, кыылын-көтөрүн, төрүт дьарыктарын көрдөрөр бииртэн биир эриэккэс  муос оҥоһуктары сылдьыбыт  эрэ барыта кэрэхсии, сөҕө-махтайа   көрбүппүт.

Людмила Николаевна кинигэни таһаарыыга элбэх үлэ барбытын, онуоха Арктикатааҕы культура уонна искусство государственнай института, Саха сирин худуоһунньуктарын Союһа улаханнык көмөлөспүттэрин бэлиэтээтэ. Кинигэсүрүн ис хоһоонун, айар дьиэ кэргэн олоҕун, үлэтин билиһиннэрдэ. Ыйытыыларга эппиэттээтэ.

Худуоһунньук аатын, идэтин  толору арыйар дьоһун кинигэ аан бастакынан Бүлүүгэ  сүрэхтэниитэ өссө үрдүк үөрүүлээх уонна долгутуулаах  буолла.

Ол, Константин Меркурьевич Бүлүүгэ кэлэн олохсуйан, улууска  ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба   сайдыытыгар хорутуулаахтык   үлэлээн, биһиэхэ, Бүлүүлэргэ,  ураты чугас, суолталаах киһибит буоларыттан.   Дэлэҕэ даҕаны, үгүс дьон  “Константин Мамонтов Бүлүүгэ төрөөбүтэ,  Бүлүү олохтоох киһитэ”- дии саныа дуо?.

Онтон кырачаан Костя   1949 сыл сэтинньи 20 күнүгэр Сунтаар оройуонун Сиэйэ сэлиэнньэтигэр  төрөөбүт. Аҕата Меркурий Захарович, Өлүөхүмэ бааһынайын уола, сэрии кыттыылааҕа, ийэтэ Дария Иннокентьевна Сиэйэ нэһилиэгэр бастакы Герой Ийэ. 16 оҕоломмутуттан 5 уол, 5 кыыс тыыннаах хаалбыттар.  Костя дьиэ кэргэҥҥэ кыра уол, 15-с  оҕо буолар.  Аҕалара кини биир саастааҕар олохтон туораабыт. Онон уон оҕону  аҥардас ийэлэрэ иитэн киһи-хара оҥортообут. Кинигэҕэ төрөппүттэр уонна  бииргэ төрөөбүттэр хас биирдиилэрин туһунан  сиһилии суруллубута кэрэхсэбиллээх. Дьиэ кэргэн  хас биирдии оҕоҕо суолтатын, улахан оруолун арыйар.  

Оҕоҕо айылҕаттан бэриллибит дьоҕуру эрдэ таба көрөн уһугуннарыы, сайыннарыы –бу аан бастаан дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүт болҕомтотун  ууруутуттан саҕаланар. Константин илиинэн оҥоһукка, чуолаан муоска дьарыктаныыга олох кыра сааһыттан ылларбыт эбит. Үөрэммит оскуолатыгар Семен Семенович Гурьев диэн үлэ учуутала муоска кыһан оҥорор үлэлэрин кэрэхсии, сэргии көрөн 3 кылаастан дьарыктанар буолбут. Устунан абылатан, улахан кылаастарга сылдьан муосчут идэтин олоҕун дьарыга оҥостор санааҕа кэлбит.  Ол иhин харса суох үөрэнэн, үлэлээн дьон кэккэтигэр тахсарга сыал-сорук туруоруммут эбит. Сыалын ситиһээри 1971-75 сылларга Дьокуускай куоракка  П.П.Романов аатынан художественнай училищеҕа ситиһиилээхтик үөрэммит.  

Саҥа кинигэ тула кэпсэтии сүнньүнэн худуоһунньук Бүлүүгэ үлэлээбит кэмнэригэр туһуланна. Эдэр учуутал бастаан  Бүлүүгэ 1979 сыл  Н.Г.Чернышевскай аатынан педагогическай училищеҕа үлэ уонна черчение учууталынан ананан кэлбит. Салгыы 1984 сылтан оҕо музыкальнай оскуолатын иһинэн үлэлиир художественнай кылааска учууталлаабыт.
Учуутал,  оҕо  айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьоҕура сайдарыгар ойуулуур-дьүһүннүүр, эстетическай хайысхалаах дьарыктар улахан суолталаахтарын чопчу өйдүүр буолан, үөрэтии бу хайысхатын сайыннарар, кэҥэтэр сыалтан  1991 сыллаахха  Бүлүү түөлбэтигэр соҕотох художественнай оскуоланы арыйтарбыта.  Бэйэтэ оскуола  директорынан ананан үөрэх саҥа тэрилтэтин дьиэнэн-уотунан, сөптөөх материальнай базанан хааччыйар түбүгэр түспүтэ.  Оччолорго, Сэбиэскэй Союз ыһыллыбыт кэмигэр,  ССКП оройуоннааҕы кэмитиэтин икки этээстээх таас дьиэтин сүүрэн-көтөн, туруорсан  оскуолаҕа анаппыта. Ити курдук улууска  ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба сайдыытыгар киллэрбит өҥөтө улахан.

