1974 сыл муус устар ый 23 күнүгэр Москубаҕа тэриллибит Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһун XVII сьеһигэр БАМ хомсомуол ударнай тутуутунан биллэриллибитэ. Бастакы тутар этэрээт съезтэн тута поеһынан БАМ-ҥа айаннаабыта. Ити кэмтэн ыла ССРС историятыгар саамай улахан уонна эдэр ыччат, хомсомуол тутуутунан биллибит БАМ тимир суолун оҥоруу саҕаламмыта. Дойду бастыҥ, эрчимнээх, ыарахантан толлубат эдэр ыччата БАМ-ҥа мустубута, саҥа олоҕу тутан барбыта…
Тындаттан Саха сиригэр «Кыра БАМ-ы» — АЯМ-ы (Амур-Саха сирин магистрала) тутууга элбэх саха ыччата кыттыбыта. Беркакит бөһүөлэгэ уонна Нерюнгри куората киирэр АЯМ соҕуруу учаастагын тутуу 1979 сыллааха түмүктэммитэ. Бамовскай – Тында- Беркакит бүтэһик звенотун «Якутскай комсомолец» байыастара ууран, тутууну биир сыл иннинэ түмүктээбиттэрэ.
Сүдү тутуу 10 сылынан — 1984 сыл алтынньы 1 күнүгэр түмүктэммитэ эрээри, хойукка диэри БАМ тимир суолун тупсарыы, хайалары курдары уҥуордуур саҥа тоннеллары оҥоруу салҕаммыта. Билигин БАМ-нан сылга 12 мөл. пассажир айанныыр диэн ааҕаллар.
Тимир суол Аллараа Бэстээххэ 2011 сыллаахха тиэрдиллибитэ уонна 2019 сыллаахха пассажирдар сырыылара, таһаҕас тиэйии саҕаламмыта. Алдан уонна Амма өрүстэри уҥуордуур ирбэт тоҥҥо тутуллубут тимир суол Аллараа Бэстээххэ диэри уһуна 767 км тэҥнэһэр.
Транссиб тимир суола Владивостогынан акыйааҥҥа тиийэр буоллаҕына, БАМ тимир суола Иркутскай уобалаһынан, Бурятиянан, Забайкальскай уонна Хабаровскай кыраайдарынан субуллан Чуумпу акыйаан кытылыгар тахсар.
Муус устар ый 22 күнүгэр Арассыыйа уонна Азербайджан Президеннэрэ Владимир Путин уонна Ильхам Алиев БАМ тутуутун үбүлүөйдээх 50 сылынан магистрал тутуутун бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэрэ быйылгы үөрүүлээх тэрээһиннэри саҕалаабыта.
Бүлүү улууһуттан БАМ-ы тутууга эрчимнээх, хорсун-хоодуот санаалаах, ыарахантан толлубат хомсомуоллар эмиэ кыттыбыттара. БАМ улуу тутуутугар быһаччы кылааттарын киллэрбит, үлэлэспит дьоннорунан Анастасия Павлова, Люба Яковлева, Аня Богданова, Руслан Николаев уонна Юрий Михайлов буолаллар. Кинилэр дойду улуу тутуутугар кыттыбыт Бүлүү улууһун киэҥ туттуута буолаллар.
Бүгүн биһиги БАМ-ы тутууга быһаччы кыттыбыт, Бүлүү улууһун баһылыгынан үлэлээбит, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Кирилловна Павлованы кытта БАМ тутуутун туһунан кэпсэттибит.
— Анастасия Кирилловна, БАМ үбүлүөйэ хаһан бэлиэтэнэрий?
— БАМ үбүлүөйэ Саха сиригэр от ыйын 4-6 күннэригэр Дьокуускайга, Аллараа Бэстээххэ, Алдаҥҥа, Беркакикка уонна Нерюнгрига бэлиэтэниэ. От ыйын 6 күнүгэр Тындаҕа тиийэн «Илин», «Арҕаа» уонна «Кыра БАМ» тутааччылара көрсүөхтээхпит.
Билигин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салайар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир, тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ дьаһайар. Үлэ бара турар, сыл бүтүөр диэри араас тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар.
Быйыл БАМ тутааччылара Аллараа Бэстээххэ тырааныспар техникумун оҕолорун кытта көрүстүбүт, тэрээһиннэр кыралаан саҕаланан эрэллэр.
— Бастатан туран, үөрэх кэннэ үлэҕин ханна саҕалаабыккын билиһиннэриэҥ?
