Сүүрүүнэн элбэх спортсмен үлүһүйэрэ «Азия оҕолоро» оонньууларга үчүгэйдик көһүннэ

Бэс ыйын 30 күнүгэр Николай Тарскай аатынан Туймаада стадиоҥҥа сүүрүү күрэҕэ буолан ааста. Уопсайа 15 араас хамаандалар күрэхтэстилэр. Бу Саха сирин, Россия атын уокуруктарын,  Азербайджан, Кыргызстан, Казахстан, Таиланд, Беларусь уонна атын дойдулар сүүмэрдэммит спортсменнара. Барыта 180 кыттааччылар араас дистанцияларга бэйэлэрин күүстэрин холонон көрдүлэр.

Бүлүүттэн Владислав Данилов уонна Андрей Буслаев кыттыыны ыллылар. Уолаттар туох баар кыахтарын ууран туран кытыннылар, бэйэлэрин эрдэтээҥҥи результаттарын тупсардылар. Владислав Данилов 400 миэтирэлээх дистанцияҕа сүүрдэ, үс иһигэр киириэҕин 2 сөкүүндэ тиийбэтэ. Андрей Буслаев 1500 миэтирэлээх дистанцияҕа сүүрдэ, финишка онуһунан кэллэ.

Бу маннык таһымнаах оонньууларга кыттыыны ылбыттара улахан  ситиһии диэн сыаналыыбыт уонна уолаттарбытыгар инникитин өссө үрдүк чыпчааллары дабайалларыгар баҕарабыт.

Василина Татаринова.

Читайте дальше