Социальнай хантыраак аҕыйах дохуоттаах тыа сирин дьоно бэйэ дьыалатын арынан, сүөһү ииттэн атахтарыгар бигэтик туралларыгар, дьарыктаах буолалларыгар көмөлөһөр ньыма буолар. Аҕыйах сыллааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев социальнай хантыраак үбүн кээмэйин улаатыннарарга сорудахтаабыта. Ол кэннэ быһаччы оҥорон таһаарыынан дьарыктанааччыларга социальнай хантыраак суумата үрдээбитэ.
Бүлүү улууһугар социальнай хантыраагы түһэрсиинэн социальнай көмүскэл уонна үлэ управлениета дьарыктанар. Управление отделын салайааччы Александр Комаров социальнай хантыраагынан быһаччы дьарыктаммыта 12 сыл буолла. Кини улахан туһалаах ньыманы олоххо киллэрии, усулуобуйаларын,быйыл төһө киһи ылбытын туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— 2012 сылтан Арассыыйа 4 уобаластарыгар, өрөспүүбүлүкэлэригэр, ол иһигэр, Саха сиригэр үлэтэ суох хаалбыт, уустук балаһыанньаҕа түбэспит, атын сиртэн көмө ылар кыахтара суох дьоҥҥо судаарыстыба социальнай хантыраак быһыытынан көмөтө пилотнай бырайыак курдук үлэлэтиллэн барбыта. Аҕыйах сыл буолан баран туһалааҕа уонна көмөлөөҕө биллэн, Арассыыйаҕа социальнай хантыраак киэҥник киирэн барбыта.
Социальнай хантыраак балаһыанньата сыл аайы кыралаан уларыйан иһэр. Урут хантыраак үбүн суумата 100-150 тыһ. солк. буоллаҕына, билигин сорох көрүҥнэргэ 500 тыһ. солк. диэри үрдээтэ. Урбааны уонна кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы көрүҥнэригэр стартовай хапытаал сууматын предпринимательство министиэристибэтэ быһаарар, сүбэлиир. Сорох хайысхаларга 150 тыһ. солк. көрүллэр, онтон тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, сүөһүнү иитии көрүҥнэригэр хантыраак суумата 500 тыһ. солк. тиийэр. Куонкуруска кыттааччылар тэйиччиттэн тестирование ааһаллар, бизнес-былаан оҥостоллор, хамыыһыйаҕа көмүскүүллэр.
Быйыл Бүлүү улууһугар социальнай хантыраакка 46 квота көрүлүннэ, итинтэн 6 -инбэлииттэргэ уонна биэнсийэлээхтэргэ. 20 урбаан уонна 20 квота кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыы көрүҥнэригэр көрүллэр.
Бүгүҥҥү туругунан урбаан хайысхатыгар 12 киһи социальнай хантыраак түһэристэ, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга – сүөһү иитиигэ 8 киһи социальнай хантыраак үбүн ылла. Тылгыныттан элбэх киһи социальнай хантыраакка киирбитин бэлиэтиэм этэ.
Хамыыһыйаны ааспыт киһи хантыраак баттаһыан иннинэ булгу бэйэ дьарыктаах буолууга (самозанятость) эбэтэр урбаанньыкка (ИП) регистрацияны ааһыахтаах. Социальнай хантыраак үбэ 10 хонук иһигэр түһэр. Дуогабар түһэрсибиттэр 1-2 ыйынан квитанцияларын аҕалан отчуоттуохтаахтар, фото-отчуот эмиэ ирдэнэр. Биир сыллааҕы социальнай адаптация былаанын оҥоробут, кинилэр ол былааны толоро сатыахтаахтар.
Социальнай хантыраак ылбыт дьон үлэлэрин олохтоох дьаһалталары кытта бэрэбиэркэлиибит, кэтээн көрөбүт. Түмүк үчүгэй.
Тыа сирин дьоно сүөһү ииттэллэригэр, бэйэ дьыала арыналларыгар социальнай хантыраак, чахчы, туһалааҕа көстөр.
Николай Куприянов.