— Новосибирскайдааҕы инженернэй-тутуу үнүстүтүүтүн 1975 сыллаахха бүтэрэн баран, Бүлүүгэ ПМК-ҕа үлэлии киирбитим. Үөрэнэ сылдьан практикаларбын эмиэ Бүлүү ПМК-гар, улахан уопуттаах салайааччы Николай Васильевич Тартыевка ааһарым. Тутууларга, өрөмүөн үлэлэригэр технадзор быһыытынан сылдьыбытым.
Биир түгэни кэпсээтэххэ, былыргы Бүлүү уустара туталлар да эбит диэн сөхпүтүм да, соһуйбутум да. Урукку быткомбинат утары Ярославскай уулусса саҕаланыыта турбут былыргы детсад сарайын өрөмүөннүү сылдьан, модьу мастартан харыыта курдук уу сүүрэр халдьатын оҥорбуттарын көрөн бары бэркиһээбиппит.
Үлэлии сылдьан ПМК хомсомуолун сэкиритээринэн талыллыбытым, комсомол оройуоннааҕы кэмпириэнсийэтигэр иккис сэкиритээринэн анаммытым.
— Ол кэнниттэн БАМ-ҥа бардыҥ?
— 1977 сыл сааһыгар БАМ-ҥа барбытым. Комсомол обкуомугар рабочай эдэр ыччат отдела баара. Салайааччылар Игорь Калинович Никонов, кэлин миниистиринэн үлэлээбит Игорь Федорович Маликов «Биһигини кытта барсаҕын дуо?» диэн ыйыппыттарыгар, сөбүлэһэн барсыбытым. Ол саҕана хаһыат сирэйэ, араадьыйа барыта эдэр ыччат, хомсомуол БАМ-ы туталларын туһунан этэ.
Мин арыый эрдэ, Космонавтика күнүгэр — муус устар 12 күнүгэр Нерюнгрига көппүтүм. Нерюнгри хомсомуолун сэкиритээрэ Дмитрий Дмитриевич Трофимовы көрсүбүтүм. Икки күн буолан баран, «Юность Якутии» диэн этэрээккэ тиийбитим. Хамандыырынан БАМ-ҥа кэргэнин, икки оҕотун илдьэ тиийбит Валерий Семенович Фомин диэн үрдүк үөрэхтээх инженер анаммыт этэ. Хамыһаарынан Семен Семенович Михайлов диэн орто сибээс үөрэхтээх уол үлэлиирэ.
«Бамстройпуть» тутуу управлениетын «595 – тутар-монтажтыыр поеһыгар» — «СМП-595» диэн, Саха сириттэн барыта 50 эдэр ыччат тиийбитэ. Салайааччынан Евгений Иванович Иващенко сылдьыбыта, кэлин Саха сиригэр Амурскай уобаластан киириигэ бастакы кэлэр Хани бөһүөлэккэ баһылыгынан үлэлээбитэ.
Мин БАМ-ҥа 3 сыл маастарынан үлэлээбитим, «СМП — 595» хомсомуолун тэрилтэтин сэкиритээринэн талыллыбытым.
— БАМ-ҥа маастар үлэтин, туох тутууну ыппыккытыҥ билиһиннэриэҥ дуо?
— Тутуу үрдүк үөрэхтээх киһитэ тиийдэҕим дии. Ол иһин, маастарынан ананан Беркакит депотун, улахан ыраастыыр эбийиэктэр тутууларыгар сылдьыбытым, биригээдэлэр үлэлэрин хонтуруоллуурум, салайарым. Үчүгэйдик дьаһайар этиҥ диэн кэлин үөлээннээхтэрим ахталлар. Үлэ түмүгүнэн нэрээд суруйарым.
Мин үрдүбүнэн өссө прорабтар бааллара. Биһиги поезпыт станциялары тутар этэ. Тындаҕа үлэни билэ, уопут атастаһа үгүстүк командировкаҕа сылдьарбыт. Поезд хомсомуолларын барыларын идэҕэ үөрэттэрбиттэрэ. Биһиги этэрээппититтэн кыргыттартан тааһынан тутааччы Тоня Попова эрэ соҕотох баара, тааһынан тутар идэлээх уолаттарбыт син элбэхтэр этэ.
