Кулун тутар 31 күнүгэр Тааһаҕар нэһилиэгэр өр сылларга сылгыһыттаабыт биир дойдулаахтарбыт ааттарыгар анаан “Сылгыһыт күрэҕэ — 2024” тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Сарсыарда 11 ч. тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар алгысчыт Николай Тимофеевич күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар алгыһын тиэртэ.
Ол кэннэ “Сылгыһыт күрэҕэ” түөрт этабынан ыытылынна.
5 хамаанда кыттыыны ылла:
«Сулус» хамаанда, Тааһаҕар нэһилиэгэ:
1.Григорьев Александр;
2.Шамаев Айаал;
3.Яковлева Мария;
4.Поскачина Федосия.
«Кустук» хамаанда, Тааһаҕар нэһилиэгэ:
1.Семенов Станислав;
2.Поскачин Владислав;
3.Прокопьева Аина;
4.Харлампьева Матрена.
«Чаҕыл» хамаанда, Тааһаҕар нэһилиэгэ:
1.Поскачин Альберт;
2.Поскачин Афанасий;
3.Шамаева Аина;
4.Баишева Елена.
«Баккан» хамаанда, Тааһаҕар нэһилиэгэ:
1.Поскачин Алексей;
2.Сельтюков Юлиан;
3.Катанова Людмила;
4.Поскачина Маша.
«Бөтүҥ», Бөтүҥ нэһилиэгэ:
1.Ильинов Март;
2.Ильинова Алла;
3.Харлампьев Владимир;
4.Каратаева Анна.
1 түһүмэх. “Аты ыҥыырдааһын, сыарҕалааһын” түһүмэххэ кыайыылаахтарынан буоллулар:
🥇1 миэстэ “Кустук” хамаанда, хамандыыр — Семенов Станислав. Сылгыһыт Потапов Василий Семенович оҕолоро туруорбут 10.000 солк. уу харчы бирииһинэн наҕараадаланна.
🥈2 миэстэ «Бөтүҥ» хамаанда, хамандыыр- Ильинов Март. Сылгыһыт Иванов Анатолий Николаевич оҕолоро туруорбут 5.000 солк. уу харчы бирииһинэн наҕараадаланна.
🥉3 миэстэ “Баккан” хамаанда, хамандыыр — Поскачин Алексей. Тааһаҕардааҕы Сельпо маҕаһыын уонна ИП К.В.Прокопьев бириистэринэн наҕараадаланна.
2 түһүмэх . “Кэрэ аҥардар түһүмэхтэрэ”
🥇1 миэстэ — “Чаҕыл” хамаанда. Ефремов Владимир Спиридонович аймахтара туруорбут 10 000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
🥈2 миэстэ — «Кустук» хамаанда. “Мичээр”оҕо саадын коллектива туруорбут анал бирииһинэн — пароварканан наҕараадаланна.
🥉3 миэстэ — “Баккан” хамаанда. Тааһаҕардааҕы ФАП 2000 солк. харчынан уонна олохтоох дьаһалта коллектива туруорбут портативнай колонкатынан наҕараадаланна.
🥇1 миэстэ — “Баккан” хамаанда. Ил Түмэн депутата Григорьев Е.А. туруорбут анал бирииһинэн — булчут балааккатынан наҕараадаланна.
🥈2 миэстэ — «Бөтүҥ» хамаанда. Тааһаҕар орто оскуолатын коллектива туруорбут 3000 солк. харчынан наҕараадаланна.
🥉3 миэстэ — “Сулус” хамаанда. Олохтоох дьаһалта туруорбут инструмент наборунан уонна портативнай колонканан наҕараадаланна.
4 түһүмэх. “Сыал ытыы”
🥇1 миэстэ — “Чаҕыл” хамаанда. ИП «М.М.Прокопьева» туруорбут 5000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
🥈2 миэстэ — «Кустук» хамаанда. “Эйгэ” НАДЬ коллектива туруорбут 3000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
🥉3 мисэтэ — “Баккан” хамаанда. Олохтоох дьаһалта туруорбута инструмент наборунан наҕараадаланна.
“Сылгыһыт күрэҕэ — 2024” күрэхтэһии уопсай түмүгэ
🥇1 миэстэ — “Кустук” хамаанда, хамандыыр -Семенов Станислав. Николаев Николай Тимофеевич — I аймахтара туруорбут 20.000 солк. суумалаах «Модун» маҕаһыыҥҥа сертификатынан наҕараадаланна.