Константин Меркурьевичтыын Бүлүүгэ бииргэ алтыһан үлэлээбит учууталлар Евгений Алексеев, Агриппина Софронеева,  Елизавета Маныкина, Ксения Семенова ити кэмнэри сиһилии ахтан-санаан аастылар. Онтон училищеҕа үөрэппит студеннара Николай Егоров, Маргарита Корякина, Мария Николаева, Матрена Сивцева  учууталларыгар махтал тылларын анаан ылбаҕай ырыаларын бэлэх ууннулар.

Уһуйааччы, маастар  үрдүк ситиһиитэ —   туйах хатарар ыччаттары иитэн-такайан таһаарыыта буолар. Бу күн Константин Меркурьевич художественнай кылааска үөрэппит үөрэнээччилэрэ Казимир Петров  уонна Иннокентий Акимов учууталларын суолун батан, уһанар дьарыгы  идэ оҥостон үлэлии-хамсыы сылдьалларан кэпсээтилэр. Ол курдук  Казимир Николаевич 2000 сылтан художественнай кылаас преподавателэ.  Российскай Федерация  худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна.  Онтон Иннокентий Иннокентьевич, элбэх быыстапкаларга кыттар биллэр тимир ууһа. Билигин Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэни өйүүр киин эбии үөрэхтээһиҥҥэ преподавателэ.

Бу буоллаҕа- Константин Меркурьевич улахан баҕа санаатын туолуута. Кини талааннаах киһи хайаан да үөрэнээччилэрдээх буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Уонна  ону бэйэтэ эбэһээтэлистибэ курдук ылынан, учуутал   быһыытынан 400-тэн тахса оҕону үөрэтэн таһаарбыта. Аҥардас муосчут уустук идэтигэр 150 оҕону  уһуйбута холобурга,үрдүк хайҕалга эрэ сылдьар аналлаах.

Тыһыынчанан  хатыламмат үлэни айан-тутан хаалларбыт худуоһунньук сүҥкэннээх үлэтэ биир кинигэҕэ баппата чуолкай. Онон кинигэҕэ сыһыарыы быһыытынан мамонт муоһуттан оҥорбут 380 үлэтин испииһэгэ,  1969 сылтан саҕалаан дойду араас таһымнаах быыстапкаларыгар кыттыыта, тус бэйэтин быыстапкалара ыйыллыбыттар. Айар үлэтэ уонна ол сыанабыла  Саха сирин, бүтүн дойду  хаһыаттарыгар,  сурунаалларыгар, кинигэлэргэ,  каталогтарга, энциклопедияларга, альбомнарга бэчээттэммитэ киэҥник киллэриллибит. Ааҕааччы кинигэҕэ баар кюар код нөҥүө Константин Меркурьевич уһуллубут видеосюжеттарын, быыстапкаҕа кыттыбыт улахан үлэлэрин көрөр кыахтаах.

Үйэлээх өйдөбүнньүк буолар кинигэни хомуйан оҥорбут Октябрина Прокопьевнаҕа уонна Людмила Николаевнаҕа  Бүлүү дьонун-сэргэтин аатыттан оройуон  дьаһалтатын дьыалаларын тэрийэр Клара Гаврильева, Бүлүү куорат дьаһалтатыттан баһылыгы солбуйааччы Николай Иванов, культура оройуоннааҕы салалтатыттан Кристина Буслаева,  Иван Гоголев-Кындыл аатынан кииннэммит  библиотека директора Николай Харлампьев махтал үтүө тылларын анаатылар.  Кэргэннии Мамонтовтар  Бүлүүгэ үлэлээбит тэрилтэлэрин салайааччылара — Н.Г.Чернышевскай аатынан профессиональнай — педагогическай колледж директора Иван Алексеев, М.Н.Жирков аатынан оҕо искусствотын оскуолатын   уруһуйга уонна декоративно-прикладной искусствоҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Афанасий Иванов  эҕэрдэ суруктарын, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

Кэпсэтиигэ Константин Меркурьевич олоҕун устата  “Мамонтов диэн араспаанньалаах киһи хайдах да мамонт муоһуттан уһаммат буолуон сатаммат”- диэн өйдөбүлү илдьэ сылдьыбытын үгүс киһи аҕынна. Киһи тус аата, араспаанньата кини олоҕун, идэтин быһаарар суолталааҕын дириҥник бигэргэттэ.

Ити курдук, алгыстаах ааттаах муосчут туһунан саҥа кинигэни үгүс үтүө үлэһит дьону үрдүккэ көтүппүт Бүлүүбүт куоратын олохтоохторо, ыалдьыттара бастакынан бэрт сэргэхтик сүрэхтээтилэр. Кини аатын төрүттээбит художественнай оскуолатыгар уонна куорат саҥа уулуссатыгар иҥэрэн салгыы үйэтитэргэ этиилэри киллэрдилэр.

Луиза Кононова, киин библиотека кыраайы үөрэтиигэ кылаабынай библиотекара.

Читайте дальше