2022 сылга диэри Тааһаҕар нэһилиэгин “Эйгэ” норуот айымньытын дьиэтэ 2000 сыллаахха “2000 үтүө дьыала” бырагырааманан тутуллубут мас дьиэҕэ үлэлээн олорбута.
Ааспыт 2022 сылга Тааһаҕар нэһилиэгэр биир саамай үөрүүлээх, күүтүүлээх түгэн ахсынньы ый 23 күнүгэр буолан ааспыта. «Эйгэ» НАДь 100 сылыгар бэлэх буолан саҥа сырдык, сылаас аныгылыы тутуулаах култуура дьиэтэ тутуллан, аанын арыйан өрөгөйбүт үрдээтэ. «Култуура» национальнай бырайыагынан тутуллубут саҥа дьиэбитигэр 150 миэстэлээх cаала, профессиональнай музыка, уот-күөс тэриллэрэ, нэһилиэк библиотеката, музей, куруһуок хоһо, үлэһиттэр кабинеттара бааллар.
“Сахастройтранс” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, дириэктэр Артур Гаврильевич Антонов кулууппут кэмигэр тутуллан үлэҕэ киириитин, “Ай-Тал”хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ, дириэктэр Терехова Туйара Николаевна кулууп ис тупсаҕай көстүүтүн, дизайынын хааччыйдылар.
Норуот айымньытын дьиэтин иһинэн араас түмсүүлэр тэриллэн үлэлээн-хамнаан олороллор: “Эгэлгэ” норуот тыйаатыра, “Эгэлгэчээн” оскуола саастаах оҕолор тыйаатырдара, “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ, “Күбэйэ Хотун” фольклорнай, “Сайдыына” эдэр ийэлэр, “Дуоҕа” эр дьон, “Дьүөгэ” дьахталлар, “Декор” доруобуйаларынан хааччахтаах дьон, “Сардаҥа” оҕолор фольклорнай түмсүүлэрэ, “Сайдам” вокальнай куруһуок, “Тааһаҕар олоҥхоһуттара” фольклорнай түмсүү, “Кэрэ симэх” прикладной искусствоны сэргээччилэр түмсүүлэрэ, “Остуол оонньуутун таптааччылар”, “Дьоһун саас” пенсионердар, “Мир через объектив” хаартыска-видео студията, “Чоргуй” чабырҕахсыттар, “Чуораанчык” оҕолор фольклорнай ансамбыллара таһаарыылаахтык үлэлииллэр.
Кулууп дириэктэринэн 1980 сылтан ситиһиилээхтик, үрдүк таһымнаахтык Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Петрова Клавдия Васильевна салайан үлэлии-хамныы сылдьар. Кини хас биирдии тэрээһин хаачыстыбалаах, дьону тардар, көрөөччү дуоһуйууну ылан барарын курдук кыһанан туран, түүнү-күнүһү аахсыбакка, иллээх коллективын кытта биир дьиэ кэргэн курдук айар-тутар. “Эйгэ” норуот аймньытын дьиэтэ эдэрдии эрчимнээх, күнтэн-күн саҥаны айар, дьон туһугар үлэлиир коллективтаах.
Кулууп дьиэтэ тас да, ис да көстүүтэ киһи хараҕын үөрдэр, дьон санаатын көтөҕөр. Кэлии дьон ону эмиэ бэлиэтииллэр. Ол курдук саҥа дьиэ аһыллыытыгар араас сиртэн элбэх ытык-мааны ыалдьыттар кэлэн кулуубу көрөн сөҕөн-махтайан барбыттара. Тупсаҕай көстүүлээх, ураты сахалыы дизайннаах, сырдык, ыраас дьиэҕэ киһи эрэ бары санаата көтөҕүллэн туран үлэлиир-хамныыр, саҥаны айар-тутар. Хас биирдии тэрээһин хаачыстыбата тупсан, аныгы олох ирдэбилигэр толору эппиэттиир гына тэрийиллэр.
Тааһаҕарга култуура эйгэтэ сайдыытын сүрүн кэрдиистэрин санаттахха маннык: 1921-22 үөрэх сылыгар Тааһаҕар 1 кылаастаах (ол аата 4 сыллаах) оскуолатыгар Антоний Софронович Семенов учууталлаабыт. Кини (кыһыл партизан Иннокентий Софронович Семенов убайа) сахалыы аата Мотойуу.1921 сыллаахха ааҕар балаҕан аан маҥнай арыллыбыт. Ол ааҕар балаҕан үлэтин кини салайан үлэлэппит.1957 сыллаахха колхуостаахтар күүстэринэн тутуллубут тыа сирин кулууба үлэҕэ киирбитэ. Ааспыт үйэттэн саҕалаан сайдыы балысханнык киирэн сылтан-сыл аайы култуурабыт дьиэтэ, үлэтэ-хамнаһа сайдан кэллэ.
Тааһаҕар олохтоохторо, ыалдьыттара бу саҥа таас дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ кэлэр көлүөнэ ыччаппыт талаана сайдарыгар, култууратын таһыма үрдүүрүгэр биир сүрүн күүс буолуоҕун бигэтик эрэнэллэр.
“Мин Тааһаҕар нэһилиэгин олохтооҕобун. “Эгэлгэ” норуот тыйаатырыгар тэриллиэҕиттэн кыралаан кыттар этибит. Көрдөөх сыаҥкалары, испиктээкиллэри оонньоон Дьокуускайынан, Үөһээ Бүлүүнэн, Амманан, Горнай улууһунан күрэхтэргэ кыттан, астынан-дуоһуйан кэлээччибит. Саҥа кулуупка киирэн санаабыт көтөҕүллэн туран аҕыйах кэм иһигэр кэнсиэр бөҕө туруоран, араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. Биэнсийэҕэ олорооччулар хомуллан, урукку эдэр кэмнэрин санаан “Ностальжи” ырыа-үҥкүү киэһэтин ыыппыттара олус үчүгэй, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэн көстүүм тиктиитин сүпсүлгэнэ урукку кэми санаппыта… Онон биһиги нэһилиэкпитигэр дыбарыас курдук кыраһыабай кулууп тутуллубута Тааһаҕардар олохпутун биллэрдик сэргэхситтэ, саҥа таһымҥа таһаарда. Аны киинэ көрдөрөр оборудование кэлэн улахан экраҥҥа киинэ көрөөрүбүт күүтэ сылдьабыт”, — диэн Валентина Иванова санаатын үллэстэр.
Олохпут биир сиргэ турбат, сылтан сыл үүнэбит, сайдабыт, чэчириибит. Нэһилиэкпит сайдарын туһугар хас биирдии олохтоох күүһүн-уоҕун уурар, кэскиллээҕи эрэ кэрэһэлиир.
Ульяна Григорьева.