🥈2 миэстэ- «Баккан» хамаанда, хамандыыр — Поскачин Алексей. Ефремов Кирилл Петрович аймахтара туруорбут 17000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
🥉3 миэстэ — “Чаҕыл” хамаанда, хамандыыр — Поскачин Альберт. Потапов Герасим Алексеевич аймахтара туруорбут 15 000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
Сылгыһыттар күрэхтэрин кэннэ 3 дистанцияҕа ат сүүрдүүтэ буолла.
Түөрдүгэр диэри саастаах аттары сүүрдүүгэ
🏇🏻🥇1 миэстэ — жокей Поскачин Альберт Көмүс ураанньык атынан. Поскачин Кирилл Дмитриевич кэргэнин уонна оҕолоро туруорбут 12 000 солк. уу харчынан наҕаарадаланна.
🏇🏻🥈2 миэстэ — жокей Сельтюков Юлиан Кыра уол атынан. Олохтоох дьаһалта анал бирииһинэн наҕараадаланна.
🏇🏻🥉3 миэстэ — жокей Григорьев Александр Монгол атынан. Тааһаҕардааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата туруорбут 3000 солк. харчынан уонна олохтоох дьаһалта бирииһинэн наҕараадаланна.
Саха атынан сүүрдүүгэ:
🏇🏻🥇1 миэстэ — Айаал Шамаев Айхал атынан. Иванов Марк Матвеевич анал бирииһинэн — ледобурунан наҕарааданна. Ону таһынан Ефремов Егор Вениаминович сиэннэрэ, хос сиэннэрэ 25 000 солк. уу харчынан бириис анаан туруордулар.
🏇🏻🥈2 миэстэ — Семенов Станислав Ленка атынан. Олохтоох дьаһалта анал бирииһинэн наҕараадаланна.
🏇🏻🥉3 миэстэ — Поскачин Афанасий Маппый атынан. ИП «Осипов Алексей Алексеевич» 3000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
Тупсарыллыбыт саха аттарын сүүрдүү.
🏇🏻🥇1 миэстэ — Семенов Станислав Кустук атынан. Осипов Николай Иннокентьевич оҕолоро туруорбут 15 000 солк. уу харчынан наҕараадаланна.
🏇🏻🥈2 миэстэ — Поскачин Алексей Улахан уол атынан. Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын департамена туруорбут 4000 солк. суумалаах «Модун» маҕаһыынтан сертификат уонна олохтоох дьаһалта анал бирииһэ.
🏇🏻🥉3 миэстэ — Поскачин Афанасий Бөтүҥчээнэ атынан. Бүлүү улууһун депутата Константинов Е.Р. туруорбут 3000 солк. уу харчынан уонна олохтоох дьаһалта анал бирииһинэн наҕараадаланна.
Күрэхтэһии түмүгүнэн анал бириистэри туттардылар:
1.Поскачин Дмитрий Афанасьевич Семенов Станиславка 15 000 солк. харчынан;
2.Потапов Семен Владимирович уонна Потапов Василий Семенович аймахтарын аатыттан Поскачин Афанасийга уонна Семенов Станиславка 10 000 солк. харчынан уонна хамаанда хапытааннарыгар анал бириистэри туттардылар.
3.Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Потапов Чаҕылхаан Герасимович «Чаҕыл» хамаандаҕа 5000 солк. бириис туруорда.
4.ИП «Дильденкин» саамай эдэр кыттааччыга Поскачина Машаҕа 5000 солк. суумалаах анал бириис туруорда.
5. Күрэххэ кыттыбыт дьоҥҥо аймахтара, бииргэ үлэлиир дьонноро, доҕотторо бэйэлэрин эҕэрдэлэрин этэн туран, хас биирдиилэригэр бириис туттардылар.
Бу күҥҥэ кыттыбыт дьон, ыалдьыттар, олохтоох нэһилиэнньэ тыҥааһыннаах күрэҕи көрөн астына сынньанан тарҕастылар.
Кыттыыны ылбыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Өрүү маннык түмсүүлээх буолуҥ, ат спордун өрө тута сылдьыҥ!
Ульяна Григорьева,
Тааһаҕар.