Соҕотоҕун өстөөх дронун утары

Бу күннэргэ ватсап ситимигэр Бүлүүттэн төрүттээх байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа хорсун быһыытын туһунан сонун тарҕанна. Байыас ыксаллаах түгэҥҥэ уолуйан хаалбакка, кимэн киирбит өстөөх дронун бэргэнник ытан түһэрэн эспит.

«Олох суола» хаһыат бу уолу кытта быһаччы сибээскэ тахсан интервью ылла. Кылгастык бэйэтин  уонна ити түбэлтэ туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.

— Мин былырыын ыам ыйыгар отдельнай гвардейскай мотострелковай биригээдэни кытта контракт баттаһан Ростов куоракка көтөн кэлбитим. Биир күн палаточнай городокка хонон баран салгыы Запорожскай уобаласка айаннаабыппыт.  Биир дэриэбинэҕэ тиийэн баран, ким ханна анаммытынан араас сиргэ тарҕаталаабыттара. Мин соҕотох саха РГР (рота глубинной разведки) анаммытым. Званием –рядовой.

— Ити буолбут түбэлтэ кылгастык кэпсээтэххэ маннык. Биһиги сменанан передовойга киирэн разведкалыыбыт. Мин сынньалаҥҥа тахсыбыт кэмим этэ. Арай радионан биһиэхэ таҕыстылар: «Срочно Д. на уазике пусть приедет за мной», — диэн взводум командира передокка ыҥырда. Саатар уазик массыынабыт стартера алдьанан турар этэ. Уолаттары ыҥыран, үтэн эстибит уонна биир уолу илдьэ бар диэтилэр. Дьэ, икки буолан айаннаатыбыт .

Биир чаас курдугунан ойутан тиийдибит. Тутатына командирбын ылаат, төттөрү элэс гынныбыт, «укроптар» успейдаан ытыалаабакка хааллылар. Дьэ, ол курдук айаннаатыбыт, алдьаммыт муостабытыгар кэллибит. Суолтан туораан муостаны тумнан айанныыбыт, үлтү буомбалаан кэбиспиттэр, ол түһээт колеяҕа мүлчү киирэн, массыынам умуллан хаалла, хайдах да эһэр кыахпыт суох. Арай утары массыына кэллэ, мин трос хостоон массыынабын баайан бэлэмнии турдум. Арай истибитим, дрон тыаһыыр (дроннарынан үлэлиир буоламмын тыастарын түргэнник араарабын). Ол туран өйдөөн көрбүтүм, ойуур быыһыттан дрон тахсан көтөн иһэр.

Уолаттарбар хаһыытаатым: «Воздух синий!» — диэн. Өстөөх дрона баар буоллаҕына итинник диибит. Уолаттарым бары туора-маары ыһылла түстүлэр. Мин  массыынабар көтөн түстүм, ол киирэн иһэн толкуйдуубун: успейдаан тахсабын дуу, үрдүбэр кэлэн түһэр дуу диэн. «Калашниковпын» хаба тартым да төттөрү ойон таҕыстым. Көрбүтүм, хата, кэннилээн баран разгон ылан аҕай, дьэ, көтөн иһэр. Утары көтөн кэллэ, мин кыҥаан баран ытан түһэрдим. Дрон биир кыната тостон, дэлби кэлэн түстэ уонна эстэн массыынабыт түннүктэрин алдьатта. Уолаттар ойон таҕыстылар, массыынаны соһон эһэн баран, дьэ, айаннаатыбыт.

— Биир дойдулаахтарбар Уруй-Айхал! Дьолу- соргуну, күөх халлааны, доруобуйаны баҕарабын. Уолаттаргытын умнумаҥ. Барыта этэҥҥэ буолуо, бары тыыннаах эргиллиэхпит, кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!✊🏼✊🏼✊🏼

Уонна улахан Махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын Бүлүү куорат уонна улууһун дьаһалталарыгар, бары олохтоохторугар, ону тэҥэ гуманитарнай көмө хомуйан аҕалар үлэһиттэргэ! Чуолаан улуус баһылыгын солбуйааччытыгар Александр Прокопьевка итиччэ элбэх малы аан дойду биир түгэҕиттэн биир тугэҕэр аҕаларыгар өссө төгүл Махтал!✊🏼✊🏼✊🏼

Изольда Загитова.

Читайте дальше