“Алгыс” сынньалаҥ киинин иһинэн үлэлиир В.О.Каратаев аатынан олоҥхоһуттар норуодунай коллективтарын тэрийиитинэн “Харысхал” түмсүү Бүлүү улууһуттан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарга араас көмөнү оҥорон, хомуйан үлэлээбитэ ыраатта.
Бу күннэргэ маскировачнай сетка оҥоро сылдьаллар. Ону таһынан уолаттары харыстыы, араҥаччылыы сырыттыннар диэн харысхаллары оҥороллор. “Бастакы нүөмэрдээх оскуола 9 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин илиилэринэн блиндажнай чүмэчилэри оҥорон аҕалбыттарын кытта оҥоһуктары, хомуллар көмөнү (ас, таҥас) бу күннэргэ ыытыахтаахпыт, Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр диэри тиийэ охсуон наада”,- диэн Светлана Иванова этэр.
Бу түмсүү Олоҥхо дьиэтигэр баар. Манна ким баҕарар кэлэн көмөлөһүөн, бэйэтин кылаатын киллэрсиэн сөп диэн биллэрэллэр. Бары бииргэ түмсэн, уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьан, кыайыылаах төннөллөрүн туһугар үлэлэһиэххэ диэн ыҥыраллар.
Василина Татаринова.