Биһиги этэрээппитигэр элбэх омук үлэлээбитэ. «Саха АССР үтүөлээх тутааччыта» аат Мэҥэ Хаҥаластан Вася Марковка, «Якуттяжстрой» тэрилтэҕэ үлэлии сылдьан БАМ-ҥа барсыбыт Эдик Агикяҥҥа иҥэриллибитэ. Кини Беркакикка өр баҕайы олорбута, биэнсийэҕэ тахсан баран Красноярскайга көспүтэ.
— «595 – тутар-монтажтыыр поездка» төһө элбэх этигитий?
— Поезпытыгар 350 киһи үлэлиирэ. Үксүлэрэ Украина Донбааһын дьоно этилэр. Билигин куруук иһиллэр Ясиноватай, Донецкай уо.д.а. куораттартан сылдьаллара. Эдэр оҕолор диир этим, онтон билигин дьыл-хонук ааспытын кэннэ санаатахха, кыра да балыс эбиппин.
Этэрээппитигэр 65 саха баара, кэлэр дьону барыларын ылар этибит. Мэҥэ Хаҥаластан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан бааллара. Үөһээ Бүлүүттэн Володя Михайлов, Проня Васильев үлэлээбиттэрин өйдүүбүн. Чурапчылар спортсмен, барыны барытын сатыыр уолаттар этилэр.
Биһиги уолаттарбыт наһаа сатабыллаахтарын бэлиэтиэххэ сөп, украинецтар мас өттүгэр үчүгэйдик кыаммат, ол эрэн, биригэдьиирдэрин биэрбэт этилэр, биһиэттэрэ маһынан үчүгэйдик тутталлара, үлэлииллэр да, аптарытыаттаах да этилэр.
Хомсомуол Киин кэмитиэтин сэкиритээрэ Дмитрий Филиппов тутууну бэрэбиэркэлии кэлбитигэр эбийиэктэргэ сырытыннарбыппыт, мунньах тэрийэн отчуоттаабыппыт. Гришкевич диэн эдэр киһи мунньахпытын ыыппыта. Мунньах фотолара куруук тахсаллар. Эдэр буоламмыт бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк үөрэ-көтө, баҕабытынан кыттарбыт.
— БАМ хомсомуол этэрээттэрин шефтэһии тэриллэрэ. Эһигини кытта кимнээх шефтэһэллэр этэй?
— Биһиги этэрээппитин элбэх кэлэктиип шефтэһиигэ ылбыта. Пионердар Дыбарыастарын кэлэктиибэ сыл аайы кэлэн кэнсиэр туруорара, Национальнай бибилэтиэкэттэн, ол саҕана «Пушкинка» диэн ааттыырбыт, кинигэ бөҕө ыыталлара. Биһиги кинилэр ыыппыт кинигэлэриттэн улахан бибилэтиэкэ тэриммиппит.
Биир дойдулаахпыт, «Бэлэм буол» оҕо хаһыатын редактора Нина Иннокентьевна Протопопова кэлэктиибэ шефтэһэрэ. Кинилэр куорат киинигэр баар буоланнар, Дьокуускайга кэллэхпитинэ куруук сылдьааччыбыт, формаларбытын, кааскаларбытын бэлэхтиирбит. Суруналыыстар биһиэхэ 7 хомус бэлэхтээбиттэрин үчүгэйдик өйдүүбүн.
Биһиги этэрээппитин кытта араас кэлэктииптэр шефтэһэллэрэ. «Эдэр коммунист», «Молодежь Якутии» кэрэспиэндиэннэрэ шефтэһэн биһиги туспутунан куруук суруйаллара.
— Беркакикка тимир суол хаһан тиийбитэй?
— Биир умнуллубат түгэнинэн 1977 сыл алтынньы 29 күнүгэр поезд Беркакикка тиийиитэ буолбута. ССКП обкомун бастакы сэкиритээрэ Г.И.Чиряев, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бэрэссэдээтэлэ А.Я.Овчинникова, Москубаттан тырааныспар, тимир суол, хомсомуол салалталара кэлбиттэрэ.
Мин хомсомуол сэкиритээрэ буоларым быһыытынан президиумҥа кинилэри кытта турбутум. Ити бэлиэ түгэн туһунан киинэ уһуллубута, улахан дьон кэннигэр турбут буолан үчүгэйдик көстүбэппин. Поезд этэрээтин дьоно аллараа олорбуттара, киинэҕэ бары үчүгэйдик көстөбүт диэн билигин астыналлар.
Тымныы, ол эрэн, наһаа үчүгэй күн этэ, поезд кэллэ диэн бары үөрүү-көтүү буолбуппут, Ая Яковлева ырыа ыллаабытын өйдүүбүн. История умнуллубат түгэнэ итинник этэ.
— Ити кэмнэргэ Беркакит бөһүөлэгэ тэриллибитэ?
— 1978 сыллаахха, быһыыта, бөһүөлэк саҥа тэриллибитэ. Беркакит Сэбиэтин депутаттарынан Валерий Фомин, Лина Аянитова буолбуттара, мин Нерюнгри куорат иккис ыҥырыылаах Сэбиэтин депутатынан, исполком чилиэнинэн талыллыбытым.
Исполком 9 чилиэннээҕэ, ол иһигэр, Нерюнгри куорат салайааччылара: горком сэкиритээрэ И.И.Пьянков, Ньурба киһитэ М.П.Кочнев бааллара, кэлин миниистир буолбута. Салалта өттө хайдах үлэлиирин, боппуруостары быһааралларын көрөргө эмиэ интэриэһинэй баҕайы этэ, бэйэтин туһугар салайарга үөрэнии оскуолатын аастаҕым.
ССКП райкомун иккис сэкиритээринэн биир дойдулаахпыт Петр Семенович Федоров үлэлиирэ. Олох улахан сүдү киһи, бүлүүлэр диэн өйдөбүллээх этибит. Хаҥаласка баһылыгынан, АПИП салайааччытынан үлэлээбитэ. Билигин биэнсийэҕэ олорор, Нерюнгри землячествотын салайар. Кини эбийиэктэр тутууларыгар биһиэхэ наһаа көмөлөһөр этэ, тэрилтэлэртэн көрдөһөн спорт саалатын тутуутугар батарея, турба биэрэрэ.
Тындаҕа салалтаны кытта элбэхтик сылдьан мунньахтарга кыттарбыт, уопут атастаһарбыт, элбэх кэнсиэртэри, биллиилээх артыыстары көрөрбүт.
Беркакит бөһүөлэгэ наһаа үчүгэй, бастаан барыта мас тутуу этэ. Беркакикка икки поезд: Кузбасстан «СМП -591» уонна биһиги «СМП -595» үлэлииллэрэ. Биһиги мас өттүн тутар этибит, кузбасстар блочнай дьиэлэри оҥороллоро. Саха сиригэр собуоттар суох буоланнар, блоктары атын сиртэн аҕалыахтарыгар диэри кузбасстар үлэлэрэ бытаарара. Биһиэнэ тэтимнээх этэ.
— Бүлүүттэн БАМ-ы тутууга сылдьыбыт комсомолецтары билиһиннэриэҥ дуо?
— Мииринэйгэ үлэлии сылдьан БАМ тутуутугар 1974 сыллаахха балаҕан ыйыгар «Якутскай комсомолец» этэрээккэ Люба Яковлева уонна Руслан Николаев тиийбиттэрэ, саамай үлэһит дьоммут этилэр. Любаны бары наһаа убаастыыр этилэр. Бүлүүлэртэн Аня Богданова БАМ тутуутугар сылдьыбыта, кини үөрэххэ киирэн, төннөн кэлбитэ. Улууспут бастакы баһылыга Юрий Антонович Михайлов армияҕа сылдьан, БАМ тутуутугар кыттыбыта.
Тындаҕа учебнай комбинакка штукатур-маляр, каменщик идэлэригэр үөрэнэ сылдьар оҕолорбутугар биирдэ тиийбиппэр, эн биир дойдулааххын көрүстүбүт, оһуохайдаатыбыт, үҥкүүлээтибит диэн сэргээн ахан кэпсии тоһуйбуттара. Юрий Антонович Михайловы көрсүбүттэр этэ. Мин кинини кытта «иҥнэлээх сап» курдук сылдьабыт. Комсомол райкомугар, БАМ-ҥа, улуус баһылыгынан эмиэ кини кэннэ кэлбитим. Кини армияҕа «Илин БАМ» өттүгэр сылдьан, саха оҕолорун көрсөн, күнү быһа наһаа үчүгэйдик сылдьыбыттар этэ.
— ССРС саамай муҥутуур тутуугар – БАМ тимир суолун оҥорууга кыттыбыккыттан туох өйдөбүл хаалла?
— Хомсомуол чилиэннэрэ БАМ тутуутугар үлэлии-хамсыы сылдьарбытыттан астынарбыт, историяны оҥорор курдук сананарбыт, дойдубутугар тимир суолу тутан аҕалан сайыннарар патриотическай санаалаах этибит. БАМ дойду олоҕор эпохальнай тутуу буолара биллэр этэ, улахан тутууга кыттыспыт дьоллоохпун.
Билигин санаатахха эдэр дьон үлэ бөҕөтүн үлэлиир эбиппит, үөрүү-көтө аргыстаах сылдьарбыт, ол саҕана БАМ бэйэтэ ураты, туспа тыыннаах, эйгэлээх этэ. БАМ тутааччылара сайын Европа социалистическай дойдуларыгар путевканан баран кэлэллэрэ.
Быйыл БАМ тутуутун өрөгөйдөөх 50 сыла туолбутун бэлиэтиэхпит. Урут 5 сыл буола-буола бары Тындаҕа тиийэн көрсөөччүбүт. Атын этэрээттэр эмиэ кэлэллэрэ. Нерюнгрига сылдьааччыбыт, быйыл алданнар, беркакиттар үбүлүөйү тэрийиини былдьаһаллар. Аллараа Бэстээхтэн саҕалаан куораттарга, бөһүөлэктэргэ БАМ үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин ыытарга быһарыы таҕыста.
— Анастасия Кирилловна, БАМ туһунан интэриэһинэй интервьюҥ иһин барҕа махтал буоллун! БАМ үйэ аҥардаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэ, бары үчүгэйи, уһун дьоллоох олоҕу!
* * *
Даҕатан эттэххэ, Анастасия Кирилловна Павлова, ол саҕана 28 тыһ нэһилиэнньэлээх Бүлүү улууһун баһылыгынан 1994-2001 сыллардаахха үлэлиир кэмигэр улууска бэйэтин туһугар «тиэхиньиичэскэй өрөбөлүүссүйэ» оҥоһуллубута диэтэххэ сыыспатым буолуо.
Бүлүү куората биллэ кэҥээбитэ, уот, гаас ситимнэрэ ыраахха диэри тардыллан куорат илин өттө кэтэх дьиэлэринэн тутуллубута, саҥа кыбаарталлар үөскээбиттэрэ. 1998 сыллаахтан Бүлүү куоратын кэтэх дьиэлэрэ үксэ «күөх оттукка» көһөрүллүбүттэрэ. Бүлүүтээҕи электрическэй ыстаансыйаҕа ПАЭС-тар таҥыллан туруоруллубуттара, үрдүк баттааһыннаах гаас ситимэ тиэрдиллибитэ. Билигин тымныы кэмҥэ линияҕа саахал да таҕыстаҕына, уот кыамтата мөлтүүр кэмигэр ПАЭС үлэлэтиллэн, уот араарылларын бүлүүлэр билбэттэр.
Биллэн турар, ити элбэх тэрийэр үлэни эрэйбитэ. Өссө да элбэх кэскиллээх былааннар олоххо киирбэккэ хаалбыттара.
Элбэхтэн биир түгэни билиһиннэрдэххэ, кэлэр өттүгэр улууска саҥа эбийиэктэри киллэрэргэ уот кыамтата тиийиэ суоҕун билэн, Анастасия Павлова Алдан өрүскэ турар таас чоҕунан үлэлиир көмүсчүттэр электроэнергияны оҥорор улахан кыамталаах ыстаансыйаларын ылан, Бүлүү куорат таһыгар өрүскэ туруорарга «Якутскэнерго» хампаанньаны кытта үлэни саҕалаабыта. Ыстаансыйа кэлэн турбута буоллар, кэлин син биир гаас оттукка көһөрүллэн улууска уот күүрүүтэ биллэ эбиллиэхтээх, 25 тыһ кВт тиийиэхтээх этэ. Оччотугар билигин уот кыамтата, күүрүүтэ тиийбэтин туһунан кэпсэтии суох буолуон сөп этэ.
Ити курдук, улуус, Бүлүү куората сайдарыгар элбэх кылаатын киллэрбит Анастасия Кирилловна Павлова эдэр сылдьан ССРС муҥутуур тутуутугар – БАМ тимир суолун оҥорууга кыттыбыт дьоллоох. Бүгүн тимир суол Аллараа Бэстээххэ кэлбитигэр, Саха сирин олохтоохторо тимир суолунан айанныыр буолбуттарыгар, кини уонна БАМ-ы тутуспут биир дойдулаахтарбыт үтүөлэрэ баар!
Николай Куприянов.