Таҥха кэмэ саҕаланна. Былыр да, билигин да дьон-сэргэ инникилэрин тымтыктанан көрө сатыыр үгэстээхтэр. Мин оҕо эрдэхпинэ дьонум кэпсэтэллэриттэн быстах-остох өйдөөн хаалбытым диэн манныктар.
Ийэм этэринэн биир аймаҕа дьахтар остуол сүүрдүбүт. Остуоллара лүһүгүрээн сүүрэн сүрдээх үһү. Онтон биир атаҕа тостон хаалбыт. Ол остуол сүүрпүт дьахтар сүрэҕэ хайдыар диэри куттаммыт. Кини эдэр сааһыгар сэлликтээн өлбүт. Сэһэнтэн сэһэн диэбиккэ дылы мин кыра оҕо эрдэхпинэ (ийэм хоонньугар сытабын) остуолбут тыаһын истэбит. Аҕам ону: «Ити ыйдаҥаҕа маҕаньыыттанар быһыылаах, ол иһин ити остуол хамсыыр»,- диир. Биирдэ таайым Миисэ: «Остуолбут хамсыыр, хайдах буолабыт»,-диэтэ диэн күлсэллэрин өйдүүбүн.
Кэлин ол остуолу аҕам балта Балагыай ылбыт үһү. Остуол туһунан кэлин тугу да кэпсээбитэ иһиллибэтэҕэ.
Аҕам кэпсииринэн, дьон киһи уҥуоҕун таһыгар тиийэн хаарынан көмнөрөллөрө үһү. Оччоҕуна сүллүүкүттэр кэлэн эрдэ өлүөх киһини: «Ээ, өлүөҕэр өлбүт, сотору өлүөхтээх этэ»,-дииллэр эбит, оттон хойут өлөр киһини: «Бу хойут өлөр киһи»,- диэн баран олоҕун барытын кэпсээн биэрэллэрэ үһү.
«Кэбиһиилээх окко саһа сыттахха сылгылар кэпсэтэллэр, дьэ ону-маны барытын сэһэргииллэр, онно бааргын биллэрдэххинэ, өлөҕүн» эбэтэр «Сэргэ тула хаар куталлар сиидэлээн, дьэ онно сүөһүҥ, сылгыҥ элбиир буоллаҕына туйах суола, өлөр киһиэхэ хоруоп суола көстөр»,- диэн кэпсиирэ оҕо
санаабар олус кутталлаах курдуга. «Өссө эргэ өтөххө кэлэн түннүк нөҥүө илиигин уктаххына, куобах тыҥыраҕынан курдугунан хайа тартахтарына куһаҕаҥҥа, оттон сымнаҕас түүнэн имэрийдэхтэринэ үчүгэйгэ буолар»,-диэн ийэм эппитэ төбөбөр хаалбыт.
Биирдэ ийэбитин: «Туохта эрэ көрдөрүүй!» -диэн ынньаҕалаттыбыт. Быанан тардыллар күүгүнэй оонньуубутун алдьатан баран, хат оҥоттороору гыммыппытын буолуммата. «Былыр биһиги итинник оонньуурбутунан оһох кэннигэр тыаһатан кууһурҕатан куттаабыта»,-диир. «Оччоҕо өрбөҕүнэн куукула оҥорон биэр»,-диибит. «Онтугут эмиэ абааһы буолар»,- диэбитэ. «Арай «От Атах» оҥоруом», -диэтэ, биһиги үөрэн өрүкүнэстибит. Ийэбит таҥнан таһырдьа таҕыста. Туох эрэ дьиктини көрөөрү кэтэһии буолла. Сотору соҕус хороҥ от, туос, куруппааскы куорсуна булан киллэрдэ. Ийэбит хороҥ отунан киһи курдугу оҥордо. «Мантыгыт мээнэ буолбатах, тыл иҥин этиилээх»,-диэт ынах арыытын ылла. Онтон туоһун сылытан, куорсунун илиитигэр ылан, арыынан тугу гынта буолла өйдөөбөппүн…
«Аҕам ынах арыытынан аҕаатым, сул туоһунан суулаатым… От Атах кыпчый»-, диэтэ. Куруппааскы маҥан куорсунунан От Атаҕын таарыйар-таарыйбат гынаатын, кырдьык-хордьук, От Атахпыт атахтарын хамсатта. Биһиги омун-төлөн дьон дьиктини көрөн саҥа аллайдыбыт. Ийэбит: «Ити өссө сатаммата ээ, От Атаҕы ону-маны гыннаттаран баран, От Атах, атаххынан тээп!»-диэтэххэ киһиргээн туура тэбэн кэбиһээччи диэтэ. Биһиги сонурҕааһын бөҕө, бэйэбит да боруобалаан От Атаҕы хамсата сатаатыбыт быһыылааҕа. Онно хайдах буолтун өйдүүр ирээт суох, арай аҕабыт кэлбитигэр кэпсээбиппитин эмиэ маҕаньыыт тардыыта иҥин диэн быһаарбыта. Аҕабыт аҕата таҥара үөрэҕэр үөрэнэ сылдьыбыт буолан, ойууну, абааһыны итэҕэйбэтэ үһү. Өлбүт дьоҥҥо сылдьан саалтыыр ааҕар, мэҥэ таастарын суруйара эбит. Халыҥ баҕайы таҥара кинигэлээҕин аҕам өлбүтүн кэннэ хоруобар уган ыыппыт. Аҕам аҕатын күлэн эппитин өйдүүбүн: «Аҕам суох диир абааһытын кытта охсуһан, туох эрэ кыра тутуу эркинин ылан кэбиспитэ»,- диэн. Баҕар, ол иһин аҕабыт ону-маны итэҕэйэн куттас буолуохтара диэн»маҕаньыыт» диэн быһаарара дуу дии саныыбын.
Алгыстаах Сарыада,
Бүлүү, Бороҕон.
14.12.2023